«Кэнчээри» лааҕыр оҕолору сырдыкка угуйар

Share

Орто Халыма улууһун Г.Г.Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл орто оскуолатын оҕолоро сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атааралларыгар анаан сайын аайы күнүскү «Кэнчээри» лааҕыр үлэлиир.

Манна 2-9 кылаас оҕолоро от ыйын устата оскуола оҕуруотун, тэпилиисэтин көрөн-истэн, сыыс оту үргээн бүөбэйдииллэр. Үүннэрбит оҕуруот аһын нэһилиэк олохтоохторугар  атыылыыллар. Маны таһынан, эмтээх оту хомуйан кучу чэйин хатараллар, ньээм-ньээм сибэккиттэн сироп, кучу сибэккиттэн барыанньа оҥорон атыыга таһаараллар, оскуола фитобарыгар хаһааналлар.

Лааҕыр иитиллээччилэрэ күн устата солото суох дьарыктаах буолалларын иитээччилэр Рахматулина Ю.А. уонна Богатырева В.И. тэрийэллэр, оттон минньигэс аһынан, куйааска тоҕулу ханнарар утаҕынан Лаптева Е.Г. күҥҥэ иккитэ күндүлүүр. Төһө да от ыйа биһиги улууспутугар саамай бырдахтаах ыйынан ааҕылыннар, оҕолор күннээҕи үлэлэрин олус кичэйэн оҕуруоту үүннэрии, оту-маһы кэтээн көрүүгэ, эмтээх оту сыһыыттан хомуйуу сатабылларыгар, хайдах хаһааныыга, харайыыга үөрэнэллэр.

Оҕолор ас астыыр баҕаларын толорон, иитээччилэр бурдук аһын астыырга маастар кылаастары ыыттылар, оҕолор үөрэ-көтө араас ас астаан амсайдылар. Эбиитин оҥоро үөрэнэн, атыыга астаан боруобалаатылар. Ол курдук, бэрэски, бурдук аһын астааннар нэһилиэк олохтоохторугар сайаапканан дьиэнэн тарҕатан атыылаатылар. Нэһилиэк олохтоохторо оҕолор астаабыт астарын амсайан, астынан сакаастааччы да баар, хайҕааччы да баар. Оттон атыыттан киирбит харчыларын анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр көмө быһыытынан биэрдилэр. Онон оҕолорбут кыра саастарыттан бириэмэлэрин сөпкө, туһалаахтык атааран, аһыныгас майгылаах, үтүө санаалаах, дойдуларын таптыырга, билэргэ үөрэнэллэр.

И.Ноговицына, Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

40 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

2 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

2 часа ago