Бэҕэһээ, муус устар 15 күнүгэр, Дьокуускайга көҥүл тустууга 21 саастарыгар диэри уолаттарга Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһии саҕаланна. Күрэхтэһиигэ Арассыыйа 43 эрэгийиэниттэн 300 тустуук кыттар.
«Дойдубутугар көҥүл тустуу сайдан иһэрин Көҥүл тустууга Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһии ыытыллара бэлиэтиир. Үгүс олимпийскай чемпионнар уонна аан дойду чемпионнара 2006 сыллаахха ыытыллыбыт Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһиигэ кыттыбыттара, ол иһигэр Виктор Лебедев бастакы улахан кыайыытын ситиспитэ», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
Айсен Николаев физическэй култуура уонна спорт сайдыытыгар үтүөлэрин, ыччаты иитиигэ, спорка үрдүк ситиһиилэрин, өр сыллаах үлэлэрин иһин махтал суруктары Иван Сивцевкэ, Василий Уваровка туттарда.
Арассыыйа спортивнай тустууга федерациятын бэрэсидьиэнэ Михаил Мамиашвили: «Али Алиев, Роман Дмитриев курдук улуу дьон итиэннэ бүгүҥҥү олимпийскай чемпионнар Абдулрашид Садулаев, Заурбек Сидаков үгэстэрин салгыыр спортсменнар бүгүҥҥү күрэхтэһиигэ кытта сылдьаллар», — диэн туран, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар махтанна.
Күрэхтэһии бастакы күнүн түмүгүнэн, кыайыылаахтарынан уонна призердарынан 24 спортсмен алта ыйааһыҥҥа: 57 кг, 65 кг, 74, кг, 86 кг, 97 кг, 125 кг буоллулар.
Ил Дархан Айсен Николаев 57 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа кыайыылаахтарга бастакы мэтээллэри туттартаата. Саха сирин тустууга Лев Павлов эрэллээхтик бастаата. Үрүҥ көмүс мэтээлинэн Халид Магомедов (Дагестан), боруонсанан Джабраил Тулаев (Чечня) уонна Хабиб Мехтиханов (Дагестан) наҕараадаланнылар.
Бу күрэхтэһии Ил Дархан Айсен Николаев уонна Арассыыйа спортивнай тустууга федерациятын бэрэсидьиэнэ Михаил Мамиашвили быһаарыыларынан Дьокуускайга ыытыллар. Дьокуускай куоракка бүтэһиктээҕин Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһии 17 сыл анараа өттүгэр ыытыллыбыта. Ол курдук, 2006 сыллаахха күрэхтэһии «Кыайыы 50 сыла» спорт дыбарыаһыгар буолбута.
Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэр УГМС иһитиннэрэр. Соҕуруулуу-арҕаа,…
Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата биллэрбитинэн, 2025 с. тохсунньу ыйдааҕы биэнсийэни уонна босуобуйаны түҥэтии болдьоҕо…
Кэлэн иһэр 2025-с Моҕой сыла, астрологтар этэллэринэн, икки өрүттээх буолуоҕа: сорохторго ситиһии, үтүө уларыйыылар тосхойуохтара,…
Олохпун, үлэбин кэрэ абылаҥнаах үҥкүүгэ анаабыт кэрэ кэмнэрим дьонугар уонна кэнники аттыбар буолан олохпун күн…
Хантан кэлбитэ, ким айбыта биллибэт эрээри, Саҥа дьыл бэйэтэ туспа үгэстээх, биттээх-билгэлээх. Сорох дьон маны…
Бу күннэргэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар мас ууһун уонна кыра массыыналары көрүү-истии, өрөмүөннээһин сатабылларын төһө иҥэриммиттэрин…