«Көмүс күрүө» алгыска угуттанна

Share

Өймөкөөн улууһун Томторугар ыһыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи «Айыы санаа айана» Олонхо ыһыаҕа бэрт үрдүк таһымнаахтык ааспытын туоһута — дьон-сэргэ истиҥ махтал тыла. 

Күн бүгүҥҥэ диэри улуустартан ыыппыт махтал суруктар Өймөкөөн улууһун бөлөхтөрүгэр тарҕана тураллар. Анаабыр национальнай (дулгаан-эбэҥки) улууһуттан «Анаабыр уоттара» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ,  СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Попова-Сарыада санаатын маннык үллэһиннэ:

Кырдьык да, Олонхо ыһыаҕа ыһыллыбыт Өймөкөөнө хорсун  санаалаах эрэ дьон айаннаан тиийэр дойдута эбит. Аара бииртэн биир кэрэ түгэн көстөн истэ. Ол курдук, Дьокуускай куораттан Өлүөнэ өрүһү өксөйөн, Аллараа-Бэстээҕинэн Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Таатта улуустарын таҕайан, Алдан Эбэни туораан, Томпо улууһун нөҥүөлээн, киһи эрэ сөҕөр-махтайар, салла көрөр туруук очуос хайалар быыстарынан түһэр-дабайар сындалҕаннаах айанынан Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр кыра масыыннанан айаннаан тиийдибит. Манна өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустан, үс күн устата «Көмүс күрүө»этнокомплекс  түүннэри-күнүстэри биир кэм үллэҥнээн олордо. Улуустартан кэлбит ыалдьыттары нэһилиэктэринэн үллэрэн, ыалдьытымсах саха үтүө үгэһинэн айах тутан арчылаан, күндү аһынан күндүлээн, маанылаан, эбиитин бэлэх-туһах туттаран, дьон-сэргэ истиҥ махталын ылыахтарын ыллылар. Биһигини, Анаабыртан тиийбит аҕыйах киһилээх бөлөҕү, Уус-Ньара бөһүөлэгин дьоно үөрэ-көтө көрүстүлэр. Баһылык Иван Максимов баар бары тэрээһиннэргэ бэйэтинэн сүүрэн-көтөн, дьонун кытта тэҥҥэ сылдьарын олус диэн хайҕаатыбыт. Бу түһүлгэҕэ биһигиттэн ураты Нерюнгри, Мииринэй, Сунтаар курдук улахан улуустар элбэх ахсааннаах делегацияларын кытта аһатан маанылаата. Анаабыр улууһун аатыттан Өймөкөөн улууһун уонна Уус-Ньара баһылыктарыгар эҕэрдэ суругу кытта анал сэмэй бэлэхпитин туттардыбыт, музыкальнай эҕэрдэ биэрдибит. Хардары бэйэбит эмиэ өйдөбүнньүк бэлэх туттубут.

Олоҥхо ыһыаҕа Өймөкөөн сирин олоҕуттан-дьаһаҕыттан, ытык өйдөбүллэриттэн таҥыллыбыт 7 тутаах олуктаах кэнсиэпсийэҕэ олоҕурбута харахха быраҕыллар. Ол курдук, Өймөкөөнтөн төрүттээх улуу дьон туһунан саҥа кинигэлэри кытта саха атын уонна Дугуйдан Винокуров айанын туһунан «Сорук» диэн документальнай киинэ сүрэхтэннилэр. Өймөкөөн олоҥхотуттан «Дугуйа Бөҕө» диэн олоҥхонон дьүһүйүү сүрүн тэрээһини арыйда.

Бу олус ураты, хатыламмат туруоруу дьон-сэргэ умсугурбут болҕомтотун өссө дириҥник тарта, нохтолоох сүрэҕин таарыйда. Ил Дархан Айсен Николаев  ыраах айаны аахсыбакка тиийэн кэлбит бары ыалдьыттары Олоҥхо түмэр, умсугутар күүһүн бэлиэтээн туран эҕэрдэлээтэ уонна «өрүү бу курдук биир сомоҕо буолуҥ» диэн ыҥырда. 

Ил Түмэн салайааччытын солбуйааччы Александр Жирков итэҕэтиилээх иэйиилээх этиитин бар-дьон айхаллаан дохсун ытыс тыаһынан махтанна.
Бары түһүлгэлэртэн аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар түөлбэрэ ордук чорбойдо. Манна Томпо улууһуттан, Өймөкөөнтөн Үчүгэй нэһилиэгин эбээннэрэ табаларын илдьэ кэлбиттэрэ олус сонуннук көһүннэ.

Аллараа, Орто, Үөһээ Халымалар бары бааллар. Уус-Майа, Абый, Муома, Анаабыр улуустара кыттыылаах иистэнньэҥнэр быыстапкалара, ырыа-тойук, эрчимнээх һээдьэлэрэ, төрүт тылынан хоһуйсуу күрэхтэрэ үгүс дьону умсугуттулар.

Иккис күҥҥэ араас түһүлгэлэринэн күөн-көрсүү күрэхтэри кытта уран-тарбахтаах иистэнньэҥнэр тикпит таҥастарын көрүү-көрдөрүү киин былаһааккаҕа буолла. Аҥардас саха таҥаһын эрэ буолбакка, бу сырыыга аҕыйах ахсааннаах омуктар сүрүн таҥастара эмиэ киэҥник көһүннэ. Анаабыртан маастардар София Захарова, Афина Дарианова, Прасковья Попова тикпит таҥастара кыттыстылар. 50-ча кыттыылаахтан сүрүн болҕомтону, норуот сөҕүүтүн ылыан ылла ааттаах-суоллаах иистэнньэҥ Изабелла Елякова.  Кини былыргы сахалар таҥнар таҥастардаах дьонун кытта симэхтээх аттарын утуу-субуу сиэтэн киллэрэн, элбэх таҥас кэмбилиэгин көрдөрдө. Манна даҕатан эттэххэ, бу маастар тикпит таҥастарын таҥнан Дугуйдан Винокуров аатырбыт айаныгар туруммут эбит.
Биир сүрүн тэрээһининэн быйыл Саха сиригэр Дьөһөгөй сыла буоларын бэлиэтээн туран, Сылгыһыкка анал пааматынньык арылыыта буолла.

Үгүс элбэх күөн көрсүһүүлэртэн хотугу многоборьеҕа бастакы, иккис миэстэлэри олохтоох ыччаттар ылбыттарыттан, өймөкөөннөр  өрөгөйдөрө өссө үрдээтэ.

Хаартыска -- Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ

Онтон үһүс бочуоттаах миэстэҕэ  Анаабыр уола Дьулус  Туприн тиксэн, харчынан бириэмийэлэннэ.

Үрүҥ түүнү уруйдаан, улуустартан кэлбит айымньылаах вокальнай-инструментальнай ансаамбыллар тыыннаах дорҕоон тыаһынан аныгылыы оһуохай үҥкүү-битии күргүөмүн оройуттан туттулар. Дьон болҕомтотун ипподромҥа ыытыллыбыт ат сүүрдүүтэ тарта. 

Хаартыска -- Василий Кононов, Елена Потоцкая видеота уонна хаартыската

Балаакка куоратыгар итии-тымныы уулаах душ, таҥас өтүүктүүр анал былаһаакка, мобильнай сибээс ситимин холбуур  балааккалар, атыы-эргиэн тутуулара, улуустарынан үллэрэн балаакка түһүлгэлэрэ тэриллибиттэрэ — атын улуустарга ыытыллыбыт ыһыахтартан олус ураты, сонун буолла.  Кылаабынайа, ыалдьыттарг бэртээхэй сынньанар усулуобуйа тэрилиннэ.  Эбиитин Тойон Халлаан  куйаас күннэрин бэлэхтээн, Ийэ Айылҕабыт барахсан туран биэрдэ.

Ыраах улуус диэтэххэ, өймөкөөннөр суоллара үчүгэйин! Онон суолу оҥорор тэрилтэлэргэ, дьиҥнээх үлэһит дьоҥҥо барҕа махталбытын тиэрдэбит. Былыргыттан биллэр, хайалар быыстарынан ааһар кыараҕас ыырдаах айан суолун кэҥэтэн, аныгылыы тимир муосталары таҥан туруоран, очуос хайалар быыстарынан массыыналар куттала суох хардарыта аасыһалларын олохтообуттарыттан олуһун үөрдүбүт. Инникитин кэлии-барыы өссө да сайдыа турдаҕа. Трассанан айанаан истэххэ, тимир көлөлөөх үлэһиттэр билигин да үлэлээн ньиргитэ сылдьаллар. 

Ити курдук, кыракый Томтор нэһилиэгэр киһи-аймах кымырдаҕастыы мустан, ыллаан-туойан тарҕастахпыт.

Омуннаах олоҥхо ис хоһоонун курдук өрө ытыллан баран, «Көмүс күрүө» этнокомплекс барахсан эмискэ иччитэхсийэн, биһигини сайыһа хааллаҕа…


Барҕа махтал буоллун үйэлэргэ умунуллубат, Олоҥхо ыһыаҕын тэрийбит Өймөкөөн улууһун бас-көс дьонугар, олохтоохторугар, оҕолоругар өйтөн-санааттан арахсыбат суолталаах тэрээһини кыайа-хото туппуккутугар.

Баҕарабыт эһиэхэ чэгиэн туругу, үүнүүнү-сайдыыны, эйэлээх-дьоллоох олоҕу!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүҥҥүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Аптаах дорҕоон» киинэ көстүөҕэ

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…

20 минут ago
  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

50 минут ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын 800 кв.м. уокка былдьанна

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…

54 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

1 час ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

2 часа ago