Кэмпэндээйигэ оҕолор криогалиты чинчийэллэр
Туус — криогалит буоларын кɵрɵɵрү, чинчийээри тохсунньу 16-20 күннэригэр «Окунись в науку» диэн оҕолорго аналлаах кыһыҥҥы сессияҕа географическай уопсастыбаттан кэлэн оҕолору үөрэттилэр.
Таһырдьа -40-тан тахса тымныы кыраадыс… Маннык тымныыга Кэмпэндээйигэ криогалит диэн сэдэх минералы хостоон булуохха сɵп. Инньэ 1907 сыллаахха бу маннык минерал баарын геолог, учуонай Петр Драверт чинчийэн арыйбыта. Кэмпэндээйигэ сиртэн тыгар ороһуол кыһыҥҥы тымныыга криогалитка кубулуйар, онтон саас сылыйдаҕына ып-ыраас, мап-маҥан туус буолар.
Билигин бу туһунан энтузиаст, бибилэтиэкэ үлэһитэ Татьяна Местникова ыччаттарга үɵрэтэр уонна билиһиннэрэр.
«Окунись в науку» диэн Сунтаар, Элгээйи, Кэмпэндээйи оҕолоругар аналлаах сессия түɵрт күн устата тэрилиннэ. Манна ыччаттар аар айылҕаны кэтээн кɵрүүгэ, тыынар тыыннааҕын чинчийиигэ араас үɵрэҕи ыллылар. Бу үɵрэххэ Кэмпэндээйи тохсус кылааһын үɵрэнээччилэрэ Радомир Федоровы уонна Тася Саввинованы кытта билистим. Радомир олох кыратыттан динозавр уҥуохтарын кырамталарынан чинчийии үлэтин ыытан ситиһиитэ олус элбэх, онтон Тася — Степан Крашенинников Кэмпэндээйи суолларынан чинчийии оҥорбутун үɵрэтэн, ырытан НПК-ларга кыттар эбит.
Кэмпэндээйи бибилэтиэкэтин, улуус дьаһалтатын, үɵрэҕирии салалтатын ыҥырыытын ылынан бу улахан барылга Арассыыйа географическай уопсастыбатыттан ирбэт тоҥ институттан научнай үлэһит Александра Петрова, мл.научнай сотрудник Вилена Ефремова, ХИФУ-тан Иван Пономарев, биологическай институттан Владимир Сафонов кэлбиттэр.
Сессия биир умнуллубат түгэнинэн Петр Драверт чинчийибит Туус күɵлүгэр криагалит кɵрдɵɵһүн буолла. Дьэ, бу курдук 100-тэн тахса оҕо наука кэрэ эйгэтигэр уһуйулунна.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: