“Кэпэрэтииппит сайынна”

Share

Бүлүү улууһугар ыытыллыбыт Зоотехник-селекционердар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарын кэмигэр “1-Күүлэт” ПК зоотехниктаабыт, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэ хаһаайына, СӨ Тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ Федорова Тамара Васильевнаны көрсүбүтүм. Кини санаатын маннык үллэһиннэ:

— “Күүлэт” сопхуос урут кытыы сытар отделение этэ. 1999 с. “1-Күүлэт” кэпэрэтиип буолбуппут. Быйыл тэриллибиппит үйэ чиэппэрэ буолар. Мин 1983 с. үөрэхпин бүтэриэхпиттэн зоотехниктаабытым. Кэпэрэтиип буолан баран сүөһүнү энчирэппэккэ иитэн, үлэһиттэри хамнастаан кэллилэр.  Тыа хаһаайыстыбатыгар көмө көрүллэр буолуоҕуттан ыла кэпэрэтииппит күүскэ сайынна дии саныыбын.

120 миэстэлээх комплекс тутуллубута. Сопхуос саҕанааҕы хотоннор эргэрэн, ыччат сүөһүгэ анаан хотону хаһаайыстыбаннай ньыманан тутуу ыытыллыбыта. Хамнас үчүгэй буолан, үлэлиир дьон элбэх. Сайылыкпытыгар күүстээх үлэ баран, хас биирдии үлэһиккэ олорор дьиэлээхтэр, уот, уу ситимэ, интэриниэт баар. Онон үлэһиттэр үөрэ-көтө сайылыктарыгар тахсаллар. Үлэлиир усулуобуйа үчүгэй буолан, бородууксуйаны да ылыы үчүгэй дии саныыбын. Арыыбыт сыаҕа сылы эргиччи үлэлиир. Бу Бүлүү улууһун Тыымпы сэлиэнньэтигэр сайылыкка ыытыллыбыт Зоотехник-селекционердар өрөспүүбүлүкэтээҕи үһүс куонкурустарын олус сөбүлээтим. Урукку биир идэлээхтэрбин көрүстүм. Эдэр исписэлиистэри үчүгэйдик үөрэтиэххэ наада. Племенной үлэ исписэлиистэрэ бэйэлэрин тустаах үлэлэринэн дьарыктаныахтаахтар. Биригэдьиир курдук сылдьыа суохтаахтар. Сүөһү боруодатыгар тохтоотоххо, мээнэ боруоданы буккуйар наадата суох. Бэйэбит сүөһүбүтүн иитиэхпитин наада. Холобур, Күүлэккэ оттообут оппутун атын улуус ынаҕа сиэ суоҕа. Зоотехник үлэтиттэн хаһаайыстыба инники туруга олус тутулуктааҕын өйдүөхтээхпит.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

16 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

3 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

16 часов ago