«Кэнчээри» лааҕыр оҕолору сырдыкка угуйар
Орто Халыма улууһун Г.Г.Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл орто оскуолатын оҕолоро сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атааралларыгар анаан сайын аайы күнүскү «Кэнчээри» лааҕыр үлэлиир.
Манна 2-9 кылаас оҕолоро от ыйын устата оскуола оҕуруотун, тэпилиисэтин көрөн-истэн, сыыс оту үргээн бүөбэйдииллэр. Үүннэрбит оҕуруот аһын нэһилиэк олохтоохторугар атыылыыллар. Маны таһынан, эмтээх оту хомуйан кучу чэйин хатараллар, ньээм-ньээм сибэккиттэн сироп, кучу сибэккиттэн барыанньа оҥорон атыыга таһаараллар, оскуола фитобарыгар хаһааналлар.
Лааҕыр иитиллээччилэрэ күн устата солото суох дьарыктаах буолалларын иитээччилэр Рахматулина Ю.А. уонна Богатырева В.И. тэрийэллэр, оттон минньигэс аһынан, куйааска тоҕулу ханнарар утаҕынан Лаптева Е.Г. күҥҥэ иккитэ күндүлүүр. Төһө да от ыйа биһиги улууспутугар саамай бырдахтаах ыйынан ааҕылыннар, оҕолор күннээҕи үлэлэрин олус кичэйэн оҕуруоту үүннэрии, оту-маһы кэтээн көрүүгэ, эмтээх оту сыһыыттан хомуйуу сатабылларыгар, хайдах хаһааныыга, харайыыга үөрэнэллэр.
Оҕолор ас астыыр баҕаларын толорон, иитээччилэр бурдук аһын астыырга маастар кылаастары ыыттылар, оҕолор үөрэ-көтө араас ас астаан амсайдылар. Эбиитин оҥоро үөрэнэн, атыыга астаан боруобалаатылар. Ол курдук, бэрэски, бурдук аһын астааннар нэһилиэк олохтоохторугар сайаапканан дьиэнэн тарҕатан атыылаатылар. Нэһилиэк олохтоохторо оҕолор астаабыт астарын амсайан, астынан сакаастааччы да баар, хайҕааччы да баар. Оттон атыыттан киирбит харчыларын анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр көмө быһыытынан биэрдилэр. Онон оҕолорбут кыра саастарыттан бириэмэлэрин сөпкө, туһалаахтык атааран, аһыныгас майгылаах, үтүө санаалаах, дойдуларын таптыырга, билэргэ үөрэнэллэр.
И.Ноговицына, Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: