Хаартыска: СИА
Саха сиригэр быйыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнтэн орто үөрэх кыһатыгар үөрэнэ киирбит устудьуоннарга 50 тыһыынча солкуобайдаах биир кэмнээх төлөбүр бэриллиэҕэ.
Харчынан төлөбүрү Саха сиригэр ирдэнэр уонна кэскиллээх идэлэргэ үөрэнэр устудьуоннар ылыахтара. Бу туһунан Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр.
Төлөбүр харчы сууматын сорох чааһын үөрэх төлөбүрүгэр туһаныахха сөп. Биир кэмнээх төлөбүр үөрэх былаһын тухары биир эрэ төгүл ананыаҕа. Сайабылыанньаны олорор сиринэн устудьуон социальнай көмүскэл управлениетыгар бу сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн туттарыан сөп. Манна үөрэх төлөбүрүн дуогабара ирдэнэр. Сайабылыанньаны 18 сааһын туолбут устудьуон биитэр оҕо сокуоннай бэрэстэбиитэлэ толорор.
Итини кытта төлөбүрү анатарга сайабылыанньаныe-yakutia портал нөҥүө, эбэтэр «Мин докумуоннарым» офистарга, «Почта России» отделениеларыгар биэриэххэ сөп.
Арассыыйа аармыйатын Киин Академическай тыйаатыра Саха сиригэр кэлиэн иннинэ тыйаатыр дириэктэрэ Милена Авимскаялыын маннык кэпсэппиппит.…
Бүгүн, от ыйын 6 күнүгэр, Таатта улууһун хайысхатынан араас массыына, оптуобус халҕаһалыы субуллар. Манчаары төрүт…
Мэлдьи ахтар-саныыр доҕорбунаан Ньукулайдыын 80-с сыллартан “Кыым” хаһыакка үлэлиэхпититтэн билсибиппит. Хомсомуолга иитиллибит, хомуньуус баартыйа кыһатыгар…
Ураты быһыылаах түргэн мантыы ырысыабынан социальнай ситимнэринэн фудблогер уонна спортсмен Владимир Никитин үллэһиннэ. Өрөбүл күҥҥэ…
Норуот ырыаһыта Сергей Зверев төрөөбүтэ 125 сылынан Сунтаар улууһун Түбэй Дьаарханыгар ыытыллыбыт Ыһыах кыттыылаахтара Ыгыаттаҕа…
Сахабыт сиригэр самаан сайыммытын уруйдуур-айхаллыыр, араас ыһыахтар дьэ бүтэн эрэллэр. Мин эмиэ сааспын баттаһа, биир…