Кэптэнигэ саҥа тэриллэн эрэр Лөгөй аатынан мусуойга омук сириттэн бастакы ыалдьыттарынан киһи аймах сайдыытын үрдүкү чыпчаала буолбут Швейцарияттан кэлбит Алёна Васильева (Уһун Күөлтэн төрүттээх) кэргэнэ Меиджа Като Мауро Массамитилыын буоллулар.
Суруйар эйгэлээх киһи сиэринэн, ыраах сиртэн кэлбит ыалдьыттары кытары ирэ-хоро сэһэргэстим.
Алёна сахатын тылын өрө тутар буолан, эбиитин Мауро Массамити нууччалыы билэринэн, бэрт чэпчэкитик өйдөстүбүт. Алёна — биһиги олохтоох хаһыаппыт бастакы селькора, «Мин хатыҥнаах бөһүөлэгим» кинигэ ааптара Уйбаан Бэрииһэп сиэнэ. Ийэтэ Дария, аҕата Анатолий Васильевтар Уһун Күөл үлэһит, аныгылыы сайдыылаах ыала. Алёна икки кыыс оҕоттон кыралара. Кинилэри кыраларыттан билиигэ, кинигэни таптыырга, дьиэ үлэтигэр, хаһаайка бары сатабылыгар, сахалыы сиэргэ ииппиттэригэр Алёна төрөппүттэригэр махтала муҥура суох. Эдьиийэ Оксаналыын Саха судаарыстыбаннай университетын утуу-субуу бүтэрбиттэрэ. Эдьиийэ — Дьокуускай олохтооҕо, дьиэ кэргэн ийэтэ.
Алёна 2011 сыллаахха СБГ бүтэрбитэ. Улуу француз тылыгар умсугуйбута. Бу умсулҕаҥҥа тардыбыт учууталын Екатерина Говорованы истиҥник ахтар. Университекка үчүгэйдик үөрэнэн, Францияҕа стажировкаламмыта, салҕыы онно үлэлии хаалбыта. Английскай тылынан дьарыктаныыта Швейцарияҕа үлэлии тахсарыгар кыаҕы биэрбитэ.
Мин салҕыы кинилэр астарын-үөллэрин, олохторун-дьаһахтарын интэриэһиргээтим.
Ыалдьыттарбыт кэпсииллэринэн, «Рахлет фондю» диэн боростуой бүлүүдэҕэ миискэҕэ үрүҥ виноҕа сыыры уулларан баран килиэби ымньаан сиир түргэн эбит. Сыыры уулларан бутербродка, мокуруоҥҥа, хортуоскаҕа куталлар. Винону аһыах иннинэ өрүү иһэллэр. Биһиги курдук, тута аһаабытынан барбаттар. Бастаан вино, сокууска көрүллэр, ол кэнниттэн итии, тымныы бүлүүдэ бэриллэр. Фруктаны, оҕуруот аһын үксүн Италияттан, Испанияттан аҕалыллыбыты атыылаһаллар. Бу олохтоох сыанатааҕар чэпчэки. Аска олус болҕомтолоохтор. Маҕаһыыннарга, аһыыр сирдэргэ өрүү сибиэһэй, сонун аһылык баар буолар.
Швейцарияҕа биэнсийэлэрэ үрдүк, оҕолоруттан туспа олороллорун сөбүлүүллэр. Бэйэлэрин көрүнэллэр. Хаалыктаах хайаҕа хаамаллар, уулуссаҕа дьаарбайаллар. Өрүү үрүксээк сүгүүлээхтэр. Үҥкүүлүүллэрин, сэрээккэлииллэрин сөбүлүүллэр. Сөптөөх доруобай аһылыктаахтар. Кыаммат буолбуттар анал дьиэлэргэ толору усулуобуйаҕа олороллор.
Мауро юрист идэтин ис сүрэҕиттэн баҕаран талбыт. Эмиэрикэ хампаанньатыгар улахан куонкуруһу ааһан киирбит. Алта омук тылынан саҥарар. Хомуньуус, баартыйалаах. Маркс, Энгельс, Сталин үлэлэрин аахпыт, интэриэһиргиир. Дьокуускайга эдьиийдэрэ, биллэр суруналыыс Наталья Кычкина дьиэтигэр долбуурга Сталин кинигэтин көрөн олус үөрбүт. Бу дьиэ кэргэн хайаҕа сынньанарын олус сөбүлүүллэр, кинилэртэн Атлантическай акыйаан чугас.
Хаһаайыстыбалаах ыалга төрөөбүт буолан, Алёна сүөһүлэри онно да интэриэһиргээн көрөр. Отторо олус хойуутук үүнэр, 2 миэтэрэ курдук үрдүктээх. Ону охсубакка тута бириэстииллэр. Оннук хойуу, уһун окко мэччийэр буоланнар моонньуларыгар чуораанчыктаахтар, муостара суох. Анал мэччийэр кыраныыссалаахтара боробулуоха курдук тимиринэн төгүрүтүллэр, онтон тахсыбаттар.
Ульяна БУРНАШЕВА-УЙАНА
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…