Көрбөт дьоҥҥо көмөлөһөр, сайыннарар бибилэтиэкэ үлэтин-хамнаһын туһунан

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Иван Горнай аатынан Көрбөттөр уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал бибилэтиэкэлэрэ Саха сиригэр соҕотох. Бибилэтиэкэ 2 тыһыынча кэриҥэ ааҕааччылаах, ол онтон 300-һэ – оҕолор. Бары улуустары хабан, хааччыйан олороллор. Соторутааҕыта бибилэтиэкэ тэриллибитэ 55 сылын бэлиэтээбиттэрэ. Манна барыта 17 үлэһит айымньылаахтык үлэлиир.

Биһигини Ааҕааччыны кытары үлэлиир салаа сүрүн бибилэтиэкэрэ Ульяна Чичигинарова көрүстэ.

– Биһиэхэ көрбөт, мөлтөхтүк көрөр дьон эрэ буолбакка, атын да көрүҥнээх инбэлииттэр эмиэ кэлэллэр. Улуустарга 57 бибилэтиэкэ пуунун, көрбөттөр уопсастыбаларын, ин­­бэлииттэр уопсастыбаларын, кырдьаҕастар дьиэлэрин, коррекционнай оскуолалары, анал уһуйааннары, инбэлииттэри реабилитациялыыр тиэхиньикум-интэринээти, о.д.а. кытта үлэлэһэбит.
Ааҕааччыларбыт бэйэлэрэ да, чугас дьоно да кэлэн уларсан бараллар. Улуустартан сакаас киирдэҕинэ, кинигэни баһыылкалаан ыытабыт. Онтон ааҕан баран, төттөрү ыыталлар. Сытар, хаампат дьоҥҥо нэдиэлэҕэ иккитэ дьиэлэригэр тиэрдэн биэрэбит. Сороҕор куулунан кинигэни сакаас­тааччылар.

Бибилэтиэкэ тиксэриитэ.

Бибилэтиэкэ иһинэн араас кулууптар үлэлииллэр. Үксүгэр сааһырбыт дьон харахтарынан моһуогураллар, онон ааҕаач­чыларга саастаах дьон элбэх. Кинилэргэ “Галантный возраст” кулууп үлэлиир. Маастар-кылаастар, интэриэһинэй көрсүһүүлэр ыытыллаллар. Маны тэҥэ, “Ааҕыы эйгэтэ” литературнай көстүүнэй, “Мир кино” кулууп бааллар.
“Мостик” инклюзивнай айар лабораторияҕа инбэлиит оҕолор доруобай оҕолору кытта тэҥҥэ алтыһан, дьарыктанан, оонньоон сайдалларын ситиһэбит. Манна араас тэрээһиннэр, маастар-кылаастар ыытыллаллар. “Светлячок” оҕо, дьиэ кэргэн киинэ үлэлиир.

Иван Горнай аатын үйэтитэргэ “Егоровскай ааҕыылары” ыыппыппыт уонча сыл буолла. Кини айымньыларын уус-ураннык ааҕыыга, нууччалыы тылбааска, рецензияҕа, уо.д.а. күрэстэр буолаллар. Көрбөт бэйиэт, суруйааччы Брайль систиэмэтинэн сахалыы алпаабыты айбыта уонна бибилэтиэкэҕэ бэлэхтээбитэ.

Бибилэтиэкэ тиксэриитэ.

“Брайль систиэмэтинэн ааҕыы уонна суруйуу” күрэһи Ийэ тыл күнүгэр сахалыы уонна алтынньыга “Белая трость” күнүгэр нууччалыы тылынан ыытабыт. “Брайль киинэ” үлэлиир. Манна кэлин сааһыран баран көрбөт буолбут дьон ааҕа үөрэнэллэр. Бибилэтиэкэр, тифлопедагог, бэйэтэ көрбөт Сахаайа Данилова үөрэтэр. Кини саҥа бэчээттэммит кинигэлэри эрэдээксийэлиир.

Сыл түмүгүнэн “Ааҕыы бастыҥа” күрэскэ бастыҥ ааҕаач­чыларбытын бэлиэтии­бит. Көмөлөһөр дьоммутугар, волонтердарга махтанабыт. Биһиэхэ “Якутскэнерго” тэрилтэ куруук көмөлөһөр. Көрбөттөр уопсастыбалара биһигинниин биир дьиэҕэ баар буолан, манна куруук сылдьаллар, тэрээһин бөҕө ыытыллар. Кинилэр уопсастыбаннай, култуурунай олохторун киинэ бибилэтиэкэ буолар, – диэн Ульяна Петровна кэпсээтэ.

Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА.
Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА.

АНАЛ КИНИГЭЛЭР

Интэриэһинэйэ диэн, бибилэтиэкэҕэ бэйэлэрэ Брайль сириибинэн кинигэлэри бэчээттииллэр уонна артыыс­тары ыҥыран аахтаран, саҥарар кинигэлэри флешкаҕа уган оҥороллор эбит. Тыаһы-ууһу устар, оҥорор устуудьуйалаахтар, сахалыы сирииптээх анал бэчээттиир принтердээхтэр.

1 чараас кинигэ Брайль сириибинэн 5-6 халыҥ кинигэ буолан тахсар. Маннык кинигэлэр сытыары сытыа суох­таахтар, бөлтөркөй туочукалара баттанан, ааҕыллыбат буолан хаалаллар үһү. Онон булгуччу туруору ууран харайыллыахтаах.

Маны тэҥэ, оҕолорго илии иминэн даҕайыллар (тактильнай) кинигэлэри оҥороллор. Хартыыҥкалары бөлтөркөй сурааһынынан уруһуйдууллар, эбэтэр, араас матырыйаалы туһанан оҥороллор. Холобур, дьиэ ойуутун маһынан, хортуоҥканан оҥорон таһаараллар. Рельефнэй-графическай хартыыналар, каарталар бааллар – ол аата ойуу чэрчитинэн бөлтөркөйдөрү тутан көрөн, киһи син билэр. Холобур, “Памятники и скульптуры Якутска” диэн кинигэни оҥорбуттар – манна өйдөбүнньүктэри бөлтөркөй сурааһынынан уруһуйдаабыттар. Онон оҕо хайдах өйдөбүнньүк буоларын өйүгэр оҥорон көрөр.

Серошевскай “Якуты” кинигэтин икки сылы быһа аахпыттара, 28 чааһы быһа иһиллэр аудио-кинигэ буолан тахсыбыта.

Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА.

МОБИЛЬНАЙ СЫҺЫАРЫЫ УОННА САҤАРАР КИНИГЭЛЭР

Медиа уонна тифлотехнология отделыгар саҥалыы көрүүлээх, эдэр, эрчимнээх үлэһиттэр үлэлииллэр. Бу отделга Брайль сириибинэн кинигэни бэчээттииллэр уонна саҥарар кинигэлэри усталлар. Сылга 50-ча саҥарар кинигэни, илии иминэн ааҕыллар 20-чэ кинигэни, ону таһынан, бөдөҥ сирииптээх кинигэлэри бэчээттээн таһаараллар.

Көрбөт инбэлииттэргэ Социальнай пуонда анал төлөпүөнү, чаһыны, тифлоп­лееры биэрэр. Бу тифлоплеергэ саҥарар кинигэлэри хачайдаан, истиэххэ сөп. Анаан бибилэ­тиэкэҕэ кэлэн, сүүсчэкэ кинигэни хачайдаан бараллар эбит. Ону сылы быһа истэллэр. Көрбөт, аахпат киһиэхэ төһөлөөх үчүгэй буолуой?

“Моя Якутия – вижу сердцем”, “Деятели Якутии” кинигэлэр сиэрийэлэрин бэчээттээбиттэрэ. “Көмүлүөк” диэн сурунаалы таһаараллар. Манна сонуннар, туһалаах ыстатыйалар, ааҕааччылар хоһоонноро уонна кэпсээннэрэ бэчээттэ­нэллэр.

“Аудиокниги РБС” диэн мобильнай сыһыарыыны оҥорбуттар. Бу сыһыарыыны хачайдаатахха, 1,5 тыһыынча саҥарар кинигэни истиэххэ сөп. “Оттон көннөрү дьон бу сыһыарыыны хачайдыахтарын сөп дуо?” диэн ыйытыыга бибилэтиэкэр Оксана Саввинова маннык хоруйдаата:

– Сыһыарыы бибилэтиэ­кэ ааҕааччыларыгар эрэ анал­лаах, тоҕо диэтэр, ааптар быраа­ба диэн баар. Суруйааччылар нэһилиэнньиктэриттэн көҥүл көрдүөххэ, төлөһүөххэ эҥин наада. Киэҥ эйгэҕэ таһаарар бырааппыт суох.

Медиа уонна тифлотехнология отделын сэбиэдиссэйэ Герман Макаров этэринэн, инбэлиит дьон эрэ буолбакка, сааһыран баран, чугаһы үчүгэйдик көрбөт, аахпат буолбут дьон эмиэ кэлиэхтэрин сөп.

Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА.

ТИФЛО-ТЫЛБААС САҤА САҔАХТАРЫ АРЫЙАР

Докумуоннары учуоттаа­һын уонна библиография отдела биир тутаах салаа буолар. Сэбиэдиссэй Евдокия Герасимова этэринэн, кинигэлэри харайарга миэстэ тиийбэтэ биир сүрүн кыһалҕа буолар. Сыл аайы кинигэ пуондата эбиллэр. Кииннэммит ситиминэн Москваттан флешкаҕа суруллан кэлэллэр. Оттон эргэрбит, алдьаммыт кинигэлэри пуондаттан таһаараллар.

Кэм ирдэбилинэн, саҥарар кинигэлэри урут бобинаҕа, кассетаҕа, диискэҕэ устар этилэр. Бу тэриллэр түргэнник алдьаналлара. Билигин флешкаҕа усталлара бөҕө-таҕа эбит.

Саайтарын, социальнай ситимнэри сайыннараллар. Өссө биир интэриэһинэй ха­­йысха – тифло-испэктээктэри туруораллар. Холобур, Опера, балет тыйаатырыгар “Лоокуут уонна Ньургуһун” испэктээккэ тифло-тылбааһы оҥорбуттар. Ол эбэтэр, сыанаҕа туох буола турарын, хайдах таҥас­таах, дьүһүннээх артыыс тахсыбытын, тугу гыммытын, хайдах туттубутун-хаптыбытын барытын анал ыытааччы кылгас, чопчу тылынан кэпсии олорор. Ону көрбөт дьон “наушнигынан” истэллэр, ырыаны сэргэ испэктээккэ туох дьайыы буолбутун өйдөрүгэр оҥорон көрөллөр.

Тифло-тылбаас судургу өҥө буолбатах, элбэх үлэни, сыраны эрэйэр. Бу үлэҕэ элбэх быраабыла баар. Холобур, дьоруойдар саҥаларын саба саҥарыа, киинэ, испэктээк ис хоһоонугар оруолу оонньуур ырыаны мэһэйдиэ суохтааххын. Онон дьоруойдар тылларын, кэпсэтиилэрин быыстарыгар сөп түбэһиннэрэн, быһаара охсуох­тааххын.

Тифлокомментатор идэтигэр Арассыыйаҕа соҕотох, Москваҕа баар “Реакомп” институт бэлэмниир. Дойду үрдүнэн 200-чэ эрэ тифлокомментатор баар. Саха сиригэр көрбөттөр бибилэтиэкэлэрэ эрэ тифло-тылбааһынан дьарыктанар эбит буоллаҕына, билигин култуура эйгэтигэр бу өҥө улам киирэн иһэр.

Бу “Лоокуут уонна Ньур­гуһун” испэктээккэ тыйаа­тыр анаан 50 миэстэни биэрбитэ. Улуустартан кытта айаннаан кэлэн, истибиттэрэ, олус астыммыттара. Быйыл эмиэ тыйаатыр былааныгар тифло-тылбаастаах испэктээктэр киирэллэрэ былааннанар. Маны сэргэ, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар икки испэктээккэ тифлокомментарий оҥорбуттара. “Сахафильмы” кытта үлэлэһэн, уонча киинэни оҥорбуттара. Хампаанньа “Надо мною солнце не садится” киинэҕэ сааланы туран биэрэн, анаан көрдөрбүттэрэ. Тифлокомментатор экраҥҥа туох буола турарын, айылҕаны, дьону, туох баар дьайыыны кэпсээн биэрэр. Онон көрбөт дьон киинэни көрбүт саҕа сананаллар, норуоттарын култууратыгар сысталларыттан үөрэллэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Иван Горнай аатынан Көрбөттөр уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал бибилэтиэкэлэрэ сыллата араас быыстапкаларга, Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустарга (“Бэчээт тиэргэнэ”, “И помнит мир спасенный”, “100 лучших библиотек России”) кыттан миэстэлэһэр, кыайар. Граннарга кыа­­йан, араас бырайыактары үлэлэтэллэр. Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ салгыы саҥа бырайыактары, интэриэһинэй тэрээһиннэри ыытар, үлэлэтэр былаан­наахтар.

Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА.

“МИЭХЭ ИНТЭРИЭҺИНЭЙ УОПУТ БУОЛАР”

Судаарыстыбаннай филармония артыыһа Дмитрий Никифоров анаан кэлэн, устуудьуйаҕа кинигэни ааҕа олорор. Артыыс, ырыаһыт буолан, сөҥ куоластаах, олус үчүгэйдик ааҕар. Манна диэн эттэххэ, нууччалыы кинигэлэри нуучча киһитэ ыраастык ааҕара ордук.

– Мин биллэриини ааҕан баран, бэйэбин саҥа дьарыкка холонон көрүөхпүн баҕарбытым. Биир өттүнэн, дьоҥҥо көмө, иккиһинэн, миэхэ интэриэһинэй уопут буолар. Киһи кинигэни хараҕынан көрөн түргэнник, аахайбакка ааҕар дии. Оттон уус-ураннык ааҕар буоллахха, ис хоһоонун сыныйан, кылгас тохтобуллары оҥорон, чуолкайдык ааҕыахха наада. Манна тута уһуллулар, хайдаҕа буолла? Уопут, дьарыктаннахха, кэлэр буол­лаҕа. Инникитин да ааҕыам дии саныыбын, – диэн кэпсээтэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

8 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

11 часов ago