Кэпэрэтииптэр сийиэстэригэр үгүс сонун этии киирдэ

Share

Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин сийиэһэ буолан ааста.

Пленарнай мунньахха кыттыбыт “Аччыгый баһаар” («Малый базар») тэрилтэни төрүттээбит Дмитрий Громов бэйэтин санаатын маннык үллэһиннэ:

Биһиги “Аччыгый баһаарга” 29 тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин түмтүбүт. Ааспыт сыл түмүгүнэн бу дьоммут  930 мөл. солк.  тахса дохуоттаннылар. Маныаха оҥорон таһаарааччылар бэйэлэрэ оҥорон таһаарар бородууксуйаларын батарааччыларга туттарбакка,  бэйэлэрэ атыылыыр буолан, бородууксуйаҕа эбии сыана эбиллибэт.

 Кэпэрэтииптэр сийиэстэригэр Федерация Сэбиэтин сэнээтэрэ Егор Борисов, СӨ Бырабыыталастыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Ил Түмэн дьокутаата Александр Атласов кыттан, тэрээһин судаарыстыбаннай суолталанна.

“Тыа хаһаайыстыбатын кэпирээсийэтин туһунан” федеральнай сокуон ылыллаары турар буолан, сийиэс кыттааччылара бэйэлэрин үгүс сонун этиилэрин киллэрдилэр. Ол курдук, эрэгийиэннээҕи агроагрегатор биир эрэ хайысханан үлэлиэ суохтаах. Үүт, эт, оҕуруот аһын, балык, сир аһа уо.д.а көрүҥнэргэ  агрегатордар эмиэ бааллара ордук. Маны таһынан, улуустардааҕы кэпэрэтииптэр бэрэстэбиитэллэрэ олорор түөлбэлэрин (Бүлүү умнаһа, илин эҥээрдээҕи уонна хотугулуу-илиҥҥи, киин, соҕуруу уонна соҕуруулуу-арҕаа, хотугу, арктическай улуустар) эмиэ учуоттуур тоҕоостоох.

“Оҥорон таһаарыы-батарыы” курдук өйдөбүл өрөспүүбүлүкэбитин  инники күөҥҥэ таһаарыыга үлэлиэхтээх. Уһук Илин уокурукка ыаллыы олорор өрөспүүбүлүкэлэр олорор сирдэрин бэйэлэрин оҥорон таһаарар астарынан угуйар буоллулар. Холобура, бүрээттэр буузаларыгар кинилэр култууралара, эт аһы оҥорор ньымалара (ол иһигэр эттэрин амтана) киирэр. Манан сибээстээн, ас-үөл салаатыгар үлэлэһэр уопсастыбаннай тэрилтэлэри (“Саха сиригэр оҥоһулунна”, Ыалдьытымсах буолуу ассоциацията, “Саха сирин амтана”  гастрономическай бэстибээл, Саха сиринээҕи Эргиэн палаатата уо.д.а.) өйүүр сорук турар.

Салгыы Дмитрий Громов бэйэтин этиитин маннык түмүктээтэ:

What’s your Reaction?
+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

12 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

12 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

12 часов ago