“Кэрэни көрбүт” киинэни «Бастакы» ханаалга “Закрытый показ” биэриигэ ырыттылар
“Кэрэни көрбүт” киинэни Арассыыйа тэлэбиидэнньэтин «Бастакы» ханаалыгар, “Закрытый показ” биэриигэ ырыттылар.
Саха киинэтин режиссера Люба Борисова этэринэн, «Останкино» устуудьуйатыгар улахан делегациянан тиийбиттэр. Александр Гордон биэриитигэр Люба Борисова, киинэ сүрүн дьоруойа Александр Чичахов, “Сахафильм” салайааччыта Алексей Егоров – Өркөн, биллэр артыыстар Дмитрий Шадрин – Шандор, Ньургуйаана Шадрина, урукку култуура миниистирэ Юрий Куприянов, киинэ оператора Семен Аманатов, туруорааччы худуоһунньук Саргылана Скрябина, киинэҕэ эспиэринэн үлэлээбит Александр Дьяконов уо.д.а. биллэр дьон кыттыыны ылбыттар.
Дмитрий Шадрин бэйэтин социальнай ситимигэр бу туһунан суруйбут: «А. Гордон биэриитигэр уһулуннубут. „Не хороните меня без Ивана“ киинэбитин күүскэ, бэркэ ырыттылар. Аны күүтэбит, хаһан көрдөрөллөрүн!!! Саха киинэтэ аан бастакытын Пиэрибэй ханаалга! Махтал, киинэни уһуларга күүс-көмө буолбут дьоммутугар! Ил Дархаммытыгар Айсен Сергеевичка! Экс миниистирбитигэр Юрий Степанович Куприяновка!!! Эҕэрдэээээээ хамаандабытыгар!!! Өрүү иннибит диэки!!!».
Александр Гордон биэриитигэр уустук эбэтэр кэм бэлиэтэ буолбут уус-уран киинэлэри ырыталлар. “Груз 200”, “Овсянки”, “Все умрут а я останусь” курдук Арассыыйа киинэтигэр бэлиэ хаалларбыт айымньылар көстүбүттэрэ. Саха сиригэр сыһыаннаах “Кочегар” киинэ (Алексей Балабанов устубут киинэтэ, саха артыыһа Михаил Скрябин сүрүн оруолу оонньообута) бэрт тыҥааһыннаахтык ырытыллыбыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: