Салгыы
Хатастар көмө-тирэх буоларга бэлэмнэр

Хатастар көмө-тирэх буоларга бэлэмнэр

26.05.2023, 17:30
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Амарах санаа, абыраллаах быһыы-майгы… Бу дорҕоон алтыһыыта, тыл майгыннааһына эрэ буолбатах, бу бэйэтэ туһугар хоһоон ырыа курдук сырдыгынан, сылааһынан сыдьаайар тыллар. Амарах санаалаах абыраллаах, быыһыыр, өйүүр-өйдүүр, көмө-тирэх буолар.

Дойдуга субу билигин буола турар быһыыга-майгыга, ыксаллаах, өрө-таҥнары тутуулаах, тургутуулаах кэмҥэ, норуот судургута суох дьылҕатыгар илии илииттэн ылсан, тоҥолох-тоҥолохтон тутуһан, сарын-сарынтан өйөнсөн өйү-санааны ыспакка, уйулҕаны огдолуппакка бииргэ буолуу тыына үрүҥ тыыммытын өллөйдүүр, сүһүөхпүтүн-тирэхпитин булларар.

Ыам ыйын 25 күнүгэр Хатаска  “Тускул” Култуура киинигэр  айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс санаанан салайтаран,  сааһыттан тутулуга суох  ийэлэр, эдьиийдэр, эбээлэр мустаннар охсуһуу хонуутугар сылдьар эр хоһуун уолаттарбытыгар таҥас-сап тиктилэр. Таһыттан көрдөххө бэрт дьоҕус сүгэ сылдьар мөһөөччүккэ сииккэ-буорга, тыалга-кууска, куйааска сылдьар дьоҥҥо сөптөөх чараас да, халыҥ да кэмпилиэк  таҥас (сылааһы тутар чараас-сылаас ыстаан, ырбаахы, футболка, плащ  уонна «хаки» таҥастарынан икки көстүүм, кээнчэ) тигилиннэ. Барыта 16 киһи кытынна.

Бу «Илии сылааһа» (тепло рук) диэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үгүс дьону-сэргэни түмпүт, сомоҕолообут  хамсааһын күн бүгүн эрэ саҕаламмыт дьыала буолбатах. Саҕалааччылартан, көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ  Ирина Егоровна Саввина биир санаалааҕын Аммосова Александра Васильевналыын кэлэн, маастар-кылаас көрдөрдүлэр, ымпыгын-чымпыгын кэпсээтилэр. Ирина Егоровна,  кырдьыга даҕаны,  үтүө дьыала үтүмэн дьону биир тыыҥҥа, биир тэтимҥэ киллэрбитин бэрт итэҕэтиилэхтик кэпсээтэ. Ол курдук,  кинилэр  көрдөһүүнү ылынан улуустарынан сылдьан, маастар-кылаастары көрдөртөөн, быһааран күн бүгүн Мэҥэ Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Таатта  уо.д.а. улуустар амарах санаалаахтарын кытта үлэлэһэллэр эбит. Аны кэлиҥ, көрдөрүҥ диэччи улуустар,  этэргэ дылы,  кырыы кырыытынан анньыһан элбэхтэр эбит.

Хатас нэһилиэгэ бу да сырыыга түмсүүлээхтэрин, тэрээһиннээхтэрин дьиҥ чахчы көрдөрдүлэр. Манна даҕатан кэпсээн ааһар эбит буоллахха,  ханна да буоларын курдук,  бу уустук балаһыанньа саҕаланаатын кытта түмсэ, сомоҕолоһо түһэн анал суумкалары тигиигэ, эми-тому хомуйан ыытыыга, таҥаһы-сабы хомуйууга маҥнайгы аахсыйалар буолуталаабыттара.  Онно  сылдьар дьоммут санааларын көтөҕөр туһугар «Саллаакка сурук» диэн тэрээһиҥҥэ, оскуолабыт оҕолоро собо миинин, сылгы этин кэнсиэрбэлээн ыыппыттара.  Хатас уус уолаттара саха быһаҕын оҥорон (хаҥас илиилэринэн туттааччыларга, уҥа илиилэринэн туттааччыларга тус туһунан чочуйан-оҥорон), портка киирэн атааран, уоппускаҕа кэллэхтэринэ анаан көрсөн, сэһэргэһэн ылаллар. Аны бу уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр муус ылыытыгар, хаары ыраастааһыҥҥа көмө, Ньукуолуҥҥа анаан Байанай бэлэҕиттэн  кус бэрсиитэ уо.д.а.

Онтон бу бүгүҥҥү тэрээһини  «Илии сылааһа» иистэнэр сыахха баҕа өттүнэн көмөлөһө бара сылдьыбыт Семенова Евдокия Ефимовна, Жиркова Татьяна Григорьевна уонна Токоемова Саргылаана Ивановна көҕүлээһиннэринэн, саҕалааһыннарынан,  “Тускул” КК кэлэктиибэ сүбэлэһэн, мунньахтаан баран сүүрэн-көтөн, үлэлиир усулуобуйаны тэрийэн (аһыгар-үөлүгэр тиийэ) ыыттыбыт. Бүгүн кэлбит хас биирдии кыттааччыга ис сүрэхтэн махтанан туран олохтоох дьаһалта салайааччыта Пермяков Евгений Петрович тыл этиитин бары дууһабытынан ылынныбыт.

“Тускул” КК дириэктэрэ Чепалов Валентин Азотович кыттааччыларга барыларыгар Махтал сурук туттарда. Кэлбит дьону киин  кэлэктиибин үлэһиттэрэ сүүс бырыһыан кыттыһан (ким эбии ас-үөл аҕалан, ким астаан, ким сууйан-тараан уо.д.а),   итии аһылыгынан күндүлээтилэр. Манна аһылыгынан көмөлөспүт «Илгэ» (салайааччы Ксенофонтова Саргылана Ивановна) маҕаһыыҥҥа дириҥник махтанабыт. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кыттыбыт Смирникова Тамара Герасимовнаҕа, Чабыева Наталья Гаврильевнаҕа, Павлова Наталья Николаевнаҕа, Ефремова Полина Захаровнаҕа, Дьячковская Ольга Павловнаҕа, Харитонова Светлана Иннокентьевнаҕа, Хатылаева Валентина Николаевнаҕа, Иванова Саргылана Гаврильевнаҕа, Степанова Саргылана Васильевнаҕа, Халиулина Ньургуйаана Ивановнаҕа, Чикачева Марианна Андреевнаҕа, Тарасова Анита Васильевнаҕа, Павлова Галина Петровнаҕа, Дегтярева Розалия Ивановнаҕа,Белолюбская Ньургуйаана Алексеевнаҕа, Сергучева Вероника Акимовнаҕа  дириҥ махталбытын тиэрдэбит.

Көрөрбүт курдук,  бары “саха сатаабатаҕа суох” диэн этиини  толору дакаастыыр,  иискэ-күүскэ сыһыаннаах, саха дьахтара сатыырын барытын оҥорор далбардар. Оскуолаттан, олохтоох дьаһалтаттан, «Кэрэчээнэ» оҕо уһуйааныттан, анал иис-күүс тэрилтэтигэр үлэлээччилэртэн, оҕо көрөн олорооччулартан уо.д.а.  саҕалаан, олох бары хайысхатыгар үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьар ийэлэр, эбээлэр.

Дьэ,  ити курдук амарах майгы  ханна да сүппэтэҕин, туруулаһар быһыы майгы тирээтэҕинэ көмө-тирэх буоларга бэлэм,  киэҥ көҕүстээх, уһун санаалаах дьон баар буоланнар  бииргэ буоларга  бигэ санаабыт бигэтийдэ.

Наталья РУФОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 ноября
  • -18°C
  • Ощущается: -18°Влажность: 78% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: