«Кэрэхтээх» алааска түһүлгэни саҥардыахтара

Share

Таатта улууһун Дьүлэй нэһилиэгэр олохтоох нэһилиэнньэ  көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама чэрчитинэн үгүс үлэ ыытыллыбыт. Ол курдук бу бырагыраама үлэлиэҕиттэн араас хайысхалаах бырайыактар оҥоһуллан үлэҕэ киирбиттэр.

Бу туһунан Дьүлэй нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Любовь Ефимова санаатын үллэһиннэ:

-Олохтоохтор көҕүлээһиннэрин өйөөһүн бырагырааматынан өрөспүүбүлүкэҕэ үп көрүллэр. 500-1000 нэһилиэнньэлээх сирдэргэ субсидия  кээмэйэ  2 мөл. солкуобайга тэҥнэһэр. Биһиги нэһилиэкпит олохтоох нэһилиэнньэҕэ көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа 2018 сылтан кыттар. Ол курдук ити сыл биһиги нэһилиэкпит сынньалаҥ зонатын үлэҕэ киллэрбитэ. 2019 сыллаахха Мэмэн Түөрэ диэн түөлбэҕэ чааһынай ыалларга киин ититэр ситими киллэриигэ матырыйаал ыларга ылсыбыта. 2021  сыллаахха бу бырагыраама көмөтүнэн кыайыы искибиэрин киин уулуссабытыгар оҥорбуппут. 2022 cыллаахха кылабыыһалары күрүөлээбиппит. 2023 сылга биһиги «Үтүө дьыала» чэрчитинэн уонна норуот күүһүнэн 2000 сыллаахха тутуллубут култуура уонна успуорт киинин аныгы теплоизоляционнай матырыйаалынан ититии үлэтин оҥорбуппут. Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ эмтээҕинэн биллэр күөллээх Кэрэхтээх алааска ыһыахтыыр түһүлгэни саҥардыы бырайыагынан кыттарга бэлэммит. Икки ураһаны, киирэр аарканы, дьон олорор тырыбыналарын, атыы-эргиэн лааппыларын саҥардан тутуу бырайыактанна. Кэрэхтээх алаас нэһилиэкпит биир ытык миэстэтинэн буолар. 2006-2007 cc ХИФУ биолого-географическай факультет күөллэри чинчийэр лабораторията Иннокентий Жирков салалтатынан чинчийэн барбыттара. Чахчы уута, бадараана эмтээҕин «Абалаах» бадараанын кытта тэҥ эмтээҕин дакаастаан Москваҕа, Томскайга баар институттарга ыытан ханнык ыарыыларга хайдах туттулларыгар лиссиэнсийэ ыларга сүбэлээбитэ да, үп-харчы тиийбэккэ ол кыаллыбатаҕа. Онон айылҕа анаабыт кэрэ миэстэбит нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр буолбакка, киэҥ араҥаҕа ытык миэстэ буолар.

Таатта Туора Күөл нэһилиэгин тус архыыбын хаартыскалара
What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Оптуобустар эбиллиэхтэрин оннугар маршруттара уустугурда

Дьокуускай куорат ДСК оройуонун олохтоохторо оптуобус маршруттара уларыйбытыттан айманаллар. Айманаллара да оруннаах.  Олохсуйбут маршруттар кыстыгы…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түһээн төлөбүрэ чугаһаан, түөкүттэр ону бултаһан эрэллэр

Билигин кыбартыыраҕа, массыынаҕа, сир учаастагар түһээн төлөбүрэ кэлбитинэн, түөкүттэр саҥа схеманы толкуйдаабыттар. “Госуслугаҕа” тус кэбиниэккэр…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Амма бурдуга» бородууксуйа бастыҥынан ааттанна

Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, “Саха сирин 100 бастыҥ табаара” куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар. Бу тэрээһин олохтоох…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куокуй “Надеждалара”

Таҥас кэллэ да ким иллэҥнээҕинэн муста түһээт, тикпитинэн бараллар. [gallery ids="167582,167583,167584,167585,167586,167587,167588,167590,167591"] Байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарга…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тоҥнуу кыһан сииргэ ханнык балык ордугуй?

ТХНЧИ научнай үлэһитэ, биология наукатын кандидата Терентий Платонов: “Убаһа этигэр киһиэхэ сыстар паразит суох буоллаҕына,…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Алампа аатынан бириэмийэ кыайыылаахтара ааттаннылар

Анемодист Софронов-Алампа төрөөбүт күнүгэр  "Алампа'' бириэмийэни туттарыы сиэрэ-туома алтыс төгүлүн ыытылынна. Дьоро киэһэ Саха тыйаатырын…

9 часов ago