Кэрэ сибэккинэн сэтинньи тымныытын сэргэхситэллэр

Share

Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр  хараҕы үөрдэр кэрэчээн дьиэ сибэккилэрин олордор хаһаайкалар элбэхтэр.

Хаартыска: Марианна Сивцева тиксэриитэ.
Хаартыска: Марианна Сивцева тиксэриитэ.
Хаартыска: Марианна Сивцева тиксэриитэ.
Хаартыска: Марианна Сивцева тиксэриитэ.

Бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ олус кэрэ сайыҥҥы дьиэ сибэккилэрэ өлгөмнүк үүнэ, сибэккилии туралларын көрөн  олус астынным уонна сэҥээрдим. Ол курдук үтүөну үксэтэр хаһаайкаларбытынан Мотрена Колмогорова, Августина Александрова, Анна Тимофеева буолаллар. Мотрена кыстатаары киллэрбит сайыҥҥы петуниялара, эустомалара кырыалаах түннүгү киэргэтэн тураллара үчүгэйиэн. Хаартыскаҕа көрбүт эрэ киһи барыта астыммыт буолуохтаах.

Мотрена атын сибэккилэртэн уратыта суох биэбэйдиирин, хаһыс  да сылын сайыҥҥы сибэккилэри кыстатарын туһунан кэпсиир. Кини дьиэтин тэлгэһэтигэр  кыраһыабай сирень мас  үүммүтэ номнуо сэттис сылыгар барда.  Яблонялар, акациялар, оҕуруот үүнээйилэрэ өлгөмнүк үүнэллэрин көрөн,  хаһаайка киэнэ сатабыллааҕа буоларын тута дьиэтин таһыттан быһаараҕын.

Иккис сатабыллаах хаһаайкабыт Августина Александрова, кини дьиэтигэр киирбит киһи барыта сибэкки абылаҥар куустарар. Билигин Августина 40-тан тахса глоксиния араас суордун  олордон боруобалыы сылдьар. Аны саас бар дьонугар бэрсиэҕэ, дьиэтин иһин-таһын сибэкки ыһыаҕынан ыһыаҕа.

Үһүс сатабыллаах Сииттэбит нэһилиэгин хаһаайката Анна Тимофеева буолар. Тимофеевтар дьиэ кэргэттэрэ элбэх сүөһүлээх-астаах, улахан  хаһаайыстыбалаах, оҕуруот аһын толору баһылаабыт, эдэр дьоҥҥо холобур буолар ыаллар. Ыал ийэтэ Анна  сонун сибэккилэри олордорун олус сөбүлүүр. Дьиэтин иһин-таһын киһи сөҕөр элбэх сибэккинэн симиир. Хаһан да көрө илик сонун сибэккилэриҥ, мин кэрэбин көрүҥ диэбиттии өлгөмнүк үүнэн турар буолааччылар.

Дьэ ити курдук Сииттэ сатабыллаах хаһаайкалара сэтинньи тымныытын кэрэ  сибэккилэринэн угуттаан, сылаас тыыннарын бар дьонноругар бэлэхтии олороллор.

Марианна Сивцева.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Алексей Еремеев: «Социальнай эбээһээтэлистибэбитин үбүлээһини оннунан хааллардыбыт»

Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар бүгүн 2025 с. уонна 2026-2027 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөт ылылынна. Ил…

2 часа ago
  • Култуура

Олоҥхо декадатыгар — «Бэйэ оонньуута»

Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар  аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччы дьүөгэм Хотойук Айгыына

Уус Алдан улууһун Бээрийэтэ  --  аатырбыт отоһут Г.И. Турантаев олорбут дойдута. Билигин манна, айылҕаттан айдарыылаах…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Прометей”: дьоһун оскуола — дьоһун саҕалааһын

Мин  соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей”  оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.)  сылдьан,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Экодьыктааҥҥа кыттарга ыҥыраллар

Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччылар мэтириэттэрин быыстапката аһылынна

Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр сэтинньи 27 күнүгэр сарсыардаттан Афанасий…

6 часов ago