Салгыы
«Көлүөнэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи патриотическай лааҕыр эдэри да, эмэни да түмэ тарта

«Көлүөнэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи патриотическай лааҕыр эдэри да, эмэни да түмэ тарта

02.08.2024, 17:30
Хаартыска Амма улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ илин эҥээр улуустарын ыччатын уонна бэтэрээннэрин «Көлүөнэ» 2-с өрөспүүбүлүкэтээҕи патриотическай лааҕырдара аһыллынна диэн Амма улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Лааҕыр Саха сирин сэрии, үлэ, сэбилэниилээх күүстэр уонна быраабы араҥаччылыыр уорганнар уопсастыбаннай тэрилтэлэрин, ону таһынан «Амма улууһун дьаһалтатын итиэннэ социальнай уонна ыччат бэлиитикэтин управлениеларны өйөбүллэринэн тэрилиннэ.

Маннык лааҕыры тэрийии Саха сиригэр патриотическай иитии систиэмэтин күүһүрдэр сыаллаах.

Тэрийээччилэр лааҕыр доруобай олоҕу тарҕатар, көлүөнэлэр икки ардыларыгар доҕордуу сыһыаны олохтуур, кыттааччылар гражданскай-патриотическай иитии эйгэтигэр бииргэ үлэлээһиннэрин сайыннарар, олоххо көхтөрүн үрдэтэр соруктаах диэн бэлиэтииллэр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: