«Кэмпэндээйи устун» турмаршруттар
Сунтаар Кэмпэндээйитэ дьикти, ураты айылҕалаах сир. Манна цеолит, туус, чох хостоноро да улахан суолталаах.
Нэһилиэк бибилэтиэкэтин үлэһитэ Татьяна Местникова сыл аайы саҥаттан саҥа туристическай маршруттары оҥорон кэлбит дьону Кэмпэндээйини билиһиннэрэр. Кылбаа маҥан тууһунан бүрүммүт бассейн кэлбит дьону эрэ барытын сөхтөрөр. Бу олус киэҥ, дириҥ ис хоһоонноох Туус собуотун, үлэтин, айылҕа дьиктитин толору билэр Татьяна Местникова «Кэмпэндээйи устун» бэртээхэй маршруттары тэрийэн үлэлэтэр.
Ыалдьыттыы кэлбит киһи түөрт араас маршрутунан Кэмпэндээйи туһунан билсиэн сөп. Туус уонна цеолит түмэлэ, туус хостонор сир, Кырбый уйата, санаторий, Хоҥоруу хайата, Таас Туус, Үөннээх Хайа о.д.а. Түмэли оҕолор үөрэ-көтө сырдаталлара өссө кэрэхсэбиллээх. Алик Максимов Үөннээх Хайаттан динозавр уҥуоҕун булбутун туһунан олус умсугутуулаах кэпсээннээх. Оҕолор дойдуларыттан туох эрэ дьиктини буллулар да түмэлгэ аҕалар, сүбэлэтэр үгэстээхтэр. Холобур, Ваня Федоров хоппо муҥунан муспут таастарын туһунан кэпсээнэ элбэх. Бибилэтиэкэ оскуоланы кытта «Туус Кэнэли» диэн лааҕыры үлэлэтэн ыччат дьоҥҥо элбэх билиини биэрэр. Бу сайын нэһилиэк волонтер оҕолоро бибилэтиэкэҕэ көмө буолаллар. Кинигэни быыллыыллар ону кытта архыыбы үйэтитэллэр. Сайын үтүөтүгэр бу турмаршрутка саамай күүтүүлээҕэ эмтээх күөлгэ, үрэххэ сөтүөлээһин буолар.
Тускулаана Горохова-Кобельянова
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: