Кэмпэндээйигэ сайын өттүгэр цеолиты хостооһун үлэтэ тохтообот
Сахабыт сиригэр цеолит диэн сүүрбэ биирис үйэ минерала Сунтаар Кэмпэндээйитигэр Хоҥоруу диэн сиргэ хостонор. Билигин «Сунтарцеолит» үлэһиттэрэ Мииринэйгэ тиэйиллиэхтээх цеолиты хостооһуҥҥа хайа үөһэ араҥатын аһан бэлэмнээһин үлэтин ыыталлар.
1978 сыллаахха Ким Колодезников диэн геолог арыйбыт Хоҥоруу цеолита билигин Саха сиригэр туһата олус элбэх. Бастаан бу минералы сир баайын хостоон таһаарыыга кɵмɵ эттик эрэ курдук туһанар буоллахтарына, билигин суолга-иискэ, тутууга, тыа хаһаайыстыбатыгар тиийэ тутталлар.
«Сунтарцеолит» Кэмпэндээйи сирин баайын цеолиты, чоҕу хостоон үлэлээбитэ хайыы сах отуттан тахса сыл буолла. Сүүсчэкэ үлэһит тэрилтэ сэттэ хайысхалаах үлэтин кыайа-хото туталлар. Тэрилтэ саҕаланыаҕыттан, уон алта саастаах эрэ сылдьан СПТУ-ну бүтэрэн үлэҕэ киирбит бульдозерист Андрей Пахомов быйыл Ил Дархан «Үлэ киһитэ» үрдүк бириэмийэтин ылбыта — улахан үөрүү.
Цеолиты кыстыкка бэлэмнээһин быйылгы үлэтэ тэтимнээхтик барар. Минералы хостооһуҥҥа саҥа тиэхиньикэлэр — эксковатор, бульдозер, самосвал көлөлөр ылыллан улахан тɵһүү буолаллар. Урукку кэмҥэ икки-үс үлэһит карьерга үлэлиир буоллаҕына, быйыл икки бүк элбээн, аҕыс киһи сылдьар. Үлэ киһитэ, эксковаторщик Андрей Пахомов, аҕа саастаах, опыттаах туруу үлэһиттэр бульдозерист Василий Кобельянов, самосвал суоппара Геннадий Егоров, эдэрдэр — суоппар Василий Колтовской, эксковаторщик Петр Татаев, погрузчик-машиннист Олег Илларионов уонна минньигэс астаах Прокопий Филиппов. Биири сэргии көрбүтүм: Геннадий Егоров уолун тохсус кылаас үөрэнээччитин Ганяны үлэҕэ бииргэ илдьэ сылдьарын. Манан диэн эттэххэ, бу тэрилтэҕэ идэ утумун салҕааһын элбэх, Ганя да суоппар буолуом диэн бигэ тыла олус үөрдэр.
Соҕотох олохтоох промышленнай тэрилтэбит кыамтата үрдээн, былаана кэҥээн иһэрэ — сайдыы туоһута. Карьер салайааччыта Александр Кычкин — Тааттаттан төрүттээх уол, манна күтүөттээн кэлэн бу тэрилтэҕэ үлэҕэ киирэн, бары идэни баһылаата. Кини этэринэн, кыһын өттүгэр цеолиты тиэйэргэ бэлэмнээһин үлэтин былаана толору ситтэ.
Түмүккэ: «Бу сиртэн хостонор цеолиппыт аны кыһын «Интер» рудникка, «Айхал» ГОК-ка тиэллиэҕэ, ону кытта пеноцеолит оҥоһуллан дьиэ тутуллуоҕа, сорох кырамталара улууспут суолугар туттуллуохтара», — диэн олус киэн тутта, өссө эбии Хоҥоруу хайатын саҥа саппааһын арыйар бигэ санаалаах салайааччы Петр Попов санаатын үллэстэ-үллэстэ, кэлэр сыллар былааннаах үлэлэрин хайатын көрдүбүт.
Быйыл «Сунтарцеолит» 35 сыла. Бу үөрүүлээх күҥҥэ Кэмпэндээйитээҕи чох карьерыгар икки мэндиэмэннээх, баанньыктаах, сынньанар, аһыыр сирдээх үлэһиттэргэ аналлаах дьиэ үлэҕэ киириэҕэ. Бу карьер суолун оҥоруутугар улахан үлэ барда уонна бу күннэргэ «Кыччыгый Харыйалаах» муостатын тутуутун бүтэрэн, сайыҥҥы үлэ таһаарыылаах буолбутун бэлиэтииллэр. Онтон бу күннэргэ салайааччы, улуус дьокутаата Петр Попов уонна «Сунтарцеолит» тэрилтэ, бэйэтин үлэлиир түөлбэтигэр баар Владимир Павлов аатынан уулусса асфальтанарыгар нэһилиэккэ көмө бэрээдэгинэн босхо гравий кутан көмөтө улахан.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: