Салгыы
«ICL Техно» хампаанньа көмпүүтэрэ пуорум быыстапкатын киэргэттэ

«ICL Техно» хампаанньа көмпүүтэрэ пуорум быыстапкатын киэргэттэ

12.11.2024, 21:20
Хаартыска: Елена Потоцкая түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бүгүн «Үлэ кыбартаала» креативнай кластерга ыытыллыбыт “Цифровой алмаз” III федеральнай пуорум бастакы күнүгэр дойду араас эрэгийиэннэриттэн бэрт элбэх сыыппара эйгэтигэр үлэлиир тэрилтэ кыттыыны ылла.

Хаартыска: Елена Потоцкая түһэриитэ.

1991 сыллаахха тэриллибит «ICL Техно» хампаанньа көмпүүтэр, сыыппара, мэдиссиинэ тэриллэрин таҥан таһаарар. Бу тэрилтэ көмпүүтэрдэрин батарар «Блок технологий» ГК  (Группа компаний «Блок технологий») атыыга-эргиэҥҥэ отделын исписэлииһэ Татьяна Шеменева бэлиэтииринэн, бу тэрилтэ сүрүн офиһа Хабаровскай куоракка баар. Тэрилтэ филиаллара Москваҕа уонна Краснодарга үлэлииллэр.

«Блок технологий» ГК хас да хайысханан үлэлиир: «ICL Техно» хампаанньа таҥар көмпүүтэрин тарҕатыы, анал бырагыраамалары оҥоруу, сыыппара эйгэтигэр үлэлиир исписэлиистэри аттестациялааһын.  Биһиги Саха сиригэр эрэ буолбакка, Уһук Илин эрэгийиэннэрин барыларын хабан,»ICL Техно» хампаанньа көмпүүтэрдэринэн хааччыйабыт, — диэн санаатын үллэһиннэ Татьяна Шеменева.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: