Кэптэни эр дьонун түмсүүтэ көмө субуотунньук тэрийдэ

Share

Уус Алдан улууһугар Владимир Прядезников, Пётр Перевалов эр дьон түмсүүтүн тэрийэн үлэлэтэллэр. 

Украинаҕа байыаннай эпэрээссийэҕэ  сылдьар Саян Софронов уонна Ариан Прядезников төрөппүттэригэр, соҕотох ийэ Анастасия Протопоповаҕа, биэнсийэлээх Мария уонна инбэлиит Михаил Софроновтар дьиэ кэргэттэригэр иккилии бырысыап оттук маһы бэлэмнээн киллэрэннэр үөрүүлэрин үрдэттилэр.

Утуйар уулара да көтө сылдьар төрөппүттэр Лөгөй нэһилиэгин баһылыгар Николай Поповка, кини солбуйааччытыгар  Егор Лугиновка, «Аал Уот» кырдьаҕастар түмсүүлэригэр өрүү ахсаабат кыһамньыларын, билсэ-көрсө олороллорун иһин махтаналлар.

Субуотунньукка бөһүөлэк эр дьоно көхтөөхтүк кытынна. Кинилэргэ сылаас эбиэти дьокутаат Галина Прокопьева, хаалыктаах хаамыы инструктора Галина Олесова, тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Геннадий Борисов бэлэмнээтилэр.

Ульяна БУРНАШЕВА-Уйана

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Орто Халыма маастара хаартан моҕойу оҥордо

Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо.  [gallery…

18 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сүрүн

Филипп Евсеев: “Дьоһуннаахтык уонна чиэһинэйдик олоруохха”

Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…

48 минут ago
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Дьокуускайга уһуйаан оҕолоро Тымныы Оҕонньору, Хаарчаананы көрөн үөрдүлэр

Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …

1 час ago
  • Быһылаан

Нерюнгрига массыыналар харсыстылар, биир киһини госпитализациялаатылар

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Моҕой сыла, мичик гын!

Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

4 часа ago