Кэрэ эйгэтигэр ыалдьыттаатым

Кэрэ эйгэтигэр ыалдьыттаатым

Ааптар:
05.09.2022, 14:36
Бөлөххө киир:
Хаһан эрэ улуу бэйиэт ”Мин ыттан сырыттым үрүҥ күҥҥэ” диэбитин курдук, мин бүгүн сырыттым кэрэ эйгэтигэр…   Дьүөгэбит: «Биир кэрэ уһаайба баар, өссө мин эдьиийим, ону көрө, хаартыскаҕа түһэрэ, кэрэни кэрэхсии, үчүгэйтэн үөрэ барыахха», — диэбитин ылынан, Сунтаар сэлиэнньэтин биир кэрэ муннугар, Хомустаахха баран Софья Семеновна, Артем Гаврильевич Чемпосовтарга ыалдьыттаатыбыт. Ыраахтан ыҥыра-угуйа сандаарбыт оһуор-мандар олбуор

Хаһан эрэ улуу бэйиэт ”Мин ыттан сырыттым үрүҥ күҥҥэ” диэбитин курдук, мин бүгүн сырыттым кэрэ эйгэтигэр…


Дьүөгэбит: «Биир кэрэ уһаайба баар, өссө мин эдьиийим, ону көрө, хаартыскаҕа түһэрэ, кэрэни кэрэхсии, үчүгэйтэн үөрэ барыахха», — диэбитин ылынан, Сунтаар сэлиэнньэтин биир кэрэ муннугар, Хомустаахха баран Софья Семеновна, Артем Гаврильевич Чемпосовтарга ыалдьыттаатыбыт.


Ыраахтан ыҥыра-угуйа сандаарбыт оһуор-мандар олбуор чыычаахтардаах кэлииккэтин аһан киириэхтэн ыла остуоруйа дойдутугар үктэммит тэҥэ буолаҕын. Сибэкки ардаҕын аннынан ааһаҥҥын, араас отонноох мастар быыстарынан, субу ойон хаалыах курдук табачааннары, туртастары үргүппэтэрбин, күөлгэ уста сылдьар кустары көтүппэтэрбин диэбиттии, айылҕалыын силбэһэн хаалаҕын.

Дьиэлээх хаһаайын анал оҥоһуулаах оллоонугар уот оттон, түптэ буруотун унаарытан ураты истиҥ, сылаас эйгэни олохтоото. Дьиэ хаһаайына уус илиитинэн, кыраҕы хараҕынан нарылаан оҥорбут, хаһаайка киэргэтэн-симээн ураты тыыннаабыт бэсиэдкэлэрэ ааһа барыма диэбиттии ыҥыра-угуйа тураллар. Бэсиэдкэлэригэр ааттарын ааттатар, үйэлэрин уһатар сиэннэригэр анаан трон-кириэһилэ оҥорбуттарын улаханнык хайгыы көрдүм, ону кэнэҕэһин кэҥиир кэскиллээх кэнчээрилэрин улаханнык таптыыр, ытыктыыр биир улахан бэлиэ дии санаатым. Бэсиэдкэҕэ киирэн истэххинэ, хаххан көтөр өйдөөх харахтарынан одуулаан олороруттан бэйэ бодоҕун тардына түһэҕин. Оннооҕор баанньыкка киирэн истэххинэ уун утары баабыр кыылтан хаһаайка бэйэтин сылын бэлиэтин уруһуйдаабыт, муруку кыыл аан үрдүнэн тыаҕа ыстанан иһэрэ киһини сэргэхситэр. Уруһуйдуур кырааскалара, мольбертара, уһанар станоктара барыта үлэлииргэ бэлэм тураллара бу дьиэҕэ быыстала суох туох эрэ кэрэ айылла, чочулла турарын туоһулуур.


Дьокуускай куоракка Клим Федоров “Ыллыыр мыраан” диэн уһаайбата дьону-сэргэни бэйэтин кэрэ көстүүтүнэн ыҥыра-угуйа, сэргэхситэ турар. Бу Чемпосовтар уһаайбалара ситтэҕинэ-хоттоҕуна “Ыллыыр мыраан” курдук, Сунтаар биир кэрэ миэстэтэ буоларыгар саарбахтаабаппын. Эдэр ыаллар, бу ыалга сылдьан барыта дьип-дьап тутуулаах, оһуордаах-мандардаах, уратытык симэммит тутуулары көрөн, үчүгэйи үтүктүҥ, бэйэҕит олоххут уйгутун тупсарыҥ. Өссө маны таһынан хаһаайка Софья араас хоруоҥканан оҥоһуктара бу кэрэлэрин, харах халтарыйар, хайҕаан тыл ууһа тиийбэт.
Саха сэргэх ыалыгар Софья, Артем Чемпосовтарга өссө да Сунтаары сураҕырда, кэнчээригит кэҥии турарыгар баҕарабын.

«Саха сирэ», edersaas.ru анаан Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: