Кэнсиэрбэлээн хаһааныы: Мииҥҥэ кутар тума

Кэнсиэрбэлээн хаһааныы: Мииҥҥэ кутар тума

Ааптар:
30.08.2024, 20:00
Андрей Сорокин хаартыската, СИА
Бөлөххө киир:

Биирдии киилэ моркуобу, помидору, луугу итиэннэ киилэ аҥара биэрэһи, 300 г петрушканы, биир оччо укуруобу кичэллээхтик сууйабыт. Сиидэҕэ ууларын сүүрдэбит. Моркуобу бөдөҥ хайаҕастарадах теркаҕа анньабыт, помидору кыра гына кырбыыбыт, луугу, болгарскай биэрэһи, атын күөх тумалары эмиэ бытархай гына быһабыт.

Петрушка силиһин теркаҕа аалан илдьиритэбит. Тууһу элбэхтик кутабыт. Кыһын бу туманы кутар буоллахха, миини туустаамыахха сөп. Итиэннэ эрдэттэн оргутан бэлэмнээбит бааҥкаҕа кутан салгын киирбэтин курдук ыга хаппахтаан хараҥа, сөрүүн сиргэ уурабыт. Бу туманы мииҥҥэ эрэ буолбакка, иккис бүлүүдэҕэ итиэннэ соуска даҕаны эбиллэр.

Тууһаммыт күөх үүнээйи

Петрушка, укуруоп, сэлдьэрэй күөх сэбирдэхтэрин сууйан, ууларын сүүрдэн, кыра гына кырбыыбыт. Итиэннэ туустаан баран бааҥкаҕа кутан хараҥа, тымныы сиргэ туруорабыт.  Биир киилэ тууһаммыт күөх тума састааба маннык: 720 г күөх үүнээйи, 280 г туус. Кыһын туһанарга элбэх туустааҕын учуоттаан, аһы сэрэнэн туустанар.

Күөх помидорунан салаат

Кытарбакка хаалбыт помидордары быраҕарга тиэтэйбэппит, салаат оҥорорго туһанабыт. Үс киилэ күөх помидору, биир киилэ эриэпэ луугу кырбаан, биир киилэ моркуобу теркалаан холбуубут. 100 г тууһу, 400 г үүнээйи арыытын, 300 г саахары, 150 г 9 %-наах уксууһу, биир чаайынай ньуоска хара биэрэһи итиэннэ биэс-алта устуука лавровай сэбирдэҕи эбэн булкуйабыт, биэс мүнүүтэ оргутан ылабыт. Бааҥналарга кутан уурабыт.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: