Сэрэтии: бу ыстатыйаҕа киинэ ис хоһоонун арыйар түгэннэр бааллар, онон, айымньыны көрөн эрэ баран аахпыт ордук буолуо.
Бэрт элбэх биһиги олохпутугар оҥоһуллубут киинэлэр кэлэр көлүөнэлэргэ “классическай” ааттанан, үйэлэргэ хараллар матырыйаал буолан тиийиэхтэрэ. Бу саха киинэтэ саҥа төрүттэнэр үйэтигэр олорорбутунан быһаарыллар. Тус бэйэм, саҥа тахсыбыт “Кэрэни көрбүт” хартыына сахалыы “классика киинэ” бибилэтиэкэтигэр быһалыы киирэр бырааптаммыт айымньы курдук көрөбүн. Бу бэрт күүстээх сабаҕабын бу ыстатыйаҕа көмүскээн көрүүм.
Кэрэни чинчийии
Киинэ маҥнайгы каадыра киһи сүрэҕин чопчу ортотунан киирэр кэрэ көстүүттэн саҕаланар – сайыҥҥы күн бүтэн, күн саҕахха киирэн эрэр, халлаан аҥаара араас өҥнөрүнэн кытыастар, силигилии үүммүт алаас ортотунан уста сытар үрэх ньуура ону тэйитэн өссө күүркэтэр, байытар… Айылҕа бу өрөгөйдүүр дьүһүнүн көрөн турар сүрүн дьоруойбут Ыстапаан Бөрөсүөкэп иэйиитин тулуйбакка, миэстэтигэр уҥан түһэр…
Дьиҥэр, кэрэ көстүү биһигини куруутун тулалыыр. Ол эрэн, күннээҕи олох түбүктэригэр ылларан, харахпыт “чэрдийэн” ону көрбөт, кэрэхсээбэт буолабыт. Бу туһунан “Кэрэни көрбүт” уус-уран киинэ ааптара Люба Борисова соһуччу албаһы туттан көрдөрөргө санаммыт. Кэрэҕэ олус уйан сүрэхтээх, “дьулайа аһаҕас” Ыстапаан дьикти ыарыылаах – күүстээх долгуйууттан уҥан “летаргическай утуйуу” туругар киирэр, өлбүт киһи курдук буолар. Ыстапаан айылҕа эрэ көстүүлэрин кэрэхсээбэт, кини сытыы харахтаах, дириҥи өйдүүр дьоҕурдаах. Холобур, хаһан да эрдэ харахтаабатах Европа ускуустубатын холобурун, Леонардо да Винчи “Мадоннатын” куопуйатын көрөн, бу дьиҥ чахчы кэрэ айымньы буоларын өйдүүр, биһириир. Судургу кыыс кэрэтэ, ураты уус чорооҥҥо түһэрбит дьарҕаата, сииккэ күн уота саҕыллара, барыта кини сүрэҕэр супту киирэр, “ыарыытын” көбүтэр.
“Ыстапаан хараҕынан тулаҕытын көрүнүҥ, кэрэни биһирээҥ!” диир режиссер Люба Борисова.
Ол эрэн, бу киинэ аҥаардас Бөрөсүөкэп эрэ кэрэҕэ тапталын туһунан сэһэн буолбатах. Бииргэ айанныыр аргыһа Уйбаан Попов дьиктини-кэрэни сыаналыыр, мунньар, бэйэтэ кэрэ хартыыналары уруһуйдуур, дьикти көстүүлэри хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэр. Көрсөр дьонноро эмиэ бары ураты дьоҕурдаахтар, үгүстэрэ кэрэни кытта туспа сыһыаннаахтара көстөр. Чороон чочуйар маастар бастыҥ оҥоһуктарын кытта арахсыан баҕарбат, онтон сылтаан улаханнык ночоотурарын да кэрэйбэт (ууһу Борисова маҥнайгы киинэтигэр сүрүн оруолу толорбут Степан Петров оонньуур). Быстах көстөн ааһар уол сэппэрээтэри кууһа сылдьар, дьоҥҥо “аныгы үйэ бастыҥ ситиһиитэ” буоларын туһунан этэр, технология сайдыытынан абыламмыта көстөр. Тойуксут уол билбэт ырыатын кэрэхсээн, сыанатын кэрэйбэккэ атыылаһар. Ити курдук, кыра-кыра көстүүлэргэ аан дойду дьиктинэн, кэрэнэн, тапталынан толорутун ааптар көрдөрөр. Аймах урууга таптал, киһилии сыһыан холобурдара, тупсаҕай оҥоһуулаах мал-сал кэрэтэ, киинэ устата айхалланаллар. Олоххо туһаны эрэ көрдөөһүн, онтон атыны барытын “солуута суоҕунан” ааҕыы кэмэлдьилээх буоларын киинэтин устатыгар Борисова бэрт чараастык, даҕатан ыйар, онтон сэһэнин чыпчаалыгар “эмтэммит” Ыстапаан холобурунан малтаччы соҕус көрдөрөр. Хас биирдии көрөөччү бу киинэҕэ бэйэтигэр чугас кэрэ холобурун булан, толкуйданар кыахтаах.
Саха хараҕа
Семен Аманатов “Кэрэни көрбүт” туруорааччы оператора буолбута киинэ биир сүрүн сүүйүүлээх өттүнэн буолар. Ботуччу соҕус өҥүнэн ойууламмыт каадырдары хантан баҕарар быһа тардан ылан хартыына курдук эркиҥҥэ ыйыахха сөп. “Цветокоррекция” диэн киинэ оҥоруутун биир сүрүн түһүмэҕин (сыыппара хаамыратыгар уһуллубут үлэ өҥүн сөптөөх турукка кубулутуу) Москваҕа Алексей Лебешев устуудьуйатыгар оҥорбуттар. Туруорааччы операторы кытта өр көрдөөн ХХ үйэ саҕаланыытыгар үлэлээбит Прокудин-Горскай диэн аатырбыт нуучча фотограбын фотопластиналарын өҥүгэр сигэнэн цветокоррекцияны оҥорбуттар. Ол иһин бу киинэ атыттартан туспа өҥнөөх буолан тахсыбыт. Аманатов бэйэтэ туспа буочардаах, элбэх дьон билиниитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ саха бастыҥ оператора. Кини бу киинэҕэ Саха сирин кэрэ көстүүлэрин, ааспыт кэм дьонун сэбэрэлэрин ис киирбэхтик кичэйэн устубут. Киинэ биир уустук уратыта – Уйбаан Попов үйэ анараа өттүгэр түһэрбит хаартыскаларын киинэ түгэннэригэр киллэрии буолар. Оператор бу соругу киһини соһутар чопчутук олоххо киллэрбит.
Бииргэ үлэ ситиһиитэ
Люба Борисова кэпсииринэн, киинэ сценарийа маҥнайгы суруллуутуттан ис хоһооно хаста да олоччу уларыйбыт. Худуоһунньук Уйбаан Попов биографиятыгар сигэнэн суруллубут бастакы сценарий олус нүһэр ис хоһооннооҕо эбитэ үһү. Онтон хас даҕаны барыйааны сыымайдаан, Москва продюсерскай кииниттэн кэлбит кыттыгас ааптары кытта (Юлия Клименко) киинэ бүтэһиктээх суруллуутун түмүктээбиттэр. “Сахафильм” продюсердара ситиһиилээх үлэлэрин түмүгүнэн, киинэни Иван Болотников салайар Арассыыйа улахан продюсерскай киинэ өйөөбүт, онон киэҥ далааһыннаах улахан бырайыакка кубулуйбут. Бу маны биир чахчынан туоһулуохха сөп – “Кэрэни көрбүт” бырайыакка 185 артыыс уһуллубут, барыта 300-тэн тахса киһи үлэлээбит. Саха киинэтигэр бу киһи сөҕөр үрдүк үбүлээһини көрдөрөр таһым.
Оттон киинэ сүрүн дьоруойдарын таҥыы дьиҥ сахалыы ыытыллыбыта көстөр: Александр Чичахов эрдэ киинэҕэ уһуллубатах киһи, оттон Уйбаан Попову оонньуур Дариус Гумаускас Литваттан кэлбит. Люба Борисова бу дьону бастаан сирэйдэринэн прототиптарыгар майгынныылларын иһин талбыта. Хата, Нөмүгү олохтооҕо Чичахов айылҕаттан айдарыылаах артыыс буолара көстөн, бу киинэ өссө биир таба тайаныыта буолбут.
Бу устуоруйаҕа сигэнэр элбэх көстүүм, реквизит булуутун, оҥоруутун ирдээбит бырайыак. Элбэх киинэҕэ үлэлээбит уопуттаах исписэлиис, туруорааччы худуоһунньук Саргылаана Скрябина улахан сыратын бараан, бэрт саталлаахтык үлэтин оҥорбута көстөр.
Киинэ оҥоро сылдьан Люба Борисова “таарыччы” историческай үлэнэн дьарыктаммыта. Холобур, баай кыыс симэҕин Попов хаартыскатыгар сигэнэн оҥоруу үлэтэ ювелирнай дьыалаҕа уонна этнография наукатыгар суолталаах арыйыылары аҕалбыта.
Киинэ, эппитим курдук, Уйбаан Попов хаартыскаларыгар, уруһуйдарыгар, этнографическай көрдөөһүннэригэр олоҕуран уһуллубут. “От охсооччу”, “Умнаһыт дьахтар”, “Торбос”, “Сэрэбиэйдьит” курдук хас биирдиибит кыра эрдэхпититтэн көрө улааппыт хаартыскаҕа түһэриилэр, хартыыналар тиллэн кэлэллэр, саҥаны кэпсииллэр. Батталлаах, былыргы олох диэн “сэбиэскэйдии” сыанабылтан тэйэн, дьон туһунан туспа сэһэнниир кэрчик кэпсээннэргэ кубулуйбуттар. Бу былыргыны уонна билиҥҥи күннээҕи олох көстүүлэрин ситимниир ньыма Люба Борисова киинэтэ уһулуччу таһымнаах уус-уран айымньы буоларын туоһулуур.
Түмүккэ
“Кэрэни көрбүт” араас таһымнаах аан дойду бэстибээллэрин кэрийэн элбэх бирииһи хомуйара буолуо. Ол эрэн, дьиҥнээх ис хоһоонун саха устуоруйатын, билиҥҥи олоҕун-дьаһаҕын дириҥник билэр эрэ киһи олоччу өйдүүр кыахтаах. Бу киинэни оҕону сахалыы иитиигэ туһаныахха сөп, сааһын сиппит да дьоҥҥо, бэрт элбэх өйдөбүллэри толору ылыналларыгар көмө буолуон сөп. Сахалыы киинэ сөптөөх үбүлээһин баар буоллаҕына, сөҕүмэр үрдүк чыпчааллары ситиһиэн сөбүн “Кэрэни көрбүт” туоһулуур.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…