T.me/ValeriNikolaev
Бүгүн, балаҕан ыйын 27-с күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэр 4 уулусса аспаал суола үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.
Бү үөрүүлээх түгэҥҥэ Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторун СӨ тыраанспарын уонна суол-иис хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев эҕэрдэлээтэ.
Кэнтик нэһилиэгэ бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бастакы уонна соҕотох аспаал суолунан бүрүллүбүт элбэх уулуссалаах нэһилиэк буолла.
Бу сыалы ситиһиигэ «Тыа сирэ биир кэлимник сайдыыта» РФ судаарыстыбаннай бырагырааматын «Тыа сиригэр тырааныспар, суол-иис сайдыыта» федеральнай бырайыак көмө, тирэх буолла.
Бырайыак көмөтүнэн Кэнтик нэһилиэгэр 4 уулуссаҕа уопсайа 2,25 км уһуннаах суол оҥоһулунна.
Кэнтик нэһилиэгин дьаһалтатын хамаандата хас да сыллаах сыралаах үлэтин түмүгэр былырыын 2023 сылга федеральнай конкуруска кыайан, суол өрөмүөнүгэр уопсайа 91 033 550 солк., ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн — 55 741 000 солк., өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттүттэн — 25 374 060 солк., Кэнтик нэһилиэгин бүддьүөтүттэн — 720 000 солк., эбии үбүлээһининэн — 9 198 390 солк. көрүллэн суол оҥоруутун үлэтэ быйыл саҕаламмыта.
РИК «Автодор» хампаанньа атырдьах ыйын 11 күнүттэн суолу өрөмүөннээн, аспаалынан бүрүйүү үлэтин саҕалаан бу күннэргэ түмүктээтэ диэн улуус баһылыга Валерий Николаев иһитиннэрдэ.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһигини үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан уонна Ороһуоспанан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил…
Илиҥҥи халандаар этэринэн, хас биирдии сыл гороскопка баар 12 кыыл салалтатынан ааһар. Үүнүөхтээх 2026 сыл…
Ис сүрэхпиттэн үүнэн иһэр 2026 сылынан эҕэрдэлиибин! Биһиги XXI үйэ иккис чиэппэригэр үктэнэбит. Бэлиэ түгэннэринэн, чаҕылхай ситиһиилэринэн…
Бу күннэргэ күн-дьыл хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Хаар түһэр дуо? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр сорох сиринэн кыра…
Бу ый саҥатыгар Норуоттар икки ардыларынааҕы “Саха сирин бриллианнара” хаар уонна муус оҥоһук бэстибээлигэр араас…
Ааһан эрэр 2025 сыл Өймөкөөн улууһун олохтоохторугар айылҕа иэдээнэ -- алдьатыылаах халаан үгүс хоромньуну оҥорон,…