Кэрэ эйгэтигэр

Share

Солист, сэрии сылын оҕото Дмитрий Тихонов кэнчээри ыччакка үрдүк таһымнаах маастар-кылааһы көрдөрдө.

Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр композитордар сойуустара 45 сылын бэлиэтиир. Ол чэрчитинэн М.К.Попова аатынан Майатааҕы ускуустуба оскуолатыгар үөрэнээччилэргэ үөрэххэ-билиигэ, муусука, вокал үрдүкү маастарыстыбатыгар бэлиэ түгэн буолан ааста.

Дьокуускайтан биир дойдулаахпыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Опера уонна балет тыйаатырын солиһа Дмитрий Тихонов ыччаттарга анаан бэлэмнээбит композитор Аркадий Самойлов суруйбут «Мин аатым ааттаныа» диэн П.А.Ойуунускай хоһоонноругар ырыалары толордо. Аҕыс ырыаттан турар контата ‒ вокальнай поэма истиэххэ сонун уонна кэрэхсэбиллээх буолла. Дмитрий Дмитриевичкэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, оскуола преподавателэ Светлана Маркова доҕуһуоллаата.

Вокалга уонна фортепианоҕа анаммыт маастар-кылааска ускуустуба оскуолатын араас саастаах үгүс үөрэнээччилэрэ, эдэр толорооччулар, муусукааннар сэҥээрэн иһиттилэр. СӨ Композитордарын сойууһун сэкирэтээрэ Чаянда Скрыбыкина тэрээһин суолтатын, композитордар диэн кимнээхтэрин, саха композитордарын айар үлэлэрин, муусуканы суруйуу устуоруйатын сиһилии сырдатта, үөрэнээччилэргэ быһааран биэрдэ.

Дмитрий Тихонов контатаҕа «Син биир буолбаат», «Ыһыах», «Оһуокай», «Көтүү оһуокай», «Чохчоохой», «Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар», «Бу уоттаах бакаалы», «Мин аатым ааттаныа» ырыалары үрдүк таһымнаахтык толордо. Билигин 83 сааһыгар сылдьар сэрии сылын оҕото, Чалҕаа нэһилиэгиттэн төрүттээх Дмитрий Тихонов Аҕа дойду Улуу сэриитигэр анаммыт ырыалары толорор, элбэх кэнсиэри туруорар биир дойдулаахпыт быһыытынан биллэр. Үөлээннээҕэ Хорообуттан Александр Андреевтыын сэбиэскэй кэм ырыаларын киэҥник тарҕатан, ыччакка, норуокка иһитиннэрэ-биллэрэ сылдьар кырдьаҕастар сүүһүнэн кэнсиэри туруорбуттара.

Түмүккэ «Сэбиэскэй кэм ырыалара» кэнсиэртэн быһа тардыыны көрдөрдүлэр. Кэнсиэри Дмитрий Тихонов уонна Александр Андреев быйыл саас Дьокуускайга туруорбуттара. Майатааҕы ускуустуба оскуолатын кэлэктиибэ, норуодунай хуор күүс-көмө буолбуттара. Норуодунай откестр доҕуһуолунан бэрт үгүс биллэр ырыалар толоруллубуттар, кэнсиэри анаан-минээн устан үйэтиппиттэр. Онон мэҥэ хаҥаласка чахчы даҕаны оркестрынан толоруу үрдүктүк сайдыбытын бэлиэтээбиттэрэ.

Дмитрий Дмитриевич үөрэнээччилэргэ улууска култуура сайдыытыгар хайдах үлэлээбиттэрин-хамсаабыттарын кэпсээтэ. Култуура салаатын 16 сыл салайар кэмигэр 1970‒1980-с сылларга улууспут нэһилиэктэригэр бөдөҥ ансаамбыллар, кэлэктииптэр, ускуустуба оскуолалара тэриллибиттэрэ билигин даҕаны үрдүк таһымҥа үлэлии-хамсыы сылдьалларын, ол мин дьолум эбит диэн бэлиэтээтэ. Инникитин үөрэхтээх муусукаан, ырыаһыт буоллахтарына оскуола үөрэнээччилэрэ өйдүү-саныы сылдьалларыгар эрэннэ.

Бүгүҥҥү бэлиэ тэрээһини көҕүлээбит аҕам саастаах дьоммутугар улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы управдениетын начаалынньыгын солбуйааччы Александр Кулешов, ускуустуба оскуолатын дириэктэрэ Василий Захаров, үөрэнээччилэр махталларын тиэртилэр.

Марфа Птицына.

Хаапртыскалар М.Птицына тиксэриилэрэ

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

12 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

12 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

13 часов ago