Павел Трофимов: “Кэлии эт буолбатах”

Share

Кыстыкка киириинэн хас ыал ахсын сыл тахсар этинэн хааччыныы кыһалҕата турда. Этэ суох, атыылаһан олорор дьон ханна үчүгэй эмис эт атыыланарын туһунан истэ-билэ сылдьаллар.

Ол эрээри бэҕэһээ социальнай ситиминэн чурапчылар Дьокуускайга “Триумф” таһыгар  атыылаабыт эттэрэ кэлии эт эбит, бэчээтигэр көстө сылдьар диэн сурах тарҕанан, дьону аймаата. Үгүс киһи итэҕэйдэ, сорох кэлэйдэ.

Бу сурах төһө оруннааҕын туһунан эти атыылаабыт чааһынай тэрилтэ салайааччыта Павел Трофимов “Саха сирэ” хаһыат саайтыгар маннык хоруйдаата:

— Биһиги чааһынай тэрилтэбит. Чурапчы улууһун этин үһүс сылбытын атыылыыбыт. Ол курдук, чааһынай дьонтон эти тутабыт, аҕалан атыылыыбыт. Сүрүннээн улуус тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар Мырыла дэриэбинэтин кытта үлэлэһэбит. Бу сырыыга “Триумф” иннигэр 12 туонна курдугу атыылаатыбыт. Илин өттүн 690 солк., кэлин өттүн – 790 солк. сыанаҕа атыылаабыппытын куорат олохтоохторо хото атыыластылар. Эппитин Чурапчыттан биир нэдиэлэ хомуйан баран, үс күн ледоколу кэтэһэн олорбуппут. Онтон улахан айан массыыналарын суоппардарыттан нэһилиэнньэҕэ сибиэһэй эти илдьэ иһэбит диэн көрдөһөн, быһа киллэрэн абыраабыттара. Биһиги сыл аайы атыылыыбыт, онон ааппытын-суолбутун харыстыыбыт. Эккит үчүгэй диэн элбэх баҕайы киһи махтаммыта, билигин да: “Дьиҥнээх сахалыы миин иһэн абыранныбыт”, — диэн эрийэллэр. Онон биһиги атыылаабыт эппитигэр ханнык да кэлии эт суох этэ диэн чопчу этэбит. Билиҥҥи ирдэбилинэн эт барыта бэчээттэнэр. Биһиги туппут эппитин барытын анаалыска ыытабыт уонна ол түмүгүнэн бэтэринээринэй сибидиэтэлистибэ ылабыт уонна эккэ бэчээт туруортарабыт. Элбэх ыарахаттары көрсөн, Дькуускай куорат олохтоохторун удамыр сыанаҕа сибиэһэй этинэн төһө кыайарбытынан  хааччыйбыппыт кэннэ итинник сымыйа сурахтары соруйан тарҕаталларыттан киһи олус хомойор.

What’s your Reaction?
+1
125
+1
1
+1
1
+1
4
+1
10
+1
7
+1
11

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

17 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

1 час ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

15 часов ago