«Кэрэни көрбүт» киинэҕэ анаммыт быыстапка аһылынна

Share

Национальнай художественнай мусуойга “Кэрэни көрбүт” киинэҕэ анаммыт быыстапка аһылынна диэн СИА суруйар.

Саха киинэтэ Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга билиннэ. Киинэни уһулааччылар бастакы худуоһунньук Иван Попов олоҕун, саха култууратын сырдатарга туруммуттарын олус үөрэ истибиппит. Бу быыстапка эгэлгэ экспонаттардаах буолан, интэриэһинэй. Манна Иван Попов «Шаман», «Якутск XVII столетия», «Теленок» диэн аатырбыт хартыыналара, атын да уруһуйдара, киинэҕэ туһаныллыбыт ураты реквизиттэр, көстүүмнэр, оччотооҕу кэми үтүгүннэрэн, анаан оҥорторуллубут мал-сал, таҥас-сап көрдөрүүгэ турдулар, — диэн мусуой дириэктэрэ Влада Тимофеева кэпсээтэ.

Чахчы, манна кэлбит дьон ХХ үйэ саҥатынааҕы кэмҥэ тиийэн хаалбыт курдук сананыа: мусуой коллекциятыттан былыргы чорооннор, кымыс иһэр иһит-хомуос, үрүҥ көмүс киэргэллэр, туостан оҥоһуктар, таҥас-сап, о.д.а. бааллар.

Быыстапканы арыйыыга бастакы худуоһунньук сиэнэ Иван Попов, Ыстапаан Бэрэсиэкэби оонньообут Александр Чыычаахап, устар хамаанда чилиэннэрэ кытыннылар, киинэни хайдах устубуттарын кэпсээтилэр.

“Кэрэни көрбүт” («Не хороните меня без Ивана») киинэ “Зимний” киинэ бэстибээлигэр “Бастыҥ фильм” аатын, Казахстаҥҥа “Евразия” киинэ бэстибээлин анал бирииһин ылбыта. Тохсунньу 26 күнүттэн киинэ Москваҕа, Санкт-Петербурга, Новосибирскайга, Екатеринбурга, Нижнэй Новгородка, Пермьҥэ, Самараа, Магнитогорскайга көстөр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

12 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

12 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

12 часов ago