Кэрэ куолар бэстибээллэрэ
Арай, 1989 сылтан ыла ыытыллыбыт кэрэ кыргыттар күрэстэрин кыайыылаахтарын, кыттааччыларын барыларын биир сыанаҕа түмтэххэ, хайдах буолуо этэй? Өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы “Туйаарыма Куо-1991” кыайыылааҕа Ирина Федорова бу курдук баҕа санаалаах этэ. Ол ыра санаатын олоххо киллэрэн, “Нарыммын-наскылбын” диэн бэстибээли тэрийэн эрэр.
Ирина Федорова культуролог идэлээх, кэлиҥҥи кэмҥэ “Саха этнофитнес”, “Биһик ырыата – төрүт ырыа”, “Саха күнэ” диэн ураты бырайыактары толкуйдаан, үлэлэтэр. “Этнофитнес” хамсааһына улуустарга тарҕанан, түмсүүлэр тэриллэннэр, сүүһүнэн кэрэ аҥаардары хабан, бырайыак ааптарыттан тутулуга суох, үлэлии сылдьар.
Манна кыргыттар, дьахталлар сахалыы халадаай кэтэн, сахалыы үҥкүү хамсаныыларынан үҥкүүлээн, фитнестииллэр, эттэрин-сииннэрин, ис туруктарын чэбдигирдэллэр. Үчүгэй ис хоһоонноох буолан, тарҕана, эбиллэ сырыттаҕа.
Маннык түмсүүлэр Дьааҥыга, Горнайга, Кэбээйигэ, Тааттаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Чурапчыга, Өлүөхүмэҕэ, о.д.а. улуустарга бааллар. Оттон Ирина бэйэтэ хас өрөбүл ахсын “Модун” спортивнай комплекска дьарыгы ыытар. Манна ханнык баҕарар кыыс, дьахтар кэлэн дьарыктаныан сөп.
Бары Кэрэ куолары – биир сыанаҕа
— Күрэстэһии, бэрт былдьаһыы – айылҕаттан кыыс айылгыта буолбатах. Күрэстэһии күүрүүнү, ыгылыйыыны, долгуйууну үөскэтэр. Күрэстэһии успуорка баар буолуон сөп. Кыыс барыта туспа кэрэлээх, кими эрэ чорботон, уһун уҥуоҕунан, синньигэс биилинэн кээмэйдээн, омуктары үтүктэн, сөтүөлүүр таҥастаах хаамтаран, сүүмэрдээн, талан ылаллара кыыс ис туругар, айылгытыгар сөп түбэспэт.
Онон мин бу “Нарыммын-наскылбын” бырайыакпын күрэс быһыытынан буолбакка, бэстибээл курдук тэрийэр оруннаах диэн түмүккэ кэлбитим. Урут саха киһитэ айылҕаны кытта ситимэ күүстээх эрдэҕинэ, кыыс нарына-намчыта иһигэр иитиллэ сылдьар буолара. Нарын турук – истиҥ, кэрэ, намчы. Нарын иэйииттэн олох саҕыллар. Ол иһин бырайыак “Нарыммын-наскылбын” диэн ааттаммыта.
Бэстибээл сыала-соруга – саха кыыһын, мааны хотунун кэрэтин, олоххо дьулуурун, ис күүһүн көрдөрүү. Маннык тэрээһин Саха сиригэр өссө буола илик.
Үөрүү – олох тутула. Кыыс, дьахтар үөрүү, дьол эйгэлээх, тулатыгар сырдыгы-ырааһы, үтүөнү, сылааһы эрэ тарҕатар аналлаах. Онон кыргыттар бэстибээлгэ күрэстэһэ буолбакка, сырдыгы сыдьаайа, үөрэ-көтө, ыллыы-туойа, үҥкүүлүү сылдьан, кыттыахтара.
Бэстибээлгэ Саха сирин нарын, улуу кэрэ эйгэтин айхаллыы, туойа-хоһуйа, дьиҥнээх үөрүү-көтүү түһүлгэтэ төрүттэниэҕэ. Бу эрэ күн харах халтарыйар кэрэтэ, сир симэҕинии сириэдийэр мичээрдэр, дьол кыымнаах харахтар, сып-сырдык, сылаас эйгэ, үөрүү туруга – биир сыанаҕа түмүллэн, Кэрэ куолар, Далбар Хотуттар сирдээҕи аналларын ситэрэн-хоторон кэпсиэхтэрэ, дьоҕурдарын арыйан, бар дьоҥҥо итэҕэтиэхтэрэ, саха омук кэрэҕэ тардыһыытын кэрэһэлиэхтэрэ.
“Бэстибээлгэ Саха сирин нарын, кэрэ эйгэтин айхаллыы, туойа-хоһуйа, дьиҥнээх үөрүү-көтүү түһүлгэтэ төрүттэниэҕэ. Бу эрэ күн харах халтарыйар кэрэтэ, сир симэҕинии сириэдийэр мичээрдэр, дьол кыымнаах харахтар, сып-сырдык, сылаас эйгэ, үөрүү туруга биир сыанаҕа түмүллүөҕэ”.
1989 сылтан ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустааҕы кэрэ кыргыттар күрэстэригэр кыттыбыт, кыайбыт Кэрэ куолары барыларын биир сыанаҕа түмүөхпүт. Ааттаах-суоллаах, титуллаах кырасаабыссалар баар буолуохтара. Манна күрэскэ кыайбыт эрэ диэн буолбакка, кыттыбыт кыргыттар эмиэ кэлэллэрин тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ наада.
Быйыл улуустарга ыытан, үчүгэйдик бэлэмнэнэн баран, өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах бэстибээли эһиил саас Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэрин көрсө, Дьокуускай куоракка тэрийиэхпит. Бастаан дойдубуттан, Чурапчыттан саҕалаан, ыытыаҕым. Онтон атын улуустарга баран иһиэҕэ. Дьоҥҥо кэпсээтэхпинэ, наһаа үөрэллэр, идиэйэтин сөбүлүүллэр. Дьон күүтэр эбит. Онтон кыргыттарга эттэхпинэ, бэстибээлгэ үөрүүнэн кыттыахпыт дииллэр, — диэн Ирина кэпсиир.
“Олоҕу киэргэтэр бырайыак”
Ольга Борисова, 1993 с. “Туйаарыма Куо” күрэс кыттыылааҕа:
– Мин аан бастаан Горнай улууһугар ыытыллыбыт Кэрэ куолар күрэстэригэр кыттан кыайбытым. Онтон 1993 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи “Туйаарыма Куо” куонкуруска 2-с миэстэ буолбутум, “Айталы Куо” ааты сүкпүтүм, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин бирииһин ылбытым. Бу сыл Сардаана Куличкина-Иванова кыайбыта.
Мин сыананы наһаа сөбүлүүбүн, оҕо эрдэхпиттэн ыллыыр, үҥкүүлүүр этим. Маннык улахан куонкурустарга бэлэмнэнии, сүүрүү-көтүү, долгуйуу ураты туругу биэрэр, күүстээх энэргиэтикэлээх диэххэ сөп. Онон киһиэхэ кынат үүннэрэр.
Ирина Федорова саҥа бырайыагын туһунан истээт да, кыттарга сөбүлэҥмин биэрбитим, тоҕо диэтэр, мин олоххо көхтөөх киһибин, саҥа дьону кытта билсэрбин сөбүлүүбүн. Бу кыргыттарга, дьахталларга олус туһалаах, олоҕу киэргэтэр бырайыак дии саныыбын.
Чурапчыга бастакы бэстибээл
Сайыына Яковлева, эдэр ийэ:
– Оҕо сылдьан, 2006 сыллаахха Чурапчыга “Кырачаан Туйаарыма” күрэс кыайыылааҕа буолбутум. Онтон 2012 сыллаахха “Мисс Чурапча” күрэскэ кыттан, көрөөччү биһирэбилин бирииһин ылбытым. Устудьуоннуу сылдьан, “Мисс пединститут” күрэскэ эмиэ көрөөччү биһирэбилин бирииһин ылбытым.
Күрэскэ кыттыы эдэр кыыһы сыанаҕа толлубакка тахсарга, бэйэни атын өттүттэн арыйарга, эрэллээх буоларга, дьону кытта алтыһарга үөрэтэр, саһан сытар дьоҕурдарын арыйарга көмөлөһөр.
Мин Ирина Федорованы оҕо сылдьан аан бастаан көрөн баран, наһаа да үчүгэй Кэрэ куо, киһи холобур ылар киһитэ дии санаан, сөхпүт санаам билигин да баар. Кини наһаа кыраһыабай, туттардыын-хаптардыын нарын-намчы, онон киниэхэ тэҥнэһиэххин баҕараҕын. Улаатан да баран, сибээспитин быспакка, кинини кытта алтыһа сылдьарбыттан наһаа үөрэбин. Биир эйгэҕэ үлэлээн эрэрбитинэн киэн туттабын.
Чурапчыга бастакы бэстибээли муус устар саҥатыгар тэрийэргэ үлэлэһэ сылдьабыт. Улууска араас сылларга араас куонкурустар ыытыллыбыттар, олор кыттыылаахтарын булан түмэн, үлэ саҕаланна!
Хаартыскалары Ирина Федорова тиксэрдэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: