Быйыл нуучча улуу бэйиэтэ Александр Сергеевич Пушкин төрөөбүтэ 225 сыла бэлиэтэнэр. Кини аата нуучча литературнай тылын төрүттээччинэн ааҕыллар, айымньылара омугуттан, сааһыттан, итэҕэлиттэн тутулуга суох араас көлүөнэҕэ ааҕыллан, аан дойду норуоттарыгар тылбаастанан кэллэ. Арассыыйа бары норуоттарыгар кини айымньылара үйэлэри уҥуордаан, Пушкин аата мэлдьи биһигини кытта баар.
Бу күннэргэ улуу бэйиэт А.С.Пушкин төрөөбүтэ 225 сылыгар анаан, кини сүдү талааныгар сүгүрүйэн, Ньурба оройуонун кииннэммит бибилэтиэкэтин ситимин бибилэтиэкэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Бэрэсидьиэнин И.И.Крафт аатынан бириэмийэтин лауреата, Дьиикимдэ нэһилиэгин олохтоох бибилэтиэкэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр кэллэксийэньиэр Светлана Никандровна Павлова Дьокуускай куорат В.Г.Белинскэй аатынан кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэтигэр нуучча тылыгар муҥура биллибэт, түгэҕэ көстүбэт киэҥ аартыгы арыйбыт, улуу бэйиэккэ анаммыт «Мой Пушкин» диэн тус быыстапкатын туруорда.
Биир идэлээхпит улуу Пушкиҥҥа анаан, уһун кэмҥэ дьаныһан туран хомуйбут сыаната биллибэт баай кэллиэксийэтигэр 700-тэн тахса экспонат баар. Бу ураты дьикти кэллиэксийэ улуу бэйиэт олоҕун, айар үлэтин киэҥник уонна итэҕэтиилээхтик көрдөрөр. Ол курдук Светлана Никандровна кэллиэксийэтигэр 300-тэн тахса кинигэ тутуурдаах статуэткалар, чэрэниилэ кутар иһиттэр, 850 уруучука, 97 билии бэлиэтэ — мэкчиргэ уо.д.а сувенирдар бааллар. Идэлээх үлэһит буолан, кини хас биирдии экспонатын туһунан ис киирбэхтик кэпсээн ааҕааччыны умсугутар.
Таптыыр идэтигэр, үлэтигэр олоҕун анаабыт Светлана Никандровна туһунан олус элбэҕи кэпсиэххэ сөп. Онтон судургутук эттэххэ, тыа сиригэр олоҕу тыынныыр, кэрэни түстүүр, билиигэ сирдиир, айарга-тутарга анаммыт олоҕо, идэтин таба тайаныыта, үлэтигэр бэриниитэ барыбытыгар үтүө холобур. Бэйэбит икки ардыбытыгар Светлананы «Библиотекарь от бога» диэн ааттыыбыт, ол да кини туһунан элбэҕи этэр.
Маннык баай ис хоһоонноох Пушкин туһунан быыстапка атын сиргэ баара буолуо дии санаабаппын.
«Мой Пушкин» тус быыстапка ускуустуба биир үрдүк кэрэхсэнэр айымньытынан буолан, үтүө иэйиилэри лиирэнэн уйгуурдан кэрэни кэскиллээбит, өлбөт-сүппэт айымньылары хаалларбыт улуу Пушкин аата хас биирдиибит сүрэҕэр мэлдьи баар буола туруоҕар үйэлээх үлэни ыыта сылдьар, үтүөнү үксэппит ытыктыыр биир дойдулаахпар, бииргэ алтыспыт дьүөгэбэр киэн тутта эҕэрдэбин уонна махталбын тиэрдэбин.
Мария НИКОЛАЕВА, Ньурба
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…