Салгыы
Көмүскэ тэҥнээх учууталлар

Көмүскэ тэҥнээх учууталлар

03.11.2024, 13:35
Дьокуускай куорат оскуолаларыгар билигин 40-нуу оҕо үөрэнэр. СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Билигин Арассыыйа хайа баҕарар муннугар тиий, учуутал тиийбэтин туһунан этэллэр. Быйыл дойду үрдүнэн 11 тыһ. кэриҥэ учуутал тиийбэт диэн иһитиннэрбиттэрэ. Оччотугар учууталга ханнык эрэгийиэҥҥэ, дойдуга үлэлиир ордугуй?

Учуутал вакансията

Быйылгы чахчынан, Арассыыйаҕа 11 тыһ. кэриҥэ учуутал тиийбэт диэн иһитиннэрбиттэрэ. Үөрэх уонна билим министиэристибэтин саайтыгар киирэн Саха сиригэр баар вакансиялары көрдөххө, атырдьах ыйынааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 1200‑чэкэ үлэһит ирдэнэр. Манна учуутал эрэ буолбакка, эбии үөрэхтээһин педагога, логопед, тьютор о. д.а. үлэһиттэр бары киирэллэр. Сүрүннээн математика, нуучча, омук тылларын, химия, биология учууталларыгар наадыйаллар.

Аналитиктар ырытан көрүүлэринэн, учуутал тиийбэтин кыһалҕата сылтан сыл сытыырхайан иһэр чинчилээх. Тоҕо диэтэххэ, аныгы көлүөнэ идэтин, үлэтин хайысхатын түргэнник уларытар. Аҕа саастаах көлүөнэ курдук биир тэрилтэҕэ бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлээбэт, тугу эрэ сөбүлээбэтэ даҕаны ааны сабан тахсыан сөп диэн этэллэр.

Биэс тоҕо

Аны учуутал тоҕо тиийбэт диэн ыйытыыга хоруйдуурга холонуохха. Биллэн турар, эрэгийиэн ахсын ити төрүөтэ араас эрээри, баһыйар үгүс өттүгэр манныктар эбит.

Бастакытынан, Арас-сыыйаҕа учуутал идэтин суолтата намтааһына учуутал ноҕурууската үрдүгүн, салалта, араас тэрилтэлэр, төрөппүттэр өттүлэриттэн ирдэбилэ элбэҕин, хамнаһа кыратын кытта сибээстээх диэн быһаараллар. Маны барытын харахтарынан көрө, кулгаахтарынан истэ сылдьан учууталлыан сөптөөх, кыахтаах да эдэр дьон педагог идэтин талбакка, ырааҕынан тумнан ааһар. Онон хамнастан, ноҕуруускаттан улахан тутулуктаах. Арай, Эстонияҕа, Финляндияҕа уонна Ирландияҕа учуутал идэтэ бэрт сыаналанар, оскуолаҕа үлэлээһин кинилэргэ улахан чиэс диэн ыйаллар.

Иккиһинэн. Ханнык баҕарар атын сиргэ көһөн тиийэр үлэһит хамнаһын таһынан, олорор усулуобуйатын туруорсар. Үлэ биэрээччи дьиэ-уот көрбөт түгэнигэр үлэлии барара 50/50 тэҥнэһэр. Ол иһин “Саха сиригэр эдэрдэр маҥнай дьиэ боппуруоһун туоһулаһаллар” диэн элбэх улуус ыйар.

Үсүһүнэн, Сэбиэскэй Сойуус сылларын кытта тэҥнээтэххэ, аныгы учууталлар отуттуу-түөрт уоннуу үөрэнээччилээх кылааһы үөрэтэллэрин таһынан, кумааҕы үлэтиттэн өндөйбөттөр, отчуоттан ордубаттар. Онуоха электроннай сурунаал эҥин киирэн, хос үлэ эбиллэр.

Төрдүһүнэн, аан дойдуну аймаабыт дьаҥынан сибээстээн, кыһалҕаттан киирбит тэйиччиттэн үөрэтии уустуктарын уйбакка, аҕыйах да буоллар саастаах учууталлар уурайталаабыттар диэн көрүү эмиэ баар. Оҥойон хаалбыт миэстэни тута саба охсор кыайтарбата биллэр.

Бэсиһинэн. Кырдьык, оскуолаларга учуутал тиийбэт. Ол эрээри, сорох эрэгийиэннэргэ аһаҕас вакансиятааҕар үлэ көрдөөн учуокка турар учуутал ахсаана баһыйар эбит. Бу биир төрүөтүнэн чаас аҕыйаҕа буолар. Ол эбэтэр бэйэтин уруккуттан үлэлиир учууталыгар чааһын эбэр, саҥа кэлэр киһиэхэ кыраны көрөр. Ханнык баҕарар үлэҕэ киирэр киһи маҥнай хамнаһын, үлэ ноҕуруускатын, эбээһинэһин туоһулаһар. Онон чааһа аҕыйах түгэнигэр, учуутал тустаах вакансияны көрө да барбат.

Атын дойдуларга хайдаҕый?

Норуоттар икки ардыларынааҕы учууталлар ыйытыктарын чахчытынан, уопсастыба ортотугар биһиги үлэбит сыаналанар диэн 26% учуутал эрэ сөпсөспүт. Арай, Вьетнамҥа (90%), Сингапурга, Холбоһуктаах Арабтар Эмираттарыгар уонна Финляндияҕа аҥаарыттан элбэх киһи «сыаналанар» диэн хоруйдаабыт. Ол эрээри, улахан аҥаардара билиҥҥи үлэлэрин усулуобуйатын (80%) уонна уопсайынан идэлэрин (60%) биһирииллэрин бэлиэтээбиттэр.

Кылааска саамай элбэх үөрэнээччилээх дойду Япония эбит — ортотунан 32 оҕо. Оттон саамай аҕыйах үөрэнээччилээх дойду Финляндия диэбиттэр, онно ортотунан 19 оҕо баар эбит.

Аны 70–89% бүтэһик сылга үлэлэрин кэмигэр үксүгэр үөрэнээччилэри, төрөппүттэри кытта өйдөспөт түгэннэр тахсыбыттарын ыйбыттар.

Аан дойдуга учуутал хамнаһа чопчу дойду экэниэмикэтин уопсай туругуттан уонна үөрэҕин систиэмэтиттэн тутулуктаах. Холобур, ыйытык туоһулуурунан, учууталларга саамай үрдүк хамнастаах дойдулар манныктар:

Люксембург — 137 тыһ. дуоллар

Швейцария — 117 тыһ. дуоллар

Германия — 106 тыһ. дуоллар

Нидерланды — 94 тыһ. дуоллар

Соҕуруу Кэриэйэ — 93 тыһ. дуоллар.

2021 сыллааҕы чинчийии көрдөрбүтүнэн, кылааска саамай элбэх үөрэнээччилээх дойду Япония эбит — ортотунан 32 оҕо. Оттон саамай аҕыйах үөрэнээччилээх дойду Финляндия диэбиттэр, онно ортотунан 19 оҕо баар эбит.

Ити, бастатан туран, каадыр тиийбэтин кытта ситимнээх диэн этэллэр. Саамай улахан дэписсиит Африкаҕа уонна Соҕуруу Азияҕа бэлиэтэнэр (90%). Манна алын кылаас биир учууталыгар 55 оҕо тиксэр эбит.

Арассыыйаҕа хайдаҕый?

Аан дойдуну анааран баран “сиргэ түһүөххэ”, аны Арассыыйаны ылан көрүөххэ. Дойду Үөрэҕириитин министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, педагогическай үрдүк үөрэх кыһаларын бүтэрэр дьон ахсаана уруккутун курдук элбэх. Иллэрээ сыл бүтэрбит дьон ахсаанын 75% үөрэх тэрилтэлэригэр үлэлии барбыт, былырыын эмиэ быһа холуйан итиччэ сыыппара дииллэр. Оччоҕо тоҕо педагог тиийбэт?

Аны уурайбыт дьон ханна үлэлии баралларын сэҥээрэн көрдүм. Оскуолаҕа саҥа үлэлээн испит эдэр дьон атыы-эргиэн өттүгэр, балачча уопуттаахтар (ол иһигэр эдэрдэр эмиэ) сүрүннээн үөрэх чааһынай тэрилтэлэригэр көһөллөр уонна эрэпэтиитэрдииллэр эбит. Манна учуутал хамнаһынааҕар элбэҕи аахсабыт диэн хоруйдаабыттар.

Саамай намыһах хамнаһы Карачаево‑Черкесия, Еврейскэй автономнай, Вологодскай уобаластар, Алтай Өрөспүүбүлүкэтин, Камчатка учууталлара ылаллар эбит. Оттон үрдүк хамнас Москваҕа, Санкт-Петербурга, Ямало-Ненецкэй автономнай уокурукка, Сахалиҥҥа төлөнөр дииллэр. Дьолго, Саха сирэ бүтэһиктэн бастакы испииһэккэ хапсыбатах эрээри, эдэр дьон былырыыҥҥа диэри хамнаспыт бэрт кыра диэн мыынара. Быйыл акылааттарыгар төлөбүр көрүллэн, өрө көрө сылдьаллар быһыылаах.

Аны кылааска оҕо ахсаанын ылан көрүөххэ. Уон биэс оҕону үөрэтэрдээҕэр 30–40 оҕоҕо быһаарар быдан ыарахана биллэр. Дьокуускай куорат оскуолаларыгар билигин маҥнайгы кылааска 40‑нуу оҕо үөрэнэр. Отут үөрэнээччилээх кылааһы булар уустук. Орто сыыппараны таһааралларыгар бу Саха сирин тыата, куората диэн араара барбаттар. Ол иһин Саха сиригэр, Калуга, Кемерово, Омскай уобаластарга биир учууталга аҕыс оҕо тиксэр диэн ааҕан олороллор.

Хайдах быһаараллар?

Ити ыйыллыбыт чахчыларга сигэннэххэ, учуутал Саха сиригэр эрэ тиийбэт буолбатах, Арассыыйаҕа, тас дойдуга тиийэ бэлиэтэнэр көстүү. Олохпут уларыйан, эдэр дьон олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсар, сайдыылаах уонна арыый чэпчэки суолу тутуһар толкуйдаахтар. Дьэ, маныаха туох “мэҥиэ” ирдэнэний? Дойду, эрэгийиэн даҕаны таһымыгар быһаараллар. Бастакытынан, араас федеральнай бырагыраамалар. Олортон саамай киэҥник биллэр, биһирэнэр бырагыраама — “Земскэй учуутал” (Уһук Илин уокуругар 2 мөл. солк, оттон атыттарга 1‑дии мөл. солк. көрүллэр.). Дойду үрдүнэн бу бырагырааманан — 5 тыһ. кэриҥэ, Саха сиригэр 84 учуутал үлэлии сылдьар.

Иккиһинэн, эдэр педагогтар хамнастарын үрдэтэн. Үөрэҕи сайыннарыы уонна педагогическай үлэһиттэри көҕүлүүр инниттэн балаҕан ыйын 1 күнүттэн Саха сиригэр үс сылга диэри ыстаастаах эдэр учууталлар акылааттарыгар 75% эбии төлөбүр көрүллэр. Ону тэҥэ, улууска үлэлии барар 35‑гэр диэри саастаах учууталлар үс акылаат кэмээйэдээх аадырыстаах көмөнү ылаллар.

Үсүһүнэн, хоту уонна Арктика улуустарын дэриэбинэлэригэр үлэлии барар педагогтары дьиэнэн хааччыйыы бырагыраамата баар.

Бу Саха сиригэр учууталлары өйүүр сүрүн бырагыраамалар. Итини таһынан, кылаас салайааччыларыгар эбии төлөбүр, араас бириэмийэлэр, о. д.а. эбилик буолаллар.

Уопуттаах учуутал тиийбэтэ үөрэнээччи үөрэҕи ситиһиитигэр, билиитигэр охсон, салгыы идэни ылыытыгар, уопсайынан, бүтүн эрэгийиэн, дойду үөрэхтээһинигэр дьайыан сөп. Бу биир салайааччыттан дуу, учууталтан дуу тутулуга суох, үөрэх систиэмэтин төрдүттэн уларытар ирдэнэр.

Хаартыска: СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
5 ноября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: