Көмөбүт тустаах сиргэ туһалыы сылдьар

Share

Запорожьеҕа уонна Донецкайга байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар Ньурбаттан төрүттээх байыастарга улуус күүһүнэн хомуллубут көмөнү тиэрдибиттэрэ. Онуоха байыастартан улахан махтал тыллардаах видео тиийэн кэлбит. Ол туһунан улуус А.Иннокентьев баһылыга бу курдук кэпсээтэ.

— Уолаттарбытыттан бу видеоны тутаммыт көмөбүт тустаах сиргэ үчүгэйдик сулууспалыы, туһалыы сылдьарын көрөн, сөпкө дьаһана сылдьарбытын бигэргэттибит. Ааспыт ыйга байыаннай сулууспалаахтары өйүүр пуондабытыттан тэхэньиичэскэй тэрили тэҥэ, уолаттарбыт сакаастарынан 2 массыына ылан илдьибиппит. Массыына кинилэргэ олус наадалааҕын билэбит.
Билигин пуондабытыгар 114 тыһ. солк. эрэ тахса хаалла. Биһиэхэ Ньурба улууһун урбаанньыттара элбэх сууманы ыыталлар, маны тэҥэ тэрилтэлэр, түмсүүлэр, биирдиилээн дьон улахан көмөнү оҥороллор.
Быйыл пуондаттан барыта 7 мөл. солк. тахса үп байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар байыаннай сулууспалаахтарга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө быһыытынан барда. Салгыы даҕаны биир дойдулаахтарбыт, туора туран хаалбакка, ким төһө кыахтааҕынан көмөлөһөргүтүгэр ыҥырабын.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

14 часов ago