Көҥүл киһи Түмэр Тиҥсий
Бүгүҥҥү сэһэргэһээччибин кытта кини суруйуулара бары бөлөхтөргө кэлэр буолуоҕуттан ыла билсиэхпин баҕарбытым.
“Туох киһи маннык суруйара эбитэ буолла?” диэн, мөссүөнүн өйбөр ойуулаан, оҥорон көрөр этим. Арааһа, мин эрэ оннук санаабатаҕым, үгүс киһи санаата оннуга буолуо дии саныыбын. Ол иһин былырыын ахсынньыга хаһыаппар суруйаары эрийэ сылдьыбытым. Дьоруойум буолуохтаах киһим улгумнук сөбүлэспитэ. Ол эрээри, мин усулуобуйам биир этэ – кини олорор сирин хайаан да бэйэм көрүөхтээхпин, кэпсэтиибит кини хаарын күрдьэр тэлгэһэтигэр буолуохтаах. Уонна… кини халлаан туругун кэтээн көрөр турбатын хайаан да көрүөхтээхпин диэн этэ. Сэһэргэһээччим сөбүлэспитэ. Ол эрээри Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ буолан, көрсүһүү табыллыбатаҕа. “Тохсунньуга кэпсэтиэхпит” диэн буолбута. Тохсунньу бүтүөр диэри ый устата куораппыт хойуу туманынан бүрүллэн туран, кэпсэтиибит эмиэ уһаабыта. Онтон олунньуга командировка кэмэ саҕаланан, эмиэ бокуой көстүбэтэҕэ. Кулун тутар сааскы күннэрэ үүнэн, дьэ болдьоһон, дьоруойбун кытта кини тэлгэһэтигэр туран, “бу мантан куйаар ситиминэн халлаан туруга суруллан тахсан, дьоҥҥо эрэл кыымын саҕар тыллар үөскүүллэр” диэн санааттан видео-матырыйаал оҥорбутум. Ол “Түмэр Тиҥсий. Кини кимий?” диэн матырыйаалым “Саха сирэ” хаһыат саайтыгар бэчээттэнэн, күн бүгүн 15 677 киһи киирэн көрдө. Бу сыыппараттан киһи туох түмүгү оҥоруон сөбүй? Борис Григорьев-Түмэр Тиҥсий өрөспүүбүлүкэҕэ интэриэһи күүскэ тардар киһи эбит. Эппитим курдук, “туох киһи маннык суруйара эбитэ буолла?”, диэн кини мөссүөнүн өйүгэр ойуулаан, оҥорон көрөр киһи үгүс эбит.
Аат суолтата
Кырдьык да, күн аайы бассаабынан күннээҕи халлаан туругун, ол иһигэр буола турар быһыыны-майгыны Түмэр Тиҥсий ырытыытын сарсыардаттан аахпатахпытына, саҥа күн саҕаламматаҕын тэҥэ курдук. Өрөбүл күн норуоттан тахсыбыт дьоруойу анаан дьиэтигэр тиийэн көрсөн, бэрт уһуннук араас тиэмэҕэ кэпсэтэн, дууһалыын сырдаан кэллим. Хаһыаппыт бүгүҥҥү дьоруойа оннук дириҥ билиилээх, киэҥ көрүүлээх, олоххо мындыр уопуттаах, уйулҕаһыт киһи эбит.
Сунтаартан төрүттээх Борис Григорьев-Түмэр Тиҥсий. Кини кимий? Тоҕо итинник ааты бэйэтигэр ылынна? Ити ыйытыылартан саҕаланна кэпсэтиибит.
– Түмэр Тиҥсий псевдониммын өбүгэлэрим ааттарыттан толкуйдаабытым. Хос-хос эһэм тимир ууһа Тиҥсий Ньукулай – биһиги аймах Аҕа ууһун баһылыга эбит. Кини уһанан, тыаһаан-уһаан тиҥсийэрин иһин, арааһа, “Тиҥсий” диэбиттэрэ буолуо диэн сабаҕалыыбын. Ити 5-с көлүөнэбит киһитэ. Аймахтар “Төрүччү кинигэтин” бэлэмнээн таһаарбыппыт. Онно тыһыынчанан киһи кимтэн кииннээхпит, хантан хааннаахпыт сурулла сылдьар.
Оттон “Түмэр” – тэрийээччи, түмээччи диэн суолталаах. Оҕо эрдэхпиттэн түмэр, салайар дьоҕурдаах этим.
1989 с. Москваҕа Салайыы институтун бүтэрэн, салайыыны тэрийиигэ инженер-экэнэмиис идэтин ылбытым. Устудьуоннуур сылларбар миигин биир дойдулаахтар түмсүүлэрэ куоластаан, салайааччынан талбыттара. Биир кууруска үөрэммиттэрим «биһиги бэрэсидьиэммит» диэн билигин да киэн тутта ахталлар. Ол истиэххэ үчүгэй баҕайы, – диэн санаатын үллэстэр Түмэр Тиҥсий.
Бассаапка* бастаан суруйуу
(*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России)
Сэһэргэһээччим тыл үөрэхтээҕиттэн туох да атына суох барытын ыпсаран, бэрт хомоҕойдук уустаан-ураннаан суруйарын бэлиэтии көрөргүт чахчы. Онон үгүстэр “Түмэр Тиҥсий бассаапка* суруйуута туохтан саҕаламмытай? Хайдах кини иһитиннэриитин сааһылаан тиһэрий?” диэн интэриэһиргииллэрэ чахчы.
– Бассаапка* суруйуум аймахтарбын кытта сарсыардааҥҥы күнү-дьылы ыйыталаһыыттан саҕаламмыта. “Эһиэхэ халлааҥҥыт хайдаҕый? Төһө тымныйда, сылыйда?” диэн ыйытыыларга хардаран, кыраадыспын кэтиир, көрөр буолбутум. Бастаан утаа тыалы-кууһу, сөҥүүнү суруйар этим. Онтон кыраадыска көспүтүм. Кыһын өбүгэлэрбин утумнаан, халлаан туругун кэтээн көрөн суруйар буолбутум. Кэлин буола турар балаһыанньаны араадьыйа, тэлэбиисэр сонуннарын истэн эбии күннээҕинэн ырытабын, – диэн санаатын үллэстэр Түмэр Тиҥсий.
Олоҕу байытар биэрии
Түмэр Тиҥсий кэлиҥҥи кэмҥэ тэлэбиисэртэн түспэт буолла. Маннык кэпсэтиилэр киниэхэ тугу биэрэллэрий?
– “Саха” НКИХ “Талбан” биэриитигэр хаста да сырыттым. Арааһа, уустук боппуруоһу дьоҥҥо тиийэр гына судургутук кэпсиир диэн толкуйтан ыҥыраллар быһыылаах. Биэриигэ кыттаары олордохпуна, ким да миэхэ “маннык эт, саҥар” диэн ыйыы-кэрдии биэрбэт. Мин ким да сакааһын толорбоппун, бэйэм толкуйбунан сылдьабын. Быһата, көҥүл киһибин. Итинник биэриилэр, биллэн турар, олоҕум ис хоһоонун байыталлар, – диэн мичээрдээн ылар сэһэргэһээччим.
Дьон санаатын бөҕөргөтөөрү
Түмэр Тиҥсий күннээҕи “борогунуоһа” киһи санаатын бөҕөргөтөр, кынаттыыр. Арааһа, ол иһин кини суруйууларын дьон кэтэһэрэ буолуо.
– Бассаапка* суруйар буолбутум үһүс сыла. Бу тухары ис туругум, санаам, толкуйум тосту уларыйда. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ киһи санаатын күүһэ олоххо улахан дьайыылаах буолар. Үчүгэйи саныыр киһи санаабыта туолара чахчы. Ол иһин дьон санаатын бөҕөргөтөөрү суруйууларбын өрүү эрэл кыымын саҕар тылларынан түмүктүүбүн. Үүммүт күнүн санаа сырдык кыымыгар куустаран саҕалыыр киһи үлэтэ да тахсыылаах буолара чахчы, – диэн кэлиҥҥи сылларга бассаапка* хаардыы хааман киирбит, норуоттан тахсыбыт Борис Григорьев-Түмэр Тиҥсий санаатын, толкуйун сайа этэн, кэпсэтиибитин түмүктээтэ.
Ааҕааччыларбар Түмэр Тиҥсий өссө биир дьоҥҥо туһалаах дьарыгын – суорумньуһутун туһунан билиһиннэриэм. Бу туһунан Түмэр Тиҥсийдиин икки чаас устата кэпсэттибит. Онон эмиэ бу бэрт интэриэһи тардар кэпсэтиини кэтэһиҥ.
(*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: