Сайыммыт сатыылаан турдаҕына, оҕуруоппут аһа күннээҕи остуолбутугар эрэ буолбакка, кэрэ аҥаардар сирэйи-хараҕы тупсаралларыгар олус туһалаах.
Онон, сайыҥҥы кэмҥэ маҕаһыынтан сирэй сыаналаах сириэстибэлэрин атыылаһартан туттунан, бэйэ оҕуруотун аһын дэлэйдик туттан, тириигэр сөптөөх лосьоннары, мааскалары оҥостон кэрэ сэбэрэни сүтэрбэккэ сылдьыахха сөп.
Сирэй тириитэ төһө сыалааҕыттан көрөн, хас да көрүҥҥэ (чэгиэн, кураанах, сыалаах, булкаас) араараллар.
Чэгиэн тириигэ:
Бытархай гына кырбаммыт оҕурсуну буокканы кытта (4:1) булкуйабыт уонна 4–7 күн туруоран баран сиидэлиибит.
Укуруоптаах ууну глицерини, 2 бырыһыаннаах борнай ууну, одьукулуону эбэтэр
испиири кытта холбоон булкуйабыт (6:1:7:6).
Ыстакаан аҥаара дьэдьэҥҥэ ыстакаан буокканы кутан, 4 нэдиэлэ туруорабыт, сиидэлиибит, онтон өссө 2 нэдиэлэ туруорабыт. Тириибит туругуттан көрөн, лосьоҥҥа уу эбэн убатан биэрэбит.
Кураанах тириигэ:
1 остолобуой ньуоска дьэдьэни ныһыйан баран, 1 ыстакаан тымныы ууга кутан булкуйабыт, хас да хос маарыланан биитэр баатанан сиидэлиибит. 1/2 чаайынай ньуоска глицерини эбэн биэрэбит. Маннык иҥэмтэлээх лосьон тириини ыраастыыр.
Ытыс сибэккини оргуйбут итии уулаах ыстакааҥҥа кутабыт. 10 мүнүүтэ туруорабыт, сойутабыт, онтон сиидэлиибит. Бузина оннугар аптыака ромашкатын, липа сибэккитин, шалфейы туттуохха сөп. Маннык көөнньөһүк тириини олус үчүгэйдик ыраастыыр, сымнатар, уоскутар.
Сыалаах тириигэ:
200 мл буоккаҕа лимону ыраастаан, кырбаан кутабыт уонна 4–7 күн устата туруоран, көөнньөһүк оҥоробут, онтон сиидэлиибит. Лосьону туттаргар тирииҥ кытарар, кыһыйар буоллаҕына, көөнньөһүккэ уу эбэн убатан биэрэбит.
Оҕурсуну эмиэ сууйан, бытархай гына кырбаан баран, 200 мл буоккаҕа нэдиэлэ устата туруорабыт. Сиидэлээн ылан, лосьон курдук туттабыт.
Мать-и‑мачеха, календула, эвкалипт, суорат ото, боруу от, ромашка курдук эмтээх үүнээйилэри булкуйан симиэс оҥорон баран, 2 остолобуой ньуосканы ылан, 0,5 лиитирэ оргуйбут ууга кутабыт. Мөлтөх уокка туруоран, 15–20 мүнүүтэ оргутабыт. Онтон 3–4 чаас туран сойбутун кэннэ сиидэлиибит, уксууһу уонна 30–50 мл календула (эбэтэр эвкалипт) испиирдээх көөнньөһүгүн эбэтэр 30–50 мл одьукулуону дуу, буокканы дуу кутан эбэн биэрэбит.
Чэгиэн тириигэ:
10–15 хаптаҕас угун сэбирдэҕин 1/2 ыстакаан оргуйбут итии ууга туруорабыт. 15–20 мүнүүтэнэн сиидэлээн баран, 1 остолобуой ньуоска хаптаҕас отонун уутун эбэбит.
Оҕурсуну бытархай гына кырбаан, ону маарылаҕа ууран баран, сирэйгэ 20 мүнүүтэ тутабыт. Мааскаҕа өссө лимон симэһинин кыратык таммалатан эбиэххэ сөп.
Бытархай гына кырбаммыт моркуобу ытыйыллыбыт сымыыт үрүҥүн кытта булкуйабыт. 1 чаайынай ньуоска бороһуок үүтү эбэтэр кырахымаалы эбэн биэрэбит.
1 остолобуой ньуоска иэдьэгэйгэ 1 чаайынай ньуоска сүөгэйи кутан булкуйабыт, кымаах тууһу эбэн биэрэбит.
Кураанах тириигэ:
2 чаайынай ньуоска сыата суох иэдьэгэйи 1 чаайынай ньуоска петрушканы эбэтэр хойуу чэйи кытары булкуйан баран, онно 1/2 чаайынай ньуоска битэмииннээх балык сыатын эбэтэр 1 чаайынай ньуоска лүөн арыытын, ону таһынан лимон эбэтэр апельсин хаҕын эбэбит. Сирэйдэрин тымыра көстө сылдьар дьоҥҥо сүбэлиибит.
Сымыыт уоһаҕын 1 чаайынай ньуоска ханнык баҕарар мас арыытын кытта булкуйан баран, онно 1 чаайынай ньуоска ромашка экстрагын кутабыт.
Сыалаах тириигэ:
2 чаайынай ньуоска сымыыт уоһаҕын 1/2 1 чаайынай ньуоска лимон эбэтэр тураах отонун уутун уонна 1–2 чаайынай ньуоска сүөгэйи кытта булкуйабыт, мааскаланан баран, чэйдээх итии кэмпи риэһи оҥоробут.
Дьаабылыканы кыра гына кырбыыбыт. Хааһы курдук оҥорон сирэйгэ уонна моонньуга биһэбит. Эмиэ ити курдук моркуоптаах, оҕурсулаах, персиктээх, хаппыысталаах, помидордаах мааска оҥоһуллар. Мааска састаабыгар эбиэс бурдугун эбэллэр.
Оҕурсуну түөркэлээн баран, 1 остолобуой ньуоска ханнык баҕарар иҥэмтэлээх кириэми кытта булкуйабыт.
1 чаайынай ньуоска эбиэс бурдугу, сымыыт уоһаҕын аҥаарын, түөркэлэммит биир моркуобу кытта булкуйабыт. Сирэйгэ 20 мүнүүтэ тутабыт, 20 хааппыла лимон уутун эптэххэ, маҥхатар дьайыыта күүһүрэр.
Хаппыыста сэбирдэҕиттэн оҥоһуллубут хааһыны бөлөнүйбүт үүтү кытта булкуйабыт (1:1). Маасканы уон мүнүүтэ тута түһэбит.
Лимон симэһинин 100 г мүөккэ эбэбит. Бу симиэһи күн аайы суунуох 10–30 мүнүүтэ иннинэ сирэйгэ, моонньуга, түөскэ биһэбит.
Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…
ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…
Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһанан саҥа төрөөбүт оҕону бэлиэтэттэрии ахсаанынан Уһук Илин уокурукка инники…
ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит.…
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар. Ленскэй…
Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…