Кэнтик нэһилиэгин баһылыга солотугар киирдэ
Сэтинньи 9 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэр аҕа баһылык солотугар киириитин үөрүүлээхтик бэлиэтээтилэр.
Ол курдук, Кэнтик нэһилиэгин үгүс олохтоохторун эрэлин ылан быыбарга кыайбыт Сергей Федотов дуоһунаһыгар киирэр үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытылынна. Үгэс быһыытынан, саҥа баһылыкка улуус баһылыга Валерий Николаев түөскэ кэтэр анал бэлиэни кэтэртэ.
«Төрөөбүт дойдум — Кэнтигим сайдарын туһугар бэриниилээхтик 11 сыл устата үлэлээн, хамаанданнан элбэҕи ситиспиппит. Сергей Петрович Кэнтик дьаһалтатыгар өр сылларга землеустроитель дуоһунаһыгар үлэлээн, нэһилиэк кыһалҕатын, күннээҕи үлэтин билэр-көрөр, уопуттаах киһи быһыытынан бу ылыллыбыт тиэмпэни ыһыктыбакка салгыы элбэх үлэни ыытыа диэн эрэллээхпин. Дьаһалта үлэтигэр ылбыт уопутуҥ салайар үлэҕэр көмө буоллун, биир дойдулаахтарын эрэлэ, хайҕабыла саҥа кыайыыларга кынаттаатын. Сергей Петровичка төрөөбүт дойдубут Кэнтикпит сайдарын, чэчириирин туһугар кыһамньылаах, ситиһиилээх уонна бэриниилээх үлэни баҕарабын!», — диэн Валерий Николаев ТГ-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: