«Кэнчээри» ансаамбыл «Поют дети России» куонкуруска кыттар
Атырдьах ыйын 29 күнүттэн балаҕан ыйын 8 күнүгэр диэри Астрахань куоракка «Поют дети России» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы оскуола хуордарын бэстибээлэ буола турар. Манна Саха сириттэн «Кэнчээри» ансаамбыл кытта сылдьар.
Бэстибээлгэ 8 федеральнай уокуруктан 18 хуор ансаамбыла, барыта 400-тэн тахса оҕо кыттар. Уус Алдан Бороҕонуттан «Кэнчээри» оҕо образцовай норуодунай ансаамбыла (салайааччы Василий Парников) Астраханскай университет саалатыгар кэнсиэртээтэ.
Василий Степанович кэпсээбитинэн, сааланы тобус-толору мустубут көрөөччүлэр олус астыммыттар. Кэнсиэргэ алта тылынан араас хайысхалаах ырыалары: фольклортан саҕалаан, Моцарт айымньыларыгар тиийэ, барыта 20 нүөмэри толорбуттар.
Кэн
«Кэнчээри» кэлэктиибэ Уһук Илиннээҕи федеральнай уокурук түһүмэҕэр 1-кы истиэпэннээх лауреат буолан, бу Арассыыйатааҕы куонкуруска кытта сылдьар. Куонкурус бүтэһиктээх түмүгэ балаҕан ыйын 8 күнүгэр тахсыаҕа диэн култуура, духуобунай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: