Кэнчээри иҥэмтэтэ
2019 сыллаахха Ykt.botanic диэн дьикти бородууксуйаны оҥорон таһаарар тэрилтэ туһунан суруйан турардаахпыт. Урбаанньыт Наталья Борисова “микрозелень” диэн ааттанар, саҥа бытыгыраабыт үүнээйинэн араас табаары оҥоруунан дьарыктанар. Аан дойду үрдүнэн от араскытыгар битэмииннэр, иҥэмтэлээх эттиктэр ордук хойуутук мунньуллалларын таайан, бэрт өлгөмнүк туһанар буолбуттара ыраатта. Хамсык кэмигэр Ykt.botanic дьоҕус тэрилтэ хайдах үлэлээбитин, тугунан быыһаммытын туһунан кэпсэттибит.
Ykt.botanic үлэтин туһунан кылгастык
Бу хайысха үгэс буолбут сүрүн агрономияттан адьас туһунан салаа. Тыа хаһаайыстыбатыгар сир аһын үүннэрии сүрүн сыала төһө кыалларынан өлгөм бородууксуйаны биэриитигэр сытар. Судургутутан эттэххэ, төһөнөн элбэх ахсааннаах, ыйааһыннаах аһы-үөлү оҥорон таһаараллар да, оччонон үчүгэй. Мин үүннэрэр бородууксуйам саҥа быган эрдэҕинэ сарбыллар, сиэмэтиттэн үс-биэс эрэ төгүл улахан ыйааһын эбэр. Ол оннугар, иҥэмтэлээх эттиктэрэ, битэмииннэрэ, микроэлеменнэрэ, көннөрү оҕуруот аһыгар холоотоххо, 4‑тэн 40‑ҥа тиийэ төгүл элбэх буолар. Миискэ муҥунан салааты аҕыйах ахсааннаах микрозелень солбуйар.
Оттон тыыннаах үүнээйи битэмиинэ таблеткаламмыт битэмииннээҕэр быдан үчүгэйдик иҥэрэ дакаастаммыта ыраатта. Микрозелень — кэскиллээх, сылтан сыл сайда турар дьон аһылыгын тупсарар эдэр хайысха. Иккис сүрүн бородууксуйам — витграсс утах буолар. Витграсс сэлиэһинэй туорах араскытыттан оҥоһуллар эти-сиини бөҕөргөтөргө аналлаах, олус туһалаах утах. Саастаах дьоҥҥо, уһун ыарыыттан өрүттэр, химиотерапия ыла сылдьар, диабет, бүөр, быар, сүрэх хроническай ыарыылаах дьоҥҥо эбии көмө быһыытынан олус улахан туһаны аҕалар. Аны аһары уойар дьоҥҥо ураты туһалаах буолар эбит. Сорох дьон тоҕо наһаа моҕус буолалларый? Ханнык эрэ микроэлемени эттэрэ-сииннэрэ ситэ иҥэрбэт буолан элбэх аһы сиэн ону толоруналлар. Онон быыкаайык кээмэйгэ сүүнэ элбэх туһалаах эттиктэри мунньар күөх табаарым итинник кыһалҕалаах дьон аппетитын уҕарытар, аһары элбэҕи аһыыртан тэйитэр. Саха сиригэр үүнэр сэлиэһинэйтэн биолабораторияҕа шоковай тоҥоруу ньыматынан оҥоробут, онон туох баар иҥэмтэлээх, туһалаах эттиктэрэ урусхалламмакка тиийэллэр. Ону таһынан эти-сиини ыраастыыр детокс-утахтары хас да көрүҥүнэн бырагыраама таҥан атыылыыбыт.
Хамсык ыарахаттара
Коронавирус хамсыга үлэбэр улахан дьайыылаах буолбута. “Микрозелень” араскыны үксүн “Муус Хайа”, “Махтал” курдук эрэстэрээннэр атыылаһар этилэр. Аһы күөҕүнэн симээн кэрэ көстүүлээх оҥороллоро, битэмииннээх, туһалаах астары менюларыгар эбэллэрэ. Ону таһынан, “Айгуль”, “Поярков” курдук маҕаһыыннар талымас атыылаһааччыларга анаан ылаллара. Хамсык кэмигэр эрэстэрээннэр сабылланнар, сөптөөх кээмэйи оҥорон таһаарар сатаммат буолбута. Араскы бэрт кылгас үйэлээх, хаппырыыс табаар — үүннэрэр буоллахха биир партия барыта кылгас кэм иһигэр туһаҕа тахса охсуохтаах, кыра-кыралаан атыылаабаккын. Онон үлэм ити салаатын тохтоторго күһэллибитим.
Ол оннугар виграсс утахтар кыахтара толору арылынна. Өссө куруутун атыылаһар дьон эбилиннэ. Ковид кэнниттэн өрүттүүгэ витграсс улахан туһалааҕа көһүннэ. Ордук саастаах дьоҥҥо бу утах туһата билиннэ. Сакаастарын аҕаллахпына олус истиҥник көрсөллөр, хайаан киллэрэн чэйдэтиэхтэрин, сэлэһиэхтэрин баҕараллар. Табаар атын көрҥнэрэ туо дьайыылаахтарын, хайдах оҥоһуллалларын ыйыталаһаллар. Хата эдэр көлүөнэҕэ туһаайан этиэм этэ — кырдьаҕастаргытын умнумаҥ! Аҕа саастаах аймахтаргыт олус соҕотохсуйаллар, тэһийбэттэр. Киһини кытта утары көрсөн олорон кэпсэтиигэ саастаах дьон олуһун наадыйаллар эбит, ол батсаап, тэлэбиисэр кинилэргэ тыынаах алтыһыыны солбуйбат эбит. Мин буоллаҕына, хомойуох иһин, өр тохтоон сэлэһэр кыаҕым суох, сакаастан сакааска сүүрүүнэн эрэ сырыттахпына, тэрилтэм үлэтин кыайабын. Онон хамсык кэмигэр соҕотохсуйбут кырдьаҕастары аһынан сүрэхпэр ытырыктата саныы-саныы салгыы сүүрэн иһэбин.
Атын хайысхалар
Хамсык кэмигэр эмискэ олохпутугар киирэн үөрүйэх буолбут сүүрээн — онлайн-үөрэтии мин биир саҥа сатабылым буолла. Микрозелень биир үчүгэй өрүтэ — үөрэннэххэ, бэйэҥ дьиэҥ иһигэр үүннэриэххэ сөп. Хайдах быһыылаахтык үүннэрэри, ханнык үүнээйи туох ураты туһалааҕын, төһөнү үүннэрэр ордук көдьүүстээҕин уонна да араас уонунан албастарга хас даҕаны дьиэ кэргэни үөрэттим. Бу дьарык өссө биир туһата — оҕону улаханнык умсугутар эбит. Онон төрөппүттэр оҕолорун кытта эбии алтыһалларыгар туһалаах дьарык буоларын билбитим. Билигин Саха сиригэр хас даҕаны ыал маннык туһалаах күөх эбиискэтэ суох аһыыры умнубуттарын билэбин, онон кинилэргэ сөптөөх суолга үктэнэргэ учуутал буолбуппун астына саныыбын.
Сүрүн үлэбэр табаарым ахсаана эбиллибитэ. Ол курдук, проросток (ол аата араскы буола илик, саҥа тыллан эрэр туорах) үүннэриитин, уонна ордук көдьүүстээҕэ, күүһүн сүтэрбэккэ аска кубулуйарын туһугар үлэлээтим. Проросток үүнээйи саамай уохтаах, күүһэ мунньуллубут түгэнэ ол эрэн, бу туруга олус түргэнник ааһар, онон өр харайар сатаммат. Ону араас эспэримиэн түмүгүнэн кэтилиэккэ эбэр ньыма ордук табыгастааҕын билбитим. Куртах чэпчэкитик ылынар этинэн — куурусса, балык кэтилиэттэригэр эбэн, олус туһалаах, экологическай астары оҥоробут. Билигин ити аспыт тургутуу чэрчитинэн биир эрэ сиргэ атыыланар — Эргэ куорат дьоҕус ырыынагар.
Ыччаты кытта үлэ
Бу дьарык миэхэ көннөрү урбаан эрэ буолбатах, бу хайысханы Саха сиригэр сайыннарыы олоҕум биир сүрүн сыала буолла диэххэ сөп. Ол иһин саҥа сүүрээннэри көрдүүбүн, элбэх дьоҥҥо билиини тарҕата сатыыбын. Холобур, бу дьыаланы сайыннарыан сөптөөх ыччаты кытта үлэлэһэбин. «Якутия» технопаарка уонна ХИФУ научнай коллаборациятын Дьиэтэ хаһыс да сылын “биохакатон” диэн тэрээһини ыыталлар. Онно кыттаммыт, биолог устудьуоннары кытта ыкса алтыспытым уонна Марианна Саввина диэн кыыһы быраактыкаҕа ылбытым. Кини витграсс үүннэрии кэнниттэн хаалар матырыйаалы туһанан ынах сүөһүгэ аналлаах битэмииннээх эбии аһылыгы оҥорор бырайыактаах. Быраактыкатын кэмигэр микрозелень үүннэриитигэр үөрэммитэ, чинчийиилэрин ыыппыта. Алтыһыыбыт түмүгүнэн улахан федеральнай суолталаах «УМНИК» диэн күрэхтэһиигэ кыттан, кыайыылааҕынан тахсыбыппыт. Бу күрэхтэһии маҥнайгы эрэ түһүмэҕэ, научнай чинчийиилэр, лабораторнай үлэлэр көрүллэллэр этэ. Кэлэр сылга илэ үлэни көрдөрүү саҕаланар, онно бэлэмнэнэ сылдьабыт. Марианна бу кэм иһигэр микрозелень тиэмэтигэр дипломнай үлэтин туйгун сыаналаах көмүскээбитэ, магистратураҕа сайаапка түһэрбитэ.
Быйыл эмиэ биохакатоҥҥа кыттан саҥа бырактыкааннанным. Бу сырыыга АГАТУ устудьуона Николай Борисов кэллэ, бэрт дьулуурдаах, сытыы өйдөөх оҕо. Марианна наука өттүгэр ордук интэриэстээх эбит буоллаҕына, Николай урбаан өттүгэр дьоҕурдааҕа көстөр, кинини кытта ити хайысхаҕа саҥа суоллары көрдүүбүт. Эдэр ыччаты дьиҥнээх идэҕэ сыһыарыы билиҥҥи үлэлии сылдьар дьон биир сүрүн кыһалҕалара буолуохтаах дии саныыбын. Оччоҕуна эрэ үлэлиир эйгэн кэхтибэт, салгыы сайдар кыахтанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: