«Кэрэни көрбүт» киинэҕэ анаммыт быыстапка аһылынна
Национальнай художественнай мусуойга “Кэрэни көрбүт” киинэҕэ анаммыт быыстапка аһылынна диэн СИА суруйар.
— Саха киинэтэ Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга билиннэ. Киинэни уһулааччылар бастакы худуоһунньук Иван Попов олоҕун, саха култууратын сырдатарга туруммуттарын олус үөрэ истибиппит. Бу быыстапка эгэлгэ экспонаттардаах буолан, интэриэһинэй. Манна Иван Попов «Шаман», «Якутск XVII столетия», «Теленок» диэн аатырбыт хартыыналара, атын да уруһуйдара, киинэҕэ туһаныллыбыт ураты реквизиттэр, көстүүмнэр, оччотооҕу кэми үтүгүннэрэн, анаан оҥорторуллубут мал-сал, таҥас-сап көрдөрүүгэ турдулар, — диэн мусуой дириэктэрэ Влада Тимофеева кэпсээтэ.
Чахчы, манна кэлбит дьон ХХ үйэ саҥатынааҕы кэмҥэ тиийэн хаалбыт курдук сананыа: мусуой коллекциятыттан былыргы чорооннор, кымыс иһэр иһит-хомуос, үрүҥ көмүс киэргэллэр, туостан оҥоһуктар, таҥас-сап, о.д.а. бааллар.
Быыстапканы арыйыыга бастакы худуоһунньук сиэнэ Иван Попов, Ыстапаан Бэрэсиэкэби оонньообут Александр Чыычаахап, устар хамаанда чилиэннэрэ кытыннылар, киинэни хайдах устубуттарын кэпсээтилэр.
“Кэрэни көрбүт” («Не хороните меня без Ивана») киинэ “Зимний” киинэ бэстибээлигэр “Бастыҥ фильм” аатын, Казахстаҥҥа “Евразия” киинэ бэстибээлин анал бирииһин ылбыта. Тохсунньу 26 күнүттэн киинэ Москваҕа, Санкт-Петербурга, Новосибирскайга, Екатеринбурга, Нижнэй Новгородка, Пермьҥэ, Самараа, Магнитогорскайга көстөр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: