«Кэнчээрилэр» лауреат аатын ыллылар
Бу күннэргэ Уус Алдан улууһун Мүрү 1 №-дээх оскуолатын иһинэн үлэлиир «Кэнчээри» Арассыыйа оҕо образцовай народнай ансаамбылын биир айар үлэтэ Норуоттар икки ардыларынааҕы 7-с бэстибээл чэрчитинэн “Калининград доҕотторо» диэн куонкуруска кыайыы көтөллөнөн кэллэ.
Бу туһунан айар кэлэктиип уус-уран салайааччыта, РФ, САССР култуураларын үтүөлээх үлэһитэ Василий Парников бу курдук иһитиннэрдэ:
— 500 кыттааччылаах араас жанрга саастарыттан тутулуга суох куонкуруска, “Кэнчээри” ансаамбыл Кастальскай «Малая ектения» диэн церковнай классикатын түөрт куолаһынан акапелланан ыллаата.
Бу айар үлэни кэтэхтэн кыттан ыыппыппыт. Кэнчээри» ансаамбыл академическай хуордарга соҕотох 2-с истиэпэннээх лауреат буолан, үөрүүбүт үрдээтэ. Куонкуруска кыттыбыт, ыллаабыт оҕолорбор итии-истиҥ эҕэрдэбин уонна махталбын тиэрдэбин!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: