Көҥүл тустуу турнирыгар 500 эдэр бөҕөс күөн көрсөр

Share

Дьокуускайга от ыйын 1-7 күннэригэр аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, ССРС успуордун үтүөлээх маастара, олимпийскай чөмпүйүөн Павел Павлович Пинигин чиэһигэр көҥүл тустууга 500 спортсмен кыттыыны ылар.

Хаартыскаҕа Петр Павлов түһэриитэ, dzulurgan.ru

Күрэхтэһии иитинэн 16-гар диэри саастаах тустууктарга Бүтүн Арассыыйатааҕы аһаҕас турнир уонна 18-гар диэри саастаах спортсменнарга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир ыытыллар. Күүстээхтэн күүстээх, бастыҥ бөҕөс аатын ылар иһин Белоруссияттан, Казахстантан, Монголияттан, Кыргызстантан, Таджикистантан, РФ сүүмэрдэммит хамаандата, Амур, Иркутскай, Кемерово уобаластарыттан, Бурятияттан, Еврейскэй АУо, Забайкалье, Приморье кыраайдарыттан, Ингушетияттан, Тываттан күрэхтэһэллэр. Көбүөргэ барыта 500-тэн тахса спортсмен күөн крөсөр.

Турнир бочуоттаах ыалдьыттарынан — көҥүл тустууга аан дойду чөмпүйэнээтин икки төгүллээх үрүҥ көмүс призера, Азия оонньууларын чөмпүйүөнэ Буйанделгер Бол (Монголия), РФ физкултуура уонна успуорт үтүөлээх үлэһитэ, көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах успуорт маастара, успуорт национальнай көрүҥнэригэр РСФСР успуордун маастара, Арассыыйа чөмпүйүөнэ, ССРС Сэбилэниилээх күүстэрин чөмпүйүөнэ Радислав Николаевич Наважап (Республика Тыва) буолаллар.

«Турнирга кэлбит бары ылдьыттары, спортсменнары, тириэньэрдэри, бэрэстэбиитэллэри үөрэ көрсөбүн, эҕэрдэлиибин. Саха сирин бастыҥ бөҕөстөрө бэйэлэрин спортивнай суолларын бу турниртан саҕалаабыттара уонна аан дойду түһүлгэтигэр үрдүк чыпчааллары дабайары ситиспиттэрэ. Убайдаргыт ситиһиилэрин эһиги эмиэ хатылыаххыт уонна норуоккутун, дойдугутун кыайыыларгытынан үөрдүөххүт диэн эрэнэбин», — диэтэ Павел Пинигин эҕэрдэ тылыгар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыскаларга Петр Павлов түһэриитэ, dzulurgan.ru

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

3 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

7 часов ago