Өрөспүүбүлүкэ култууратын тэрилтэлэрэ, бу эйгэ үлэһиттэрэ ким да туора турбаккалар, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥорууга түмсүүлээхтик үлэлииллэр. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччыта Афанасий Ноев хаһыат саайтын ааҕааччыларыгар кэпсээтэ:
— Саха сирин култууратын тэрилтэлэрин күүһүнэн байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар көмөнү оҥорууга барыта 31,9 мөл солкуобайдаах үп хомуйуллубута. Бу көмөнү өйөөннөр, өрөспүүбүлүкэ култууратын бөдөҥ тэрилтэлэрэ, тыйаатырдар, түмэллэр, бибилэтиэкэлэр, култуура үөрэҕин кыһалара бары кытыннылар. Кэлэктииптэр кэнсиэртэн, испэктээктэн киллэрэр үптэриттэн, биир күннээҕи хамнастарыттан харчыны хомуйаннар, байыаннай сулууспалаахтарга көмөнү оҥорууга биэрбиттэрэ. Холобура, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар көмөнү оҥоруу өрөспүүбүлүкэтээҕи пуондатыгар П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 448 тыһыынча солкуобайы, Опера уонна балет тыйаатыра — 280 тыһыынча солкуобайы, Нуучча тыйаатыра – 200 тыһыынча солкуобайы, СӨ Цииркэтэ 270 тыһыынча солкуобайы туттарбыттара. Өрөспүүбүлүкэ түмэллэриттэн элбэх үбү Ярославскай аатынан түмэл – 112 тыһыынча солкуобайы, Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһэ — 288 тыһыынча солкуобайы, ону таһынан СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ — 276 тыһыынча солкуобайы хомуйан биэрбиттэрэ.
Бу үлэҕэ муниципальнай тэриллиилэр култуураҕа управлениелара күүскэ кытта олороллор. Саха сирин бары улуустарыгар «Когда мы едины, мы непобедимы», «Своих не бросаем» аһымал аахсыйанан кэнсиэртэр, араас быыстапкалар, үтүө санаа аахсыйалара уо.д.а. элбэхтэ ыытылыннылар. Маны сэргэ култуура тэрилтэлэрэ байыаннай сулууспаҕа сылдьар буойуттарбыт дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүү бэрээдэгинэн, култуура тэрээһиннэригэр кинилэр босхо сылдьыыларыгар аахсыйалары салгыы ыыта, үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Бары улуустарга муниципалитеттар байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр олох-дьаһах кыһалҕаларыгар, иһэр ууга мууһу, оттор маһы бэлэмнээһиҥҥэ, сүөһүгэ оту тиэйиигэ уо.д.а. барытыгар көмөнү оҥоро олороллор. Бу үлэлэргэ култуура кииннэрэ, кулууптар үлэһиттэрэ сир аайы биир көхтөөх кыттааччынан, көҕүлээччинэн буолар. Кинилэр иилээһиннэринэн-саҕалааһыннарынан нэһилиэнньэ араас араҥаларын түмсүүлэрэ, олохтоохтор буойуттарга байыаннай усулуобуйаҕа сөптөөх таҥаһы-сабы, аптечкалары, үрүсээктэри уо.д.а. тигиигэ, харысхал бэлиэлэри оҥорууга, аһымал аахсыйа кэнсиэртэригэр, араас ис хоһоонноох быыстапкаларга, оҕолорго, нэһилиэнньэҕэ театрализованнай туруорууларга, хаартыска быыстапкаларыгар, «Саллаакка сурук», «Үтүө санаа дьуолката» курдук тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк биир санаанан кыттыылара тохтообокко ыытылла тураллар.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…