@suntaar_ulus
Сунтаар Кэмпэндээйитигэр котлованнай ньыманан элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуута саҕаланна. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Кэмпэндээйи сирэ-уота ураты буолан таас дьиэни дьэндэтэн таһаарыы судургу буолбатах. Сир анныгар уулаах сирдэргэ, маннык бетон-билиитэ дьапталҕа үрдүгэр дьиэлэри тутуу уопута Дьокуускай 203 микро-оройуонугар эрэ туһаныллыбыта. Манна 18 миэтэрэ уһуннаах гидрогеологическай трубканы сир анныгар уган уу таһымын, температурнай көрдөрүүтүн хонтуруоллууллар.
Дьапталҕатын оҥорон бүтэрдэхтэринэ 20 устуука холуонналары түһэрэн дьиэни бэйэтин тутан саҕалыахтара.
3 этээстээх, 32 кыбартыыралаах таас эбийиэк «Хаарбах туруктаах дьиэттэн олохтоохтору көһөрүү» федеральнай бырагырааманан тутуллар.
Бэдэрээтчитинэн Кэмпэндээйиттэн төрүттээх «НИДСТРОЙ» тутуу тэрилтэтин салайааччыта Герман Терянов буолар. «Маннык улууска ыытыллар баараҕай тутуулары олохтоох дьон ылсан үлэлииллэрэ кэрэхсэбиллээх уонна хаачыстыбалаах эбийиэк буолуоҕа», — диэн баһылык Анатолий Григорьев санаатын этэр.
Кэмпэндээйигэ өссө биир үөрүүлээх түгэнинэн дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин резервнэй пуондатын үбүлээһининэн оскуола-саад тутуллуоҕа. Бырайыак муус устар ыйыгар федеральнай хамыыһыйа көрүүтүгэр барбыта.
Бу күннэргэ Дьокуускайга Арчы дьиэтигэр сырдык санааны саҕар ис хоһоонноох дьоро тэрээһин буолан ааста. Бу…
Ааһан эрэр сыл ахсынньы 18 күнүгэр "Ника" банкеттыыр саалаҕа "Ситим" өрөспүүбүлүкэ көҥүл суруйааччыларын сойууһун уопсастыбаннай…
Ийэ айылҕабыт бэйэтэ анаан үүннэрэр эмтээх отун-маһын көдьүүстээхтик туһаныы билиҥҥи кэмҥэ ордук суолталанна. Бүгүн ааҕааччыларбытыгар…
Уус Алдаҥҥа Бэрт Ууһугар (баһылык И.П.Ильин) нэһилиэккэ дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэйэргэ диэн анаан муус ылан бэлэмнээн кэбиһэр үтүө үгэстээхтэр.…
81 сыл буолан баран, эһээтин уҥуоҕун булбут байыас Валерий Петровка байыаннай сулууспа диэн тус…
Бүгүн субуота, сынньалаҥ үтүө күнэ. Ыксаабакка, сүүрбэккэ-көппөккө, дуоһуйа сынньаныҥ. Чугас дьоҥҥут аттыгар буолуҥ, сүрэххит этэрин…