Көрбөттөр бибилэтиэкэлэригэр Иван Горнай аата иҥэрилиннэ

Share

Харахтарынан көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр дьон өрөспүүбүлүкэтээҕи бибилэтиэкэлэригэр хараҕынан көрбөт бэйиэт, публицист, тифлопедагог Иван Егоров-Иван Горнай аата иҥэрилиннэ.

Маннык Ыйааҕы Ил Дархан Айсен Николаев таһааран, Иван Николаевич Егоров  култуура, литэрэтиирэ уонна үөрэх салааларыгар биллэр кылаата бэлиэтэннэ.

— Бибилэтиэкэ үлэтэ  көрбөттөр уопсастыбаларын эрэгийиэннээҕи тэрилтэтин кыра муннугуттан саҕаламмыта. Билигин тэрилтэ —  Арассыыйа анал бибилэтиэкэлэрин ситимигэр биир бастыҥнара. Бибилэтиэкэ тэриллиитэ Иван Егоровы кытары ыкса сибээстээх, — диэн СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов иһитиннэрдэ.

Москваттан, Санкт-Петербургтан, Новосибирскайтан, Уфаттан, Казаньтан, Грознайтан, Владивостоктан Ил Дархан  хараҕынан көрбөт суруйааччыны үйэтитиигэ быһаарыытын сэҥээрэн, көрбөт дьон уопсастыбатыттан сүрүн экспердэр эҕэрдэлэрин ыыттылар.

БЫҺААРЫЫ:

Иван Николаевич Егоров-Иван Горнай – биллэр бэйиэт уонна публицист, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Брайл систиэмэтинэн саха алпаабытын оҥорооччу, саха норуотуттан бастакы тифлопедагог, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэнэн наҕараадаламмыта.

Иван Горнай төрөөбүтэ 88 сылыгар…

«Бу орто туруу бараан дойдуга дьоҥҥо үтүөнү оҥорортон, үйэлээҕи айартан-тутартан ордук кэрэхсэбиллээх суоҕун тэҥэ. Айылҕа кэрэ көстүүлэрин, төрөөбүт дойдуга тапталы дьикти кэрэ тылынан хоһуйбут, дьон-сэргэ үөрүүтүн, хомолтотун дьоһуннаахтык туойбут, киһи барахсан сырдык-кэрэ ыратын киэн тутта суруйбут, бэргэн хоһуйуулардаах бэйиэт  Иван Горнай быйыл бэс ыйын 5 күнүгэр төрөөбүтэ 88 сылын туолла.

1935 сыллаахха бэс ыйын 5 күнүгэр Горнай оройуонун Ньурбаҕанчына нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1947 сыл Бэрдьигэстээххэ бэһис кылааска үөрэнэн иһэн хараҕынан ыалдьыбыта. 1952 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Доллу нэһилиэгэр баар көрбөт оҕолор оскуолаларыгар соҕотоҕун айаннаан тиийэн үөрэҕин салҕаабыта. 1955 сыллаахха Бэрдьигэстээх орто оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ.

1958 сыллаахха Ленинград куоракка Герцен аатынан пединститукка үөрэнэн, 1963 сыллаахха математик уонна тифлопедагог идэтин ылбыта. Дьокуускайга Өрөспүүбүлэкэтээҕи көрбөт оҕолор оскуолаларыгар математика учууталынан үлэлээбитэ. Бу оскуолаҕа кини олоҕун 22 сылын анаабыта.

Кэргэнэ Прасковья Васильевна Павлова —  физкультура учуутала, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна. Уоллара Родион Иванович Егоров —  физико-математическай наука хандьытаата. Родион Иванович аҕатын аатын үйэтитиигэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр бибилэтиэкэлэрин кытта ситимин быспакка үлэлиир. Ол курдук,  «Иван Николаевич Егоров-Иван Горнай: поэт, педагог, тылбаасчыт» диэн кинигэ сүрэхтэммитэ. Кинигэҕэ Иван Горнай дьоһун олоҕун сиэдэрэй сэһэнин тус бэйэтин архыыбыттан матырыйааллара, аймах-уруу дьонун, суруйааччылар уо.д.а. истиҥ-иһирэх ахтыылара киирбиттэрэ. Маны таһынан кинигэ библиографическай ыйынньыктаах. Кинигэ Иван Горнай айар үлэтигэр сүгүрүйээччилэргэ, бар дьонугар күндү, үйэлээх бэлэх уонна салгыы  үйэтитиигэ күүс-көмө буолуоҕа.

1992 сыллаахха бэйиэт бастакы кинигэтэ «Мин көрөбүн сүрэхпинэн» диэн ааттанан,  Горнай оройуонун типографиятыгар бэчээттэнэн тахсыбыта. Ол курдук, хоһооннорун, поэмаларын уопсайа 12 хомуурунньукка сырдаппыта.

Өрөспүүбүлүкэ саха тыллаах брайлистара Иван Николаевич Егоровы-Горнайы Брайль систиэмэтинэн сахалыы алпаабыт алыптаах алта туочукатын айбыт киһинэн билинэллэр, махтаналлар, киэн тутталлар. Ол курдук, 1952 сыллаахха көрбөттөргө аналлаах сахалыы алпаабыт аан маҥнай айыллыбыта. Бу алта туочука көмөтүнэн көрбөт дьон сахалыы ааҕар-суруйар кыахтаммыта.

Иван Николаевич Егоров-Горнай 2018 сыл ахсынньы 2 күнүгэр 83 сааһыгар күн сириттэн барбыта. Көмүс уҥуоҕа төрөөбүт дойдутун буоругар кистэммитэ.

(Көрбөттөр өрөспүүбүлүкэтээҕи бибилэтиэкэлэрин матырыйаалынан)

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥҥы суолунан командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ массыынатынан Хатаһынан түһэн,   Эбэбитин…

1 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саҥа сылы тыа сиригэр уратытык көрсөр үгэстээхтэр

Уус Алдаҥҥа Бээди төһө даҕаны киинтэн тэйиччи, кытыы буолбутун иһин, олус сэргэх олохтоох. Манна бааллар…

46 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эһээ Дьыл 2025 сыл туһунан

Гавриил Спиридонович Угаров-Эһээ Дьыл ХИФУ бэрэпиэссэрэ, биология билимин дуоктара, фантаст-суруйааччы. Ытык киһи Эһээ Дьыл диэн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Александр Жирков: Олохтоох аһы-үөлү, малы-салы оҥорууну үксэтии биһиги норуоппутугар тыын суолталаах

Ил Тумэҥҥэ ыытыллыбыт парламент истиилэригэр бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын элбэтии кыһалҕаларын уонна кэскилин дьүүллэстилэр. Мунньаҕы…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка икки массыына харсыспыт

Тохсунньу 1 күнүгэр киин куоракка Курнатовскай аатынан уулуссаҕа Toyota Succeed  массыына 55 саастаах суоппара утары…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: тохсунньу 3  күнэ

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Төһө тымныйарый?  Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар кыралаан кыралаан хаардыыр.…

4 часа ago