Кэнсиэртэн киирбит үп кыайыыны уһансар

Share

Ааспыт өрөбүллэргэ күһүҥҥү сылаас күнү-дьылы баттаһан, Чагда сэлиэнньэтин айар ыччата ыаллыы сытар Кэбээйи нэһилиэгэр гостуруоллаан кэллэ. Аһымал кэнсиэртэн киирбит үп Кэбээйи улууһун ассамблеятын счетугар ыытыллан, кыайыыны уһансарга төһүү буолла.

“Бүгүн дьоро киэһэ Кэбээйи бөһүөлэгэр ыаллыы сытар Чагда бөһүөлэгин талааннаах эдэр ыччата кэлэн, ыллаан-туойан астыннаран барда. Истибэтэхпитин истэн, көрбөтөхпүтүн көрөн, наһаа дуоһуйдубут. Бииртэн биир чаҕылхай ырыаһыт тахсан, хайа да идэлээх артыыстааҕар итэҕэһэ суох ыллаатылар-туойдулар, имигэс үҥкүүһүттэр нүөмэрдэрэ өссө киэргэтэн биэрдэ. Кэнсиэргэ кыттыбыт Чагда талааннаах ыччатыгар, дьонноругар, баһылык Айыл Седельников барҕа махталбытын тиэрдэбит, куруук маннык ырыа-тойук аргыстаах, үөрэ көтө сылдьыҥ!”

“Дьэ маннык Кэбээйи нэһилиэгин олохтоохторо махтал тылларын эппиттэрэ биһиги санаабытын өрө көтөҕөр”, — диэн санаатын үллэстэр култуура сайдыытын киинин уус-уран салайааччыта Альбина Ноговицына.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Якутск – исторический!» бэстибээл буолла

Бүгүн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, Дьокуускайга "Эргэ куорат" оройуонугар «Якутск – исторический!» бэстибээл буолла. Тэрээһиҥҥэ…

32 секунды ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

15:00 чаас: 30,37 % киһи куоластаата

Бүгүн 15:00 ч. дааннайынан, 30,37 % киһи куоластаата диэн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата иһитиннэрэр. Улуус…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алта оҕолоох ийэ быыбарга көхтөөхтүк кыттар

Аллараа Халыма улууһун Колымскай сэлиэнньэтин (Халарчы нэһилиэгэ) 394 №-дээх быыбардыыр учаастагар алта оҕолоох ийэ,  2025…

27 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Угуйугунан аһара үлүһүйбэккэ…

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн дойду үрдүнэн куйаар ситимигэр угуйук туһунан сокуон үлэтин саҕалаата. Саҥа сокуон…

54 минуты ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Воин» киин курсааннарын бастакы хамаандата Хабаровскай кыраайтан кэллэ

Бөлүүн түүн Хабаровскай кыраай хамаандата Саха сиригэр «ВОИН суола» байыаннай-тактическай күрэхтэһиилэригэр кытта көтөн кэллэ. «Амур…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Аарыма тайах Төҥүлү суолугар

Бүгүн социальнай ситиминэн  аарыма улахан тайах суолу туоруур  видеота тарҕаттылар. Тайах Төҥүлүлүүр суолу туораабытын иһитиннэрдилэр.

2 часа ago