Көрөөччү санаата: Ойуун ыар дьылҕатын туһунан киинэ
Тохсунньу 16 күнүттэн дойду үрдүнэн киинэ тыйаатырдарыгар «Шаман» диэн эдэр режиссер Михаил Мерзликин киинэтэ көстүөҕэ. Кини аан бастаан киинэтин Дьокуускайга аҕалан, көрөөччүлэр санааларын иһиттэ.
Хаартыска: «Кинопоиск».
«Лена» киинэ тыйаатырыгар «Шаман» киинэ премьерата буолла, ол кэнниттэн режиссер Михаил Мерзликин уонна биир сүрүн оруолга уһуллубут биллэр артыыс Амаду Мамадаков көрөөччүлэри кытта кэпсэттилэр, санаа атастастылар.
Дьэ, бу кэнниттэн, тохсунньу 13 күнүгэр киинэ уһуллубут сиригэр — Хакасия Абакааныгар премьера буолуоҕа. Тохсунньу 16 күнүттэн бары киинэ тыйаатырдарыгар көстүөхтээх. Бу киинэни Арассыыйаҕа бастакы фолк-хоррор истииллээх киинэ диэн сыаналыыллар.
Михаил Мерзликин бэйэтэ Хакасия кыра дэриэбинэтигэр төрөөбүт, улааппыт киһи. Историк идэлээх, этнографиянан дьарыктанан, ойууннары кытта элбэхтик алтыспыт, үөрэппит. Хакасияҕа күүстээх ойууннар бааллара биллэр. Оттон кини Саха сиригэр ойууннар уонна киинэни сыныйан көрөөччүлэр бааллар диэн, анаан кэлбит эбит.
Дьэ, киинэ кэнниттэн көрөөччүлэр туран, санааларын эттилэр. Биир көрөөччү туран, бу киинэҕэ уонна Саха сиригэр ойууннарга сыһыан арыый атын соҕуһун сөпкө бэлиэтээтэ. Сорохтор «Пугало» киинэҕэ майгыннаттылар. Чахчы, манна эмиэ ойуун ыарахан дьылҕатын туһунан кэпсэнэр. Иккис көрөөччү: «Ити дьоруойдар ортолоругар хакаас киһитэ суоҕуттан үөрдүм, тоҕо диэтэр, дьиҥ итэҕэллээхтэр ойууҥҥа итинник сыһыаннаспаттар» диэтэ. Режиссер соруйан итинник гыммытын уонна баҕа санааларга дьиҥ кыһалҕаны — доруобуйа боппуруоһун киллэрбэтэҕин билиннэ.
Оттон эдэр көрөөччүлэр киинэни сөбүлээбиттэрин биллэрдилэр.
Манна даҕатан эттэххэ, «Шаман» киинэҕэ Арассыыйа биллэр артыыстара оонньообуттар: Марина Федункив, Амаду Мамадаков, Юрий Майнагашев (ойуун оруолугар), Антон Зацепин, Олег Васильков, уо.д.а. Марина Федункив ийэттэн төрүү сыгынньахтанарын манна эрэ көрүөххүт (тс-с!)…
Мин бэйэм эмиэ көрөөччү быһыытынан, санаабын этиэхпин баҕардым. Чахчы, Саха сиригэр киинэ ымпыгын-чымпыгын өйдөөн көрөр, кыраҕы көрөөччү баар. «Тоҕо итинник диэтэ? Тоҕо итинник быһыыланна? Тоҕо итинник буолла?» диэн элбэх ыйытыыларга хоруй көрдүүр. Итэҕэйдэҕинэ, ис сүрэҕиттэн сөбүлүүр.
«Шаман» киинэҕэ итинник ыйытыы элбэх. Дьиҥэ, дьон куһаҕан кэмэлдьитин, киһилии быһыытын сүтэрэрин көрдөрөөрү, омуннаах соҕустук уһуллубут киинэ буолар. Ол да буоллар, киһи итэҕэйбэтэ элбэх. Холобур, итинник курдат көстөн турар хайаҕастардаах үүтээни күнүстэри-түүннэри отуннахха эрэ, тоҥон өлбөтүҥ буолуо. Оттон ити үүтээҥҥэ оһох да баара көстүбэт.
Аны туран, кыргыттар, дьахталлар кыһын хаардаахха аҥаардас чулкунан эрэ уонна бэргэһэтэ суох сылдьаллар. Баҕар, массыынанан кэлбиттэрэ буолуо диэҕи, сатыы сылдьаллар дииллэр. Маанылара, муодунайдара сүрдээх, куорат кыргыттарын курдуктар. Ол эрээри, бары чугастааҕы дэриэбинэ дьоно, бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстээх буолан тахсаллар. Дэриэбинэ кыргыттара ити курдук таҥныбаттар, саатар, арыый халыҥатыныах эбиттэр дии саныыгын. Тымныы сиргэ олорор дьон, биһиги итини билэр аҕай буоллахпыт.
Чэ, ити хааллын, бытархай алҕастар буоллахтара. Чахчы, Саха сиригэр ойууннарга сыһыан ураты. Сэбиэскэй кэмҥэ дьиҥнээх улуу ойууннар олоро сылдьыбыттара. Кинилэр киһи киэнэ бэртэрэ, майгылаах бастыҥнара этилэр, ону тэҥэ, сэмэйдэрэ, үтүө санаалаахтара. Төһө да бобуу-хаайыы баарын иһин, олохторун тухары дьоҥҥо көмөлөһө, эмтии, араҥаччылыы олорбуттара. Ол иһин ойууннарга ытыктабыл күүстээх. Кинилэр ити курдук гыныа суох этилэр дии саныыгын. Ама дуу, «баран, киһини өлөр, күүһүлээ» диэхтэрэ дуо?
Биллэн турар, үрүҥ, хара ойууннар диэн баар буоллахтара. Киинэҕэ көстөр ойуун, төһө да ыар сүгэһэрдээҕин иһин, иччилэр эрэ эппиттэринэн оҥорор. Иччи дуу, үөр дуу дьахтар аттыгар хаама сылдьар. Ол аата кини, нууччалыы эттэххэ, «марионетка демонов» буоллаҕа дуу? Ол иһин мээнэ ойууннарга сылдьар, мээнэ баҕа санааларын толорторо сатыыр сэрэхтээҕин режиссер көрдөрө сатаабыт.
Кэнники кэмҥэ Москва диэки ойууннарга интэриэс улааппыт. Кураанах салгынтан харчыны оҥорор дьон, нео-шаман, экстрасенс дэнээччи элбээбит. Ис дьиҥин билбэккэ эрэ, эттэтиини да ааспакка сылдьан, дүҥүрү туттум да ойуун буолабын, дьонтон харчы ылыахпын сөп дии саныыллара сэрэхтээх. Маны тэҥэ, үгүс дьон «ойуун диэн баҕа санааны толорор аптаах оҕонньор» диэх курдук күдээринэ саныыллар. Режиссер бу маннык сыһыантан кыһыйан, «Шаман» киинэни устубут.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: