Кэҥкэмэ үрдүгэр хапсыһыы (Кэпсээн)

Share

Бу түбэлтэ 1996 сыллаахха Нам сиригэр — Кэҥкэмэ үрэххэ буолбута. Оччолорго сылгыһыттыырым. Ыам ыйын саҕаланыыта этэ. Уолаттарым сынньана уонна бородуукта ыла бөһүөлэккэ барбыттара.

Бөһүөлэк үүтээммититтэн түөрт көстөн кыра ордук. Мин хас да күн соҕотоҕун хоннум. Биир күн сүрдээх тыаллаах, хаардаах-ардахтаах күн үүтээнтэн икки-үс биэрэстэлээх Өргөлөөх алааһыгар турар сылгыларбар бардым. Сылгым үөрүгэр үс харыатыыр биэ баара, чуга­һаан сылдьаллара. Сылгы маннык күҥҥэ төрүүр адьынаттаах, онон хайаан да бардахха сатанар. Аппын миинэн айаннаатым. Миигин кытары бииргэ үлэлиир доҕорум Дмитрий Жирков (Миитэрээс) ыта Оҕонньор батыста. Бу сүрдээх өйдөөх, бары булка дэгиттэр ыт. Омос көрдөххө, бөрөтүҥү быһыылаах, уҥуоҕунан сүрдээх халыҥ, бөдөҥ ыт этэ. Атаҕа арыый уһуна эбитэ буоллар — бөрө-бөрөтүнэн.

Айаннаан истэхпинэ хантан кэлбитэ биллибэккэ, биир хапкаас боруодалаах ыт баар буолан хаалла. Оҕонньор сүрдээх көрсүө, охсуһар диэни билбэт киэҥ көҕүстээх ыт. Кэлии ыты кытары сытыр­ҕалаһан билистилэр, анарааҥҥы биһигини батыста. Сүүрбэччэ мүнүүтэ хаамтаран Эбэбит элэҥнээн көстөр сиринэн Салбан суолун быстыбыт. Былыргы ходуһа бүтэйэ кэллэ. Арай уҥа өттүбэр ар-бур бөҕө буола түстэ. Адьас чугас, 40-ча эрэ хаамыы бадахтаах. Мин, тыаҕа сылдьар киһи, 16-с халыыбырдаах ИЖ-27 саабын сүгэ сылдьабын. Ыттар тыа быыһыгар тугу эрэ эккирэтэллэр, охсуһаллар. Ити курдук сыҕарыйан суол диэки киирэн иһэллэр. Мин аппыттан ыстанан түһэн баайа оҕустум. Ол гынан баран биир уоспар сүнньүөх, атыммар доруобунньук уктан инним диэки сэрэнэн бардым. Иннибэр кыра ырааһыйа баар, онно дьүүлэ-дьаа­быта биллибэт моргуор, часкыыр бөҕө, киһи тугу да быһаарбат үлүгэрэ. Өссө түөрт-биэс хардыыны оҥороот көрбүтүм, доҕоор, ыттар биир эһэкээни хаайан эргичитэ сылдьаллар эбит. Ыксал бөҕөнөн саабыттан доруобунньук иитиини ылан сүнньүөх укта оҕустум. Арааһа, тимир тыаһын иһиттэ быһыылаах: кыыл элэс гынан суолу туораат ойуурга ыстанна. Ыттарым эккирэтэн охсуһуу бөҕө буоллулар. Эбэни кыйа ойуур устун илин диэки түстүлэр. Мин суол устун күөйэ ыстаннардым. Иннибэр өтөх баар, онно урутаан тиийэн күөйэр санаа баар. Тиийэн аппын баайан баран, утары сүүрдүм. Иһиттэхпинэ, ар-бур биллэ намыраабыт, иннибэр аҕылыыр, муомалаһар саҥа иһиллэр. Кэтэһэн турбахтыы түһэн баран, аргыый аҕай утары бардым. Арай ынчык уонна ыараханнык тыыныы иһиллэр. Мин мунаара-мунаара баран иһэбин.

Сэрэнэн аҕай саабын туһаайан тии­йэммин көрбөтөхпүн көрдүм. Эрдэ ханна эрэ аахпытым, истибитим буоллар, итэҕэ­йиэ суох эбиппин. Хапкаас боруодата ыт кырдьаҕаһы кулгааҕын төрдүттэн ыыппаттыы хабан баран, умса баттаан сытыарар эбит. Оттон Оҕонньор буоллаҕына номнуо кыыл суон оһоҕоһун субуйан баран, быттыгын хайа тардан, иһин хостоон тунайдыы сылдьар эбит.

Сөҕөн-махтайан баран, ыттарбын уоскутарга быһаарынным. Оҕонньор буойарбын кытары тохтоон сытынан кэбистэ. Бэйэтэ тыынын нэһиилэ ылар гына сылайбыт этэ. “Хапкаас” буоллаҕына ытырбытын ыһыктар санаата суох сытар. Билбэт ытым буолан толлобун, онон мас ыллым. Ытым буоллаҕына туора барыах курдук гына-гына сытар. Көрдөхпүнэ, сирэ­йэ-хараҕа сымнаһыар курдук. Эмиэ адьас быста сылайбыт, муннун хайа тартарбыта хааннаммыт. Хайыамый, маһым төбөтүгэр туһах баайан ыкса киирдим. Ытым нэһии­лэ турда буолан баран, ытырбытын син биир ыыппат. “Бээрэ, туох эрэ буолбут ээ”, — диэн, дьэ сэрэйдим. Ытым сыҥаахтара ытыстан хаалбыттар эбит. Ону тоҕус сорунан араардым, ыт нэһиилэ икки-үс хаамыыны туора оҥорон баран сытынан кэбистэ. Эһэ буоллаҕына үс-түөрт саастаах эдэр кыыл эбит. Астаан баран үүтээммэр илдьэн булууска түһэрдим. Хапкаас ыта сытан хаалла.

Төннөн кэлэн сылгыларбын көрбүтүм, икки төрөөбүт. Этэҥҥэ сылдьаллар эбит. Кыылбын астаабыт сирбэр тиийэн Хапкааһы ыҥыра сатаатым даҕаны көрөн эрэ кэбиһэр, илдьэ кэлбит аспын биэрбиппэр сытырҕалаан эрэ баран сиэбэтэ. Сирийэн туппахтаан көрбүтүм, улахан баас-үүт көстүбэт, арай моонньугар хайа тартарыылаах. Оннук сытан хаалбыта.

Сарсыарда эмиэ эргиллэн кэлбитим, ытым суох, туран барбыт. Ыттар эһэни кытары охсуспут суолларын, сирдэрин сыныйан көрбүтүм, кыылга адьас тыын биэрбэтэхтэр. Иккитэ хаста маска куота сатаабыт суола баара. Оҕонньор бу быһылаан иннинээҕи күһүн, лиссиэнсийэ ылан бултуу сырыттахпытына, арҕахтаах тыатааҕы үөһэнэн тахсан истэҕинэ, арҕах иһигэр киирэн атаҕыттан тутан бултатан турардаах. Онон кини кыылга куттаммакка түспүтүгэр, хапкаас апчаарката эмиэ түһүстэҕэ. Бу боруода бөрөнү утары охсуһарга анаан сэлиэксийэ бөҕөнөн таһаарыллыбыт буоллаҕа.

Дьэ, ити курдук бэрт сэдэх түбэлтэҕэ түбэһэн турардаахпын. Оҕонньор диэн ыт булт бөҕөнү бултатан баран, үйэтин моҥоон өлбүтэ. Бу ыт туһунан бэрт элбэҕи кэпсиэххэ сөп. Ыт тайаҕы эккирэтэригэр, үрэригэр улаханнык сылайааччы. Ол эрээри бу кэпсэммит түбэлтэҕэ курдук адьас быста сылайалларын көрө илигим.

 Ньукулай БУРУНАҺЫАП.
Хаартыска: https://etosibir.ru/priroda-yakutii/

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

10 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

11 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

11 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

12 часов ago