Көмүс күһүн көмүс ыаллара

Көмүс күһүн көмүс ыаллара

30.09.2023, 12:00
Хаартыска: Саха сиринээҕи ЗАГС управлениета.
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 15 күнүгэр Бүлүүчээҥҥэ олорор ытык-мааны ыал – Константин Михайлович уонна Марфа Николаевна Контогоровтар 50 сыл бииргэ олорбут үбүлүөйдэрин – кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээтилэр.

Хаартыска: Саха сиринээҕи ЗАГС управлениета.

Бүлүүчээн сис ыаллара

Бүлүүчээн нэһилиэгин дьаһалтатын (баһылык С.К. Барамыгин) көҕүлээһининэн, үөрүүлээх түгэни Сунтаардааҕы ЗАГС салаатыгар киирэн, бэлиэ­тээтилэр. Контогоровтар ааттара Сунтаар улууһун “Кыһыл көмүс кинигэтигэр” киллэрилиннэ. Кыһыл көмүс сыбаайбалаахтарга Ил Дархан Айсен Николаев Махтал суругун, ЗАГС Саха сиринээҕи управлениетын “Дьиэ кэргэн килбиэнэ” бэлиэ­ни туттардылар. Оҕолоро, аймахтара истиҥник эҕэрдэлээтилэр.

Муся уонна Костя лоп курдук 1973 сыллаахха балаҕан ыйын 15 күнүгэр сыбаайбалаабыттара. Оччолорго сэлиэнньэ аҥаара сыбаайбаҕа күүлэйдээбитэ.

Билигин Марфа Николаевна уонна Константин Михайлович 4 оҕону иитэн-улаатыннаран, элбэх сиэн, хос сиэн таптал­лаах эбээлэрэ-эһээлэрэ, нэһилиэк сис ыала буолан  олороллор.

Константин Михайлович 1951 сыллаахха төрөөбүтэ, Сэбиэскэй Аармыйа кэнниттэн сибээс тиэхиньикумугар киирэн үөрэммитэ. Кини үлэтигэр олус эппиэтинэстээх, ирдэбиллээх, бэриниилээх үлэһит быһыытынан биллэрэ.

Марфа Николаевна 1946 сыллаахха төрөөбүтэ, үлэ бэтэрээнэ, Бүлүүчээн нэһилиэ­гин Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ норуотун маастара, “Саха саргыта” түмсүү салайааччыта. Кылынан-сиэлинэн өрөн, кэрэ оҥоһуктары оҥорор. Кини өр сылларга уһуйааҥҥа үлэлээбитэ.

Константин Михайлович уонна Марфа Николаевна олохторун улахан дьиэ кэргэннэригэр, оҕолору, сиэннэри иитиигэ, кинилэргэ төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэриигэ, үтүө үгэс­тэргэ үөрэтиигэ анаабыттара. Онон оҕолоро бары төрөппүттэрин туйахтарын хатаран, үчүгэй үлэһит, ыал буолан олороллор.

Контогоровтар билигин да эрчимнээх, олоххо тардыһыылаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһө олорор, элбэх эдэр дьоҥҥо холобур буолар ыал. “Бачча өр иллээхтик-эйэлээхтик олоруу кистэлэҥэ туохханый?” диэн ыйытыыга маннык хоруйдууллар: “Бэйэ-бэйэҕитин истэр уонна хайаан да биир түмүккэ кэлэр буолуҥ! Оччоҕо эти­һии-мөккүһүү суох буолар”.

Хаартыска: Саха сиринээҕи ЗАГС управлениета.

“Күһүҥҥү серенаданан” арыалланан

Нам улууһугар үөрүүлээх түгэн буолан ааста. Бэйэ-бэйэлэрин таптаһан, ытыктаһан, бур-бур буруо таһааран, бииргэ ыал буолан олорбут үбүлүөйдээх күннэрин икки ыал ЗАГС дыбарыаһыгар бэлиэ­тиир үөрүүлээх түгэннэрэ тосхойдо.

60 сыл ыал буолан олорбуттарын Матрена Афанасьевна, Аркадий Николаевич Пестряковтар уонна кыһыл көмүс сыбаайбаларын Мария Дмитриевна, Иннокентий Иннокентьевич Ивановтар бэлиэтээтилэр.

Кинилэр үйэлэрин тухары Нам улууһун сайдыытыгар үлэлээн, оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин атахтарыгар туруорбут ытык дьон буолаллар. Бу күн кинилэри улуус баһылыга Юрий Слепцов уонна Нам сэлиэнньэтин баһылыга П.Г. Сокольников кэлэн эҕэрдэлээн, 50-нуу тыһыынча солкуобай суумалаах сэртипикээттэри туттардылар.

Ивановтар кыһыл көмүс сыбаайбаларыгар кыһыл көмүс биһилэҕи кэттилэр, илии баттаатылар. Үөрүүлээх тэрээһин түмүгэр сыбаайбалаах ыал аҕа баһылыга Иннокентий Иннокентьевич “Күһүҥҥү серенада” ырыаны бэлэх ууммута соһуччу кэрэ түгэн буолан, кэлбит ыалдьыттары долгутта.

Хаартыска: Саха сиринээҕи ЗАГС управлениета.

Амма кыһыл көмүс ыалын чиэстээтилэр

Амма улууһугар ЗАГС салаа­­тыгар 50 сыл бииргэ олорбут, кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтиир Мария Саввична уонна Роман Павлович Семеновтары чиэстээтилэр.

Кыһыл көмүс ыалы Амма улууһун Бочуотун кинигэтигэр киллэрдилэр. Амма улууһун баһылыгын э.т. Василий Бураев кэлэн эҕэрдэлээтэ.

Семеновтар 1973 сыл атырдьах ыйын 20 күнүгэр ыал буолбуттара. Түөрт оҕону төрөтөн, улаатыннардылар. Билигин сиэннэрин көрөр-истэр, кинилэр чуопчаарар саҥаларыттан күннэрэ-ыйдара тахсар дьоллоох эбээ, эһээ буолаллар.

Хаартыска: Саха сиринээҕи ЗАГС управлениета.

Сэттэ оҕону улаатыннарбыттара

Балаҕан ыйын 23 күнүгэр Сунтаар улууһун Аллыҥатыгар аал уоту оттунан, алаһа дьиэни тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн, бииргэ ыал буолан олорбуттара 50 сыллаах өрөгөйдөөх күннэрин Александра Егоровна, Гаврил Егорович Васильевтар бэлиэ­тээтилэр.

Кинилэр өр сылларга төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэктэрин олоҕун уйгута сайдарыгар үлүскэн үлэни үлэлээн кэлбит, сэттэ оҕону улаатыннаран, атахтарыгар туруорбут ытык ыал буолаллар. Александра Егоровна атыы-эргиэн эйгэтигэр, Гаврил Егорович нэһилиэккэ олох-дьаһах хаһаайыстыбатын салайааччытынан үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыттара.

Ыал аҕа баһылыга нэһилиэккэ аҕа түмсүүтүн салайсан, ыччаты булт сиэригэр-туомугар сыһыаран үлэни тэрийэр ытыктанар киһи. Васильевтар оҕолоро ийэлэрин Александра Егоровнаны утумнаан, успуорт араас көрүҥэр ситиһиилэрэ үгүс. Билигин бары үөрэхтээх, үлэһит дьон буолан, үөрэҕирии, олохтоох бэйэни салайыныы, атыы-эргиэн эйгэлэригэр ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Бу күн кинилэр Ил Дархан Айсен Николаев Махтал суругун, улуус, нэһилиэк дьаһалталарын эҕэрдэлэрин, сэмэй бэлэхтэрин туттулар, улуус кыһыл көмүс Бочуоттаах кинигэтигэр киирдилэр диэн Аллыҥа нэһилиэгин дьаһалтатын исписэ­лииһэ Анастасия Никифорова иһитиннэрэр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: