Кэнсиэрбэлэммит собо
Халлаан сылыйан, күн көрөн саха дьоно идэһэҕэ диэри сиир аспытын хаһаанар, дьаһайар үгэстээхпит. Дьыл баччатыгар хаарыаннаах быччыкыны дьоҥҥо түҥэтэллэр, сорохтор бөххө бырахпыттара кытта иһиллэр. Ол кэриэтин кэнсиэрбэлээн сиэҥ.
Туох ирдэнэр: биир киилэ ыраастаммыт собо, хара горох биэрэс, туус, лавровай лиис, эриллэр хаппахтаах бааҥка.
Хайдах бэлэмниибит: балыгы хатырыктыыбыт, кутуругун, лапчааннарын, төбөтүн ылан быраҕабыт, иһин ыраастыыбыт, сууйабыт итиэннэ туоратынан кыра өлүүлэргэ кырбыыбыт.
Бэлэмнэммит собоҕо туус кутан булкуйабыт (биир киилэҕэ биир остолуобай ньуоска). Эрдэттэн сууллубут бааҥкаҕа түгэҕэр хас биирдиитигэр иккилии лавровай лиис, 5-тии устуука хара биэрэс кутабыт уонна төһө кыалларынан ханан да миэстэ хаалбатын курдук элбэх собону ыга угабыт. Үрдүнэн икки хос алюминиевай фольганан кытыыларын кичэйэн бүрүйэн хаппахтыыбыт (тугунан да туттарбаппыт, баайбаппыт).
Бааҥкалары тымныы духуопкаҕа эрэһээҥкэ үрдүгэр уурабыт, анныгар духуопка лииһигэр балтараа-икки ыстакаан курдук ууну кутан уурабыт. Итиэннэ гааһы 150 кыраадыска, халбаҥнаабат эрэсиимҥэ биир чаас суоттаан холбуубут. Чаас ааспытын кэннэ кыраадыһын 100-кэ диэри түһэрэн баран өссө түөрт чаас устата буһарабыт. Бүттэ, соботтон кэнсиэрбэ бэлэм.
Аныгы кэмҥэ афганскай казан дэлэйдик атыыланар. Маннык иһиттээх дьон 40-ча мүнүүтэ устата буһаран кэнсиэрбэлиэхтэрин сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: