Көмүөл Нам улууһугар чугаһаата

Көмүөл Нам улууһугар чугаһаата

16.05.2024, 11:31
Хаартыска -- Андрей Сорокин /СИА
Бөлөххө киир:

Өлүөнэ өрүскэ муус Кангаласс бөһүөлэгин аттынан хамсаата уонна Нам улууһун сиригэр-уотугар чугаһаан эрэр диэн Гражданскай оборуона, нэһилиэнньэҕэ куттала суох буолууну хааччыйыы дьыалаларыгар миниистири солбуйааччы Айаал Вензель брифиҥҥэ кэпсээтэ.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

— Биир-икки күнүнэн көмүөл Нам улууһугар тиийиэҕэ. Хаҥалас, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан улуустарыгар, Дьокуускай аттынан намыһах сирдэри уу ылыан сөп. Онон айылҕаҕа сылдьарга сэрэхтээх буолуохха наада, — диэн кини эттэ.

Өлүөнэ өрүскэ Өлүөхүмэ улууһун 1-кы Нөөрүктээйи нэһилиэгэр уу таһыма билигин да үрдүк. Кыыллаах арыы аттынан харыы үөскээбитэ. Бүлүү өрүскэ Сата арыытын аттыгар харыы үөскээн турар.

— Быйыл Өлүөнэ өрүс эрдэлээн эстэн, ону тэҥэ, муус намыһах таһымынан устан, Ленскэй оройуонун сиригэр-уотугар харыылар үөскээтилэр. Муус устан барбытын да кэннэ, кытылга, хонууга муус бөҕөтө олорон хаалар. Бэҕэһээ икки сиргэ — Кыыллаах арыы уонна Сата арыытын аттыгар харыылары дэлби тэптэрии үлэтин ыыттылар. Өлүөхүмэ улууһугар хаайтаран турбут муус хайыта барда, — диэн Айаал Вензель кэпсээтэ.

Халыма өрүскэ Зырянка бөһүөлэгин аттынан уу таһыма намтаан эрэр. Алдан өрүскэ Батамай сэлиэнньэтин аттынан муус хамсаата. Уус Алдан улууһугар Чэриктэй уонна Дыгдал сэлиэнньэлэрин аттынан харыы тахсыан, уу таһыма үрдүөн сөп.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
1 ноября
  • -20°C
  • Ощущается: -20°Влажность: 84% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: