Көмөнү быһаччы «итии туочукаларга» тиэрдиэхтэрэ

Көмөнү быһаччы «итии туочукаларга» тиэрдиэхтэрэ

18.11.2022, 11:50
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ эйигин кытта!” көмөнү хомуйуу өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстааба мобилизацияламмыт дьоҥҥо көмөнү байыаннай дьайыылар буола турар сирдэрин чугаһыгар илдьиэҕэ. Бу туһунан ыстаап салайааччыта Айыл Дьулурҕа иһитиннэрдэ.

Биһиги урут көмөнү Илиҥҥи байыаннай уокурук чаастарыгар, Уһук Илин куораттарыгар тиэрдэр буоллахпытына, билигин баһыылкалары “итии туочукаларга”, байыаннай дьайыы чугаһыгар тиэрдиэхпит,  — диэн кини эттэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ көмө мунньуллар ыскылаата, тырааныспар баар. Байыаннай чаастары кытары сибээс олохтоммут. Айыл Дьулурҕа этэринэн, ыстаап үлэтин Биир кэлим электроннай былаһааккаҕа саҕалаабыт. Манна байыаннай сулууспалаахтар сайаапкалара түмүллэр эбит.

— Электроннай былаһаакка байыаннайдар көөдөһүүлэригэр суһаллык хардарарга көмөлөөх. Өрөспүүбүлүкэ наадалаах сэби-сэбиргэли атыылаһар. Ол эрээри, ыстааппыт тэрилтэлэртэн уонна чааһынай дьонтон көмөнү ыларын салгыыр. Байыаннай чаастарга сылаас таҥас, мэдиссиинэ аптечкалара олус наадалар, —  диэн кини бэлиэтээтэ.

“Саха сирэ эйигин кытта!” мобилизацияламмыт дьоҥҥо көмө пууна маннык аадырыска баар: Дьокуускай к., Орджоникидзе уул., 10-с дьиэтэ. Сарсыарда 10 чаастан киэһэ 7 чааска диэри үлэлиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: