Кэнники 12 сылга 250 киинэ уһуллубут
Бүгүн, атырдьах ыйын 24 күнүгэр, “Үлэ кыбаартала” кластерга киинэни устааччылар бастакы кэмпириэнсийэлэригэр муһуннулар. Кинилэр баар кыһалҕалары ырытыстылар уонна салгыы хайдах үлэлииллэрин торумнаатылар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ 20-тэн тахса киинэ устуудьуйалара уонна айар кэлэктииптэр бааллар. “Сахафильм” судаарыстыбаннай хампаанньа Арассыыйа биир саамай көдьүүстээх, көхтөөх хампаанньаларыттан биирдэстэрэ. Киинэни оҥорууга Москва уонна Санкт-Петербург кэнниттэн дойдуга үһүс миэстэлээх. Кэнники сылларга “Сахафильм” 56 уус-уран, 18 документальнай киинэлэри уһулла, 60-тан тахса араас наҕараадалары ылла. 2011 сылтан саха киинэтин устааччылар 250-тэн тахса киинэни уһуллулар.
2022 сыллаахха кинематограбы өйүүр судаарыстыбаннай миэрэлэри торумнуур эрэгийиэннээҕи сокуон ылыллыбыта. 2023 сыллаахха киинэ индустриятын, анимацияны сайыннарар кэнсиэпсийэ ылыллыбыта.
Кэмпириэнсийэни режиссер Дмитрий Давыдов салайан ыытта. Култуура миниистирэ Юрий Куприянов эппитинэн, быйыл киинэ устарга 80 мөлүйүөн солкуобай субсидия быһыытынан түҥэтиллиэхтээх. Кини этэринэн, Азия дойдуларын ырыынагар тахсарга уолдьаспыт.
“Сахафильм” режиссера Анастасия Питель этэринэн, Саха сиригэр 20-чэ режиссер, 10-ча оператор, 10-ча продюсер, 2 туруорааччы-худуоһунньук, уо.д.а. бааллар. Тыаһы-ууһу, уоту туруорааччылар, киинэни таҥааччылар, көстүүмү тигээччилэр, уо.д.а. анал исписэлиистэр эмиэ аҕыйахтар. 20 режиссерга 10 оператор баар. Онон каадыр тиийбэт боппуруоһа сытыытык турар. Чопчу идэлээх исписэлииһи анаан үөрэттэриэххэ наада диэн кини этэрэ оруннаах.
Алексей Егоров-Өркөн бары бииргэ түмсэн, биир сыалы туруоран, саҥа таһымҥа тахсыахха диэн этэр. Режиссердар бары тохсунньуга уонна кулун тутарга киинэлэрин таһаара сатыыллар. Оттон киинэ тыйаатырдара эрэһиинэ буолбатахтар. Эрдэттэн былааннаан, ыйдарынан түҥэтэн таһаардахха, саҥа киинэлэр 2 нэдиэлэ эрэ буолбакка, 3-4 нэдиэлэ устата көрдөрүллэн, хомуйар харчылара элбиэн сөп этэ. Кини этэринэн, “Сахафильм” чааһынай хампаанньаларга күрэстэһээччи буолбакка, киинэ устарга усулуобуйа оҥорор, анал тэрили, павильону уларсар былаһаакка буолуохтаах. Судаарыстыба хампаанньаны аныгылыы анал тэрилинэн хааччыйдаҕына, “Сахафильм” оннук былаһаакка буолуон сөп.
Режиссер Алексей Романов киинэни тарҕатыы, онлайн платформаларга (“Окко”, “Кинопоиск”, “Винк”, о.д.а.) тахсыы, рибейт систиэмэтин туһунан кэпсээтэ.
Онтон Афанасий Саввинов Дьокуускайга 2026 сылга тутуллуохтаах, 7095 кв.м. иэннээх, элбэх дьайыылаах киинэ павильонун туһунан кэпсээтэ. Хайдах буолуохтааҕын туһунан элбэхтик толкуйдаан, “Мосфильмҥа” баран көрөн-истэн, сүбэлэтэн кэлбиттэр.
Бу элбэх дьайыылаах киинэ павильона Уһук Илиҥҥэ толору кыамталаах соҕотох кинотехнологическай киин буолуоҕа. Манна устуу павильоннара, тыаһы-ууһу устуу, таҥыы устуудьуйалара, көстүүмнэри, реквизиттэри харайар, оҥорор мастарыскыайдар, гримернай хостор, о.д.а. баар буолуохтара.
Аны 5 сылынан саха киинэтэ Арассыыйаҕа бастыҥ аатыран, дойду уонна аан дойду ырыынактарыгар эрэллээхтик тахсарын ситиһэр сорук турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: