Көмө — биһирэбиллээх үтүө хамсааһын

Share

Ньурба оройуонун Чуукаар нэһилиэгин олохтоохторо байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥороллорун, түмсүүлээхтэрин, көхтөөхтөрүн туһунан нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Татьяна Николаевна Афанасьева кэпсиир.
— Биһиги Чуукаарбыт нэһилиэгин олохтоохторо байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыаҕыттан ыла тута күүс-көмө буолар үлэлэргэ кыттан барбыттара. Ол курдук, араас тэрээһиннэргэ, үлэлэргэ, Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ ыытар аахсыйаларыгар көтүппэккэ кытта сылдьаллар. Тэрилтэлэринэн, олохтоохтортон байыаннайдар дьиэ кэргэттэригэр харчынан көмө хомуллубута. Маны таһынан улууспутугар баар байыаннайдары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр пуондаҕа көмө харчы утумнаахтык хомулла турар.
Эдэр ыччаппыт бу үтүө, аһымал дьыалаттан туора турбат. Оскуола оҕолоро уонна эдэр ыччаттар волонтер хамсааһынынан көмөлөрө улахан. Онон оҕолуун-улаханныын биһиги дьоммут байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар буойуну суохтаппат курдук, дьиэ кэргэттэригэр от-мас тиэйэн киллэриигэ, бородууктанан хааччыйыыга, култуурунай тэрээһиннэргэ босхо сырытыннарыыга, кыстыыр оттук мастарын бэлэмнээн, дьиэлэрин таһыгар киллэрэн биэриигэ түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр. Бу – улахан биһирэбиллээх уонна киһи үөрэр хамсааһына.

Оттон кэрэ аҥаардарбыт түмсүүлэрэ Сахабыт сирин байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарыгар наадалаах тэриллэри, харысхаллары бэлэмнээһиҥҥэ, анал таҥаһы-сабы тигиигэ туох да элбэх үлэни ыыттылар.

Нэһилиэкпит олохтоохторо үтүө дьыалаҕа өрүү даҕаны олус көхтөөхтөр, түмсүүлээхтэр диэн биһиги өрүү киэн тутта кэпсиибит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Хот-дог сиэбит дьон олохторо 36 мүнүүтэнэн кылгыыр үһү

Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…

1 минута ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Үтүө тэрээһин

ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһаныынан Уһук Илин уокурукка инники сылдьар

Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһанан саҥа төрөөбүт оҕону бэлиэтэттэрии  ахсаанынан Уһук Илин уокурукка инники…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

60 саастаах дьахтар кумааһынньыктаах харчыны уорбут

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит.…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускайга гарааска баһаар кэнниттэн өлбүт киһини буллулар

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар.    Ленскэй…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо тыйаатырыгар олоҥхону толорооччулар бөлөхтөрө баар буолуоҕа

    Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…

3 часа ago